Ахсынньы 4 күнүгэр улуус Ытык сүбэтин саҥа састааба тэрилиннэ. Манна урукку өттүгэр араас эйгэҕэ нэһилиэктэрин, улуустарын сайдыытын туһугар үгүс сыраларын биэрбит, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабылынан туһанар дьон киирдилэр.

Ол курдук Николай Герасимович Жирков, Николай Николаевич Сивцев, Семен Иванович Протопопов, Валерий Иванович Данилов, Афанасий Семенович Черноградскай, Василий Степанович Парников, Олег Федорович Федоров, Роман Яковлевич Бережнев, Галина Васильевна Находкина, Дария Николаевна Находкина, Галина Никитична Иванова сүбэҕэ киирдилэр. Улуус Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн Николай Жирков талылынна.

Ытык дьон кэс санааларын бары эйгэни хабан эттилэр. Сүрүннээн тыа хаһаайыстыбата мөлтөөн эрэрэ, демография боппуруоһа ыараабыта, нэһилиэктэр баһылыктарын кытары ситимнээх үлэ, атын улуустары кытары уопут атастаһыытын, бэстибээллэри сөргүтүү, төрөөбүт тылга болҕомто, суол-иис туһунан баҕа санааларын тиэртилэр.

Сүбэ бастакы мунньаҕын түмүгэр улуус баһылыга Василий Аммосов инники үлэ-хамнас, былааннар, бырагыраамалар туһунан кэпсээтэ. Сүбэ чилиэннэрин кэс тылларыгар, баҕа санааларыгар махтанан туран биир ситимнээхтик ыкса үлэлииргэ ыҥырда, онно бэлэмин биллэрдэ.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше