Улууска дьахталлар хамсааһыннара тэриллибитэ 100 сыла бэлиэтэннэ

Күн бүгүн улууспутугар хас нэһилиэк аайы араас хайысхалаах дьахталлар түмсүүлэрэ үлэлии-хамсыы олороллор. Кинилэр бары олохпут социальнай, духуобунай сайдыытын түстэһэр санаалаах сомоҕолоһоллор. Бүгүн Валентина Шадрина салайааччылаах улуус дьахталларын сэбиэтэ улууска дьахтар хамсааһына тэриллибитэ 100 сылын «Улуус дьахталлара – үйэлэр үктэллэринэн» диэн дириҥ ис хоһоонноох тэрээһини ыытта.

Тэрээһини улууспутугар дьахтар хамсааһынын историятыттан саҕалаан билиҥҥи дьахталлар айымньылаах үлэлэрин көрдөрөр быыстапканы Зоя Белолюбская кэпсээн саҕалаата. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат салаатын салайааччыта Валентина Андросова улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, оттон Валентина Шадрина анал дьайыыга көмө аахсыйаҕа үлэлэспит далбардарга махтал суругу туттарда.

Тэрээһин күүтүүлээх түгэнинэн режиссер Екатерина Свинобоева туруоруутугар “Саха бастыҥ дьахталлара” тыйаатыраалынай туруоруута буолла.

Сэбиэскэй былаас эрэ иннинэ саха дьахтара дойдутун таһымыгар буолуох дьиэтин да иһинээҕи боппуруостары быһаарар кыаҕа, бырааба суоҕа. Кини хотонтон, оҕоттон, дьиэ түбүгүттэн ордон төбөтүн өрө көтөхпөтө, батталга олороро. Ол да иһин ол кэмнэргэ дьахтар өлүүтэ эр киһитээҕэр элбэҕэ. Холобур, 1897 Бүтүн ыраахтааҕылаах Россия биэрэпиһигэр Дьокуускай губерниятын көрдөрүүтүн уонна 1917 сыллаахха Дьокуускай губерниятыгар ыытыллыбыт биэрэпиһи кытта тэҥнээтэххэ, дьахтар ахсаана 14 442 киһинэн аччаабытын, оттон эр киһи ахсаана 1300 киһинэн аҕыйаабытын көрдөрбүттэр.

Сэбиэскэй былаас кэлбитин кэннэ дьахтар батталтан босхоломмута, үөрэҕи, көҥүлү ылбыта, эр киһини кытта тэҥ бырааптаммыта. 1924 сыллаахха, ыам ыйын 18 күнүгэр Мүрү Томторугар Бороҕон улууһун дьахталларын бастакы мунньаҕа тэриллибитэ. Мунньахха барыта 21 дьахтар кыттыыны ылбыта. Кинилэргэ Бороҕон улууһун сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бастакы бэрэсэдээтэлэ Николай Окоемов тыл эппитэ, Саха сиригэр дьахтар тэрилтэтин тэрийэр үлэтин туһунан иһитиннэрбитэ. Мунньахха дьахталлар сойуустарын бюротун сэкирэтээринэн 17 эрэ саастаах Парасковья Мигалкинаны талаллар. Итинтэн ыла дьахталлар хамсааһыннарын сайыннаран, 20 үйэ саҕаланыытыгар төрөөбүт дьахталлар сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ саҥа олоҕу тутууга, култуурунай революция, бүттүүн үөрэхтээһин, медицина киириитигэр үлэҕэ-хамнаска актыыбынайдык кыттыспыттара.

Кинилэртэн Саха сирин дьахталларын хамсааһыныгар инники күөҥҥэ сылдьыбыт Уус Алдан дьахталларын тустарынан, кинилэр уобарастарын бу тыйаатыраалынай туруорууга сөҕө-махтайа көрдүбүт. Кинилэри солбуйан күн бүгүн улууспут, дойдубут туһа диэн уопсастыбаннай үлэҕэ сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар дьахталлар сыанаҕа тахсан дохсун ытыс тыаһынан биһирэннилэр.

Мария Аргунова