Улууска халаан уутун кэтээн көрүү күүһүрэр

Улуус дьаһалтатын иһинэн сааскы халааны туоратар сыаллаах 21 киһилээх хамыыһыйа халаан уута кэлэр түгэнигэр бэлэм буолары тэрийэр. Ыам ыйын 12 күнүттэн анал дьаһал тахсыар диэри күүһүрдүллүбүт бэлэм режимигэр бары күүһү уураллар.

Ыам ыйын 16 күнүгэр сарсыарда 9:00 чаастаах дааннайынан, улуустааҕы ЫБМ эппиэттээх сэкирэтээрэ Николай Лугинов иһитиннэрбитинэн, Түүлээх нэһилиэгэр бэҕэһээҥҥи күҥҥэ диэри турбут муус орто кээмэйдээхтик хамсаата. Уу таһыма кутталлаах рейкаттан намыһах. Оттон Чэриктэйгэ бэҕэһээ уу таһыма 874 см тахсыбыт буоллаҕына, бүгүн 966 см тахсыбыт, ол аата, кутталлаах кээмэйгэ тиийэрэ биир миэтэрэ курдук хаалан турар. Дыгдаал бөһүөлэгэр бэҕэһээ киэһэ 18.00 чаастан муус турар. Уу таһыма ыксатар кээмэйгэ тахса илик, рейкаттан намыһах. Оҕуруоттаах уонна Хоноҕор бөһүөлэктэригэр Өлүөнэ өрүс мууһа кыралаан устар, уу таһыма намыһах. Арыы Тииккэ эмиэ өрүс кыралаан устар, уу таһыма 687 см көрдөрөр, манна кутталлаах кээмэй – 1000 см.

Кылаайыга 20 киһини батарар оскуола, 10-нуу киһини батарар оҕо тэрилтэтин уонна балыыһа дьиэтэ быстах олорууга бэлэмнэнэн тураллар. Хаһаайыстыба өттүгэр 145 төбө сүөһү, 272 төбө сылгы эрдэ бэлэмнэниллибит үрдүк учаастакка үүрүлүннэ. Оттон Чэриктэй бөһүөлэгэр 50 киһини батарар оскуола дьиэтэ быстах олорууга бэлэм. Ыам ыйын 15 күнүгэр Чэриктэйтэн 68 оҕону Дүпсүн интэринээтигэр, Бороҕоҥҥо, Бээдигэ уонна Дүпсүҥҥэ аймахтарынан көһөрдүлэр.

Чэриктэйгэ уу кутталлаах 1062 кээмэйгэ тахсар түгэнигэр, 14 киһи олорор аҕыс дьиэ ууга барар учаастакка түбэһиэн сөп. Нэһилиэккэ 91 олорор дьиэ, биэс социальнай суолталаах дьиэ баар.

Мария Аргунова