Сааһырбыттар декадаларын чэрчитинэн улуус мусуойугар алтынньы 4-10 күннэригэр улуус кырдьаҕастара, бэтэрээннэрэ улуус историятын, Томтор историческай миэстэтин кэпсиир экспозицияны, быыстапканы сэҥээрэ көрдүлэр-иһиттилэр.
Улуус мусуойун сотруднига Юлия Афанасьева бу туһунан маннык кэпсээтэ:
– Ордук “Туос иһит тойуга” диэн быыстапка үгүс киһи болҕомтотун тарта. Быыстапкаҕа туостан оҥоһуллубут иһиттэр: тымтай, чабычах, маллаах иһиттэр уонна испэ туос турдулар. Бээрийэттэн СӨ норуотун уус-уран айымньытын маастара Екатерина Васильева, Өнөртөн СӨ норуотун маастара Мария Черноградская үлэлэрэ, ону таһынан мусуой пуондатыттан кэрэ оҥоһуктар сэҥээрилиннилэр. Мүрү, Курбуһах нэһилиэктэрин аҕам саастаахтара, Үһүс саас оскуолатын «Айар иис» түмсүүтүн чилиэннэрэ ыалдьыттаатылар.