Улууска өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова үлэлээтэ

Бүгүн, Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр, Уус Алдан улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова, миниистири солбуйааччы Иннокентий Коротких, дьыалаҕа уонна материальнай-техническэй управлениеҕа департаменын салайааччыта Василий Константинов үлэлээтилэр.

Миниистир улуус баһылыгын Василий Аммосовы кытта Курбуһахтааҕы интэринээт дьиэ капитальнай өрөмүөнүн боппуруостарын, итиэннэ улууска социальнай көмө комплекснай киинин тэрийэр туһунан кэпсэттилэр.

Оробуочай сырыы бэлиэ күҥҥэ түбэһэн, Елена Волкова улууспут ытык саастаах олохтооҕор Мотрена Гоголеваҕа ыалдьыттаан, улуус социальнай көмүскэлгэ управлениетын салайааччыта Елена Кривошапкинаны кытта Мотрена Семеновнаны Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.

«Үйэ саас» бэлиэлээх 102 саастаах кырдьаҕас: «Өрүү эҕэрдэлииргититтэн олус үөрэбин», – диэн үөрүүтүн, долгуйуутун биллэрдэ.

Мария Аргунова