Бүгүн дойдубут үрдүнэн тохсус кылааһы бүтэрэр үөрэнээччилэр сүрүн государственнай экзаменнарын (ОГЭ) туттаралларыгар экзамены тутар пууннар техническэй бэлэмнэрин тургутар күн ааста.
Саха сирэ эмиэ бу техническэй туругу бэрэбиэркэлээн, боруобалаан көрүү тэрээһинигэр кытынна. Маныаха Уус Алдан улууһугар ОГЭ-ны тутар 16 пуун техническэй бэрэбиэркэни ааста.
Манна туох баар компьютердар, принтердэр, камералар, металлоискателлар сөптөөхтүк үлэлииллэрин бэрэбиэркэлээтилэр. Бэрэбиэркэ сүрүннээн үчүгэйдик ааста, кыра кыһалҕалары туоратыыга үлэ барар.
Бу тэрээһин кэмигэр оскуолалар салалталарын быһаарыытынан оҕолор кыттыахтарын сөп этэ. Холобур, Танда орто оскуолатын 13 үөрэнээччитэ боруобалыыр экзамеҥҥа кытынна.
Быйыл ОГЭ-ны барыта 333 оҕо туттарарга бэлэмнэнэр. Бастакы экзаменнар география, литература, химия предметтэригэр ыам ыйын 21 күнүттэн саҕаланаллар.
Ольга Шепелева