Улууска дьахтар хамсааһынын 100 сылынан

1924 сыллаахха ыам ыйын 18 күнүгэр Мүрү Томторугар Бороҕон улууһун дьахталларын бастакы тэрээһин мунньахтара буолан ааспыта.Оччотооҕу 100 сыл аннараа өттүнээҕи быһыы-майгы хайдах этэй уонна кимнээх аан бастакынан бу историяҕа киирбит түгэннэргэ кыттыбыттарай, тэрийбиттэрэй…

Мантан сылтаан оччотооҕу кэм быыһын сэгэтэн архыып докумуоннарын уонна хаһыаттары арыйталаан көрүөххэйиҥ.

Өссө 1985 сыллаахха кулун тутар 7 күнүнээҕи «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыакка Н. Колодезников суруйбутунан барыта 21 делегат кыттыбыта биллэр. Оччолорго Бороҕон улууһун Сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бастакы бэрэстээтэлэ Николай Николаевич Окоемов дьахтар балаһыанньатын уонна буола турар кэмҥэ дьахтар тэрилтэтин сыалын-соругун туһунан дакылаат оҥорбут. Кини бэйэтин дакылаатыгар Сэбиэскэй былаас дьахтарга эр киһини кытта тэҥ быраабы биэрбитин уонна тэҥҥэ үөрэнэр, сайдар кыах бэриллибитин итэҕэтиилээхтик кэпсээбит. Ити сыл Мигалкина Прасковья Васильевна Бороҕон улууһун дьахталларын союһун бюротун сэкирэтээринэн талыллыбыт.

Онтон 1925 сыл тохсунньу 22 күнүгэр Бороҕон улууһун дьахталларын бастакы съезтэрэ аһыллар. Онно нэһилиэктэртэн 16 делегат, 17 дьахтар ыҥырыылаах быһыытынан кыттыбыттар. Бу съездкэ П.В. Мигалкина, П.П. Говорова, А.П. Винокурова дьахталлар Саха сиринээҕи съездтэригэр делегатынан талыллыбыттар.

Ити сыл кулун тутар 8 күнүгэр саха нац.театрын дьиэтигэр үлэһит дьахталлар Саха сиринээҕи бастакы съездтэрэ аһыллыбыт, онно 86 делегат талыллан кыттыбыт, 55-саха дьахтара, кинилэртэн 36-та суруйбат-аахпат үөрэҕэ суоҕа. Съезкэ аан дойду балаһыанньатын туһунан П.А. Ойуунускай, Коммунистическай партия национальнай политикатын туһунан обком секретара Е. Пестун, үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома А.Бояров, тыа хаһаайыстыбатын кооперациялааһын туһунан А. Назаров уо.д.а. дакылааттабыттар. Тыа сирин үөрэҕэ суох дьахталлара үгүһү билбиттэр-истибиттэр, харахтара аһыллыбыт. Делегаттар ортолоругар П.А. Ойуунускай ийэтэ Евдокия Ивановна Слепцова, Александра Овчинникова ийэтэ Мария Андреевна Яковлева-Овчинникова, академик Мария Гаврильева ийэтэ Мария Федоровна Охлопкова бааллара.

Мантан саҕалаан сыыйа дьахталлар түмсүүлэрэ бөҕөргөөн испитин, делегаттары талыы уонна кулун тутар 8 күнүн бэлиэтиир туһунан оройуон хаһыаттара уонна нац.архыып матырыйааллара кэпсииллэр. Сорох боротокуоллар уонна оройуон хаһыаттара 30-с сыллара латыынныы алфавитынан суруллубуттара төһө кыалларынан тылбаастаннылар.

ПРОТОКОЛ №2

Организационное собрание женщин-делегаток Дюпсинского улуса Чериктейского наслега, состоявшегося …. 1929 г.

Присутствует 14 ч. выбраны:

Председателем: избрана Рожина Анна.

Секретарем: Кычкин Савва.

Повестка дня:

  1. Информация об организации делегаток по инициативе партячейки.
  2. Информация о практической работе делегаток.
  3. Прием новых делегаток.
  4. Выделение представителей по улусным учреждениям и организациям.

Слушали: Информация тов. Дьячковского Д.Н. об организации женделегаток по инициативе партячейки.

Постановили принять к сведению.

Слушали: Информацию улусного женорганизатора т. Петровой о практической работе делегаток. Она говорит о следующем. Практическим вопросам к поднятию активисток женщин и дальнейшим принять антикулачное участие и работе.

Слушали: Прием новых делегаток.

Постановили: В качестве делегаток принять следующих товарищей:

  1. Жиркова Елена Николаевна.
  2. Жиркова Мария Ивановна.
  3. Сивцева Харитина Лукина.
  4. Федорова Варвара Николаевна.
  5. Сивцева Мария Ивановна.
  6. Рожина Анна Митрофановна.
  7. Ушницкая Анна Макаровна.

Слушали: выделение представительницы-практикантки на улусных учреждениях и организациях. выделить следующих товарищей:

Постановили: выделить по учрежд. и организ. след. товарищей:

  1. УИК- Рожина Харитина Гаврильевна.
  2. налоговой комиссии – Сивцева Мария Ивановна.
  3. Запкап –Жиркова Елена Николаевна.
  4. РПО-во –Рожина Анна Гир???
  5. .р.т-во — Сивцева Харитина Лук.
  6. Избы-читальня –Дьячковская Пелагея Мих.
  7. Мольсовет.I концентра — Рожина Анна Митрофановна.

 II концентра – Жиркова Мария Ивановна.

  1. М-П.- Федорова Варвара Николаевна.

Собрание закрывается.

Пред: Рожина Анна Гир.?

Секретарь: Кычкин С.

 

Ити сылларга дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрин бэлиэтиири өйөөн анал дьаһаллары таһаараллар эбит, ол курдук, 1928 сыллаахха саҥа тэриллибит «Холбос» кооперация тэрилтэтэ дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн лааппыларга «Оҕо уонна ийэ» муннуктарын тэрийиини уонна кооператив чилиэннэрэ-дьахталлар усунуостарын төлүүллэригэр чэпчэтиилэри көрөрүн туһунан дьаһал ылыммыт. Маны таһынан пайщиктаахтар мунньахтарыгар дьахталлары күүскэ тардан, лааппылар комиссияларыгар дьахталлар 50% кытталларын хааччыйарга, дьахталлар бырааһынньыктарын тэрийиигэ бары өттүнэн көмөнү оҥорорго Кузьма Гаврилов («Холбос» кооператив төрүттээччи, бастакы бэрэстээтэлэ) илии баттааһыннаах дьаһала тахсыбыт.

ПРОТОКОЛ №5

Общее собрание женских делегаток, состоявшееся 1929 г., февраля 20 дня Дюпс.ул.центральной единице.

Присутствует : 12 человек делегаток – 8 ч.

Не делегат – 4 ч.

Председ: Жиркова Е.Н.

Секретарствует : Данилова О.А.

Повестка дня:

  1. “Что такое советская власть”
  2. Проведение 8-го марта
  3. Текущие вопросы.

Слушали: доклад “Что такое Соввласть”

т. Афанасьева

«Уус-Аллан, Мүрү оройуоннааҕы дьахталларын сүбэ мунньаҕа аһылынна. 6 чаас киэһэ кулун тутар ый 14 күнүгэр 1930 сыл.

Бааллар делегат дьахталлар

Мунньаҕы аста т. Куобарап Бороскуобуйа Бөт.”

“Табаарыстар! Туругурдун Аан дойду дьахтарын коммунизмын күнэ! Билигин уопсай ырыа Аан дойду үлэһитин ыччатын …. көрдөһүллэр атахтарыгар туралларыгар. Общий хор исполняет Интернационал. Аплодисменты.

Куобарап Б.Б. Билигин бу дьахталлар сүбэ мунньахтарын атаарар брүсүдүүм талыахтаахпыт. Онно талыы табаарыстар туруорунарга үс киһини үс киһини: Бурнаһыап Аана, Татаарынап уонна Бөтүрүөп Балбаара. Онтон сум… нан Дьөгүөрэп, Бурунаһыап Уйбаан.

Бу үөһэ этиллибит дьон саамай сөптөөҕүнэн ааҕыллаллар.

Бэрэссэдээтэл Бурнаһыап Аана. Билигин тыл барар т. Куобараба мунньах көрөр боппуруостарын билиһиннэриэҕэ.

Куобарап Б.Б. т. биһиги маннык боппуруостары көрөргө сөптөөх диэн бэлэмнээн турабыт.

  1. Кулун тутар 8 күн.туһунан – Куобарап Б.Б.
  2. колхозтаах хаһаайыстыба ыһыы хампаанньатын туһунан-Ньукулаайап Баһ.
  3. Сэбиэт үлэтэ онно дьахтар көмөлөһүөхтээх таб.Бэстэрикиэп Микэил дакылаата.
  4. Кэппэрэтиип “Мүрү» төгүрүк сыллаах үлэтин отчуота-Бурунаһыап Балбаара даклаата.
  5. Бороҕоннооҕу дьахталлар дэлэгээссийэлэрин үлэлэрин отчуота уонна дьахтар кэмииссийэтин оччуота.Бөтүрүөбэ даклаата.
  6. Бытаххай боппуруостар.

Бу үөһэ көрүллүбүт боппуруостар тэбэрдиит гынарга, сөптөөҕүнэн ааҕан.

Бэрэссэдээтэл Бурнаһыап Аана билигин тыл барар Арамаанапка эҕэрдэлииргэ.

Арамаанап Дь…Предс.Усть-Алд.РИК

Бөтүрүөп К.Б.(Бороҕоннооҕу Бат. сойууһун бэрэссэдээтэлэ) Урукку араатардары кытта сөбүлэһэр.Туругурдун аан дойду дьахталларын коммунизмын күнэ.

Мунньах сабылынна.

Бэрэссэдээтэл: Бурнаһыап Аана.

Чэлиэттэр: Татаарынаба, Бөтүрүөбэ.

Бары илии баттаабыттар Суруксут Ньукулаайап”.

 

“Протокол”

Аллан Төрдүн оруйуонун дьахтарын сиэксийэтин мунньаҕа буолла сэтинньи 22 күнүгэр 1931 сыл.

Бааллар: Ларыйаанап, Собунаайап, хаабыһап, Куорускайа.

көрөбүт: дьахтар дэлэгээскэй идинииссэтин дьаһайар дьону талар туһунан.

көрөбүт: маннык дьону таларга:

  1. Мүрүгэ дьаһайааччы Куорускайа Маанньа (Горская).
  2. II-Лөгөйгө – Бэстэрикиэбэ Бараскуобуйа.
  3. Бахсыга – комсомол эчиэйкэтэ.
  4. Тандаҕа – Сэсилээтинэ уонна Сэргиэйэбэ.
  5. Дүпсүҥҥэ – Ондуруосаба Кристиинэ.
  6. I-Курбуһахха – Окойуомобо Балбаара.
  7. II-Өлтөх – комсомол эчиэйкэтэ.
  8. Сыҥаах – Аргануоба (учуутал).
  9. I-Лөгөй – (Г)Дьарҕалааасаба уонна Галактионаба.
  10. Хороҕо – Бөтүрүөбэ Балбаара.

Ити курдук, 30-с сылларга кыргыттар уонна дьахталлар тэрээһиннэрэ элбэҕэ суох да буоллар, мунньахтар боротокуолларыгар тиһиллэн хараллыбыттар эбит.

1935 сыл алтынньы ый 11, 12 уонна 13 күннэригэр Мүрүгэ кыргыттар оройуоннааҕы I-кы кэмпириэнсийэлэрэ буолан ааспыт. Кэмпэриэнсийэҕэ 52 дэлэгээт талыллан сылдьыбыт. Маннык ис хоһоонноох ыстатыйа “Большевиктыы тэрийээччи” оройуон хаһыатыгар бэчээттэммит:

“Кэмпэриэнсийэ кыргыттар ортолоругар үлэ туһунан таб.Доҕойуусаба Аана уонна кыргыттар оттолоругар култуурунай-маассабай үлэ тустарынан таб. Хабырыылайап Сэмэн Д. дакылааттарын иһиттэ киэҥник дьүүллээтэ.

Кэмпириэнсийэ-оройуон ис туруга төрдүттэн уларыйбытын, култуурунай-хаһаайыстыбаннай тутуу үрдүк таһымҥа ыттыбытын, ол тэҥэ кыргыттар актыыбынастара уруккутааҕар таһыччы үрдээбитин бэт чуолкайдык бэлиэтээтэ. Биһиги оройуоммутугар 643 кыыс үөрэнэр. Кинилэр истэригэр Ногуруодаба М.И. (“Мүрү”) курдук хас эмэ уонунан ахсааннаах үөрэх туйгун удаарынньыктара үөскээтилэр. Маны таһынан – Дайыылаба Настаа, Сэмээтинэ Аана курдук уонунан ахсааннаах кыргыттар учууталынан үлэлииллэр.

Кыргыттар оттолоруттан сэссиэлискэйдии хонуу туйгуннаах удаарынньыктара үөскээтилэр, холобур: Окулуокаба Маайа, Буурсаба Мат.(Чирэпчи), Күлүүчүкүнэ Мааппа, (“Ба.рда”), Атылааһаба Мааппа(Кыһыл-Майаак) у.д.а.

Кыргыттар оттолоругар: Хотуоһаба Дэбдэ (СКСК чилиэнэ, ОСК билиэнүм чилиэнэ, Танда н/с бэрэссэдээтэлэ), Бөлөнүүскэйэ Балбаара(Тэбиик н/с бэрэссэдээтэлэ) курдук уонунан ахсааннаах үлэлээн иитиллээччи, колхуостаах маассаны салайааччылар, тэрийээччилэр үөскээтилэр.

Кэмпириэнсийэ – Дайыылап Маайаны, Буурсаба Мотуруонаны, Күөгэлэбэ Өлөөнөнү, Лакачыапскайа Аананы, Атылааһаба Маайаны, Буурсаба Маайаны, кинилэр маассаны бассабыыктыы иитэр, тэрийэр иһин охсуулаахтык бэккэ хайҕаан, биһирээн туран бириэмийэлээтэ. Бу кэннэ Окулуокаба Маайаны, Күлүүчүкүнэ Маайаны “Бассабыыктыы тэрийээччи» хаһыат сирэйинэн кыһыл дуоскаҕа таһаарарга кэмпириэнсийэ эттэ.

Маны таһынан кэмпириэнсийэ кыргыттар оттолоругар үлэ итэҕэстэрин бэт чуолкайдык ыйан туран саҥа бойобуой соруктары туруорда…”

Соруктарга киирбиттэр:

“…кыргыттартан, эдэр дьахталлартан каадыр (үлэһит) иитиитэ мөлтөҕүн бэлиэтээн туран сэбиэскэй, хаһаайыстыбаннай култуурунай үлэҕэ кыргыттартан ытыарарга, онон дьахтар актыыбын иитэргэ; оҕо былаһааккаларын, дьааһыла тэрийэн эдэр дьахталлар үлэлииллэригэр усулуобуйа тэрийэргэ; култуурунай-политическай үөрэхтээһини, сэһэннэри, бэсиэдэлэри тэрийии, ыраастык туттунан олоруу. Төрдүһүнэн,кыргыттар, эдэр дьахталлар оттолоругар култуурунайдык туттунар-дьаһанар үлэни ыытарга, эйэлээх-сүбэлээх буоларга, дьахтары намыһахтык көрөр, баттыыр-атаҕастыыр быһыылары кытта эйэлэһиитэ суох охсуһарга иитэргэ.

Бэсиһинэн, кыргыттар, эдэр дьахталлар оттолоругар бириэмэни култуурунайдык атаарыы, сынньалаҥы тэрийэргэ, онуоха үҥкүү, оһуокай тэрийии, саахымат, ырыа, муусука, бискултуура уо.д.а. куруһуоктарын тэрийтэлииргэ уонна көхтөөх оонньуулары, биэчэрдэри оҥортуурга. Алтыһынан, оҕону култуурунайдык бүөбэйдииргэ, үөрэх этиитинэн ыраастык туттарга. Оҕону сынньан-таһыйан, өһөс, киҥнээх, сидьиҥ, бас-баттах гына иитиини утары охсуһарга.

Кэмпириэнсийэ кыргыттар оттолоругар үлэлииргэ ылыммыт кэнкириэтинэй дьаһаллары олоххо киллэриигэ комсомол тэрилтэлэрэ, биирдии комсомуолустар саламтаны, көмөнү биэриэхтэрэ диэн бэккэ эрэнэн үлэтин түмүктээтэ уонна 8/III-36 с, кыргыттар 2-с оройуоннааҕы кэмпириэнсийэлэрин кыайыынан көссүөхпүт диэн бигэ тылы биэрдэ.

ЫБСЛКС ОК сэкэрэтээрэ: Хабырыылайап, С.Д.”

Мантан көрдөххө сэбиэскэй былаас бастакы сылларыттан дьахтар үөрэхтээх, сайдыылаах буолуутугар күүстээх үлэ барбыт. Улуустарга уонна нэһилиэктэргэ дьахтар отделлара, бюролара, делегаттар мунньахтара, араас дьахтар тэриллиилэрэ баар буолбуттар, улуустарга дьахталлар боломуочунайдара тахсар буолбуттар.

Оттон республика таһымыгар 20-30 сылларга биһиги биир дойдулаахтарбыт ол хамсааһыннарга кыттан инники күөҥҥэ сылдьыбыттар:

Говорова – Кулаковская В.И. – сахалар уонна бааһынайдар I көҥүл съездтэрин (1917) делегата, “Федералистар Саха сиринээҕи трудовой союзтара» партияҕа соҕотох саха дьахтарын чилиэнэ.1922 сыл Дьокуускайга тэриллибит бастакы оҕо саадын сэбиэдиссэйэ. В.И. Кулаковская кэлин партия обкомугар үлэһит дьахталлар салааларын салайбыт.

Аржакова Е.С. – саха дьахталларыттан бастакы үөрэхтээх учуутал.Саха кыргыттарын үөрэхтээһинин көҕүлээччи. Кини саха уобалаһын миссионер оскуолатын съеһигэр 1914 сыллаахха “Сахаларга дьахтары үөрэхтээһин туһунан” диэн киэҥ дакылааты нууччалыы тылынан киэҥ дакылааты оҥорбута. Кыргыттар үөрэнэллэригэр анал оскуоланы аһарга, пособиелары, меценаттары буларга бастакынан киэҥ таһымҥа туруорсубута.

Афанасьева Н.П. – саха дьахталларыттан бастакы анал идэлээх быраас.Дьокуускайга бастакы оҕо-дьахтар консультациятын арыйан салайан үлэлэппитэ, дьахтар олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга комиссия чилиэнэ, ийэ-оҕо доруобуйатын хараанныырга анал этэрээт салайааччыта.

 Готовцева М.Т. – “Саха омук” чилиэнэ, Дьокуускай уокуругун исполкомун дьахталларын салаатын сэбиэдиссэйэ, Сэбиэттэр бүтүн Саха сиринээҕи III съезтэригэр дьахтары халыымҥа кэргэн биэриини утаран, арыгылааһын содулларын туһунан трибунаттан тыл эппитэ. Көмүс хостуур идэлэригэр кадры иитии, үлэлэтии туһунан кыһалҕалары туруорсубута.

 Бурцева М.Г. – саха дьахталларыттан бастакы идэлээх журналист. Хоһоонньут «Хоро Кыыһа” суруйуулара бэйэтин кэмигэр ыччаты иитиигэ, үлэһит дьахталларга улахан суолтаны ылбыттара. “Кыым” хаһыат сэбиэскэй эргиэн отделын сэбиэдиссэйэ. Кылгас олоҕор саҥа олох бастыҥ байыаһа, улахан олугу охсон суол арыйбыт сүүнэ үтүөлээх “комсомол Маайа», “Хамыһаар Маайа” диэн аатырбыта.

Николаева-Давыдова М.Е. – Күлүмнүүр тэрийбит “Саха санаата” (1909) хаһыат редактора, сахалыы бастакы “Манчаары-түөкүн» драманы нууччалыы тылбаастабыта. Кини кылгас олоҕо саха норуотун үөрэхтээһинигэр анаммыта.

Олесова И.Д. – Саха республикатын эдэр дьахталларын съеһин делегата (1936, август-1 респ.съезд женской молодежи). Саха дьахталларыттан бастакынан “Бочуот Знага” орденынан наҕараадаламмыта, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата.

Зоя Белолюбская, Сэһэн Аржаков аатынан улуус музейын научнай сотруднига

Сүрүн хаартыскаҕа: 1925 с., I сьезд