Бэҕэһээ, алтынньы 6 күнүгэр, улуус саҥа салалтата Курбуһах нэһилиэгэр олоҕу-дьаһаҕы, үлэни-хамнаһы билсэ сырытта. Манна улуус баһылыга Василий Аммосовы кытары баһылыгы солбуйааччылар Иннокентий Троев, Анатолий Сторожев, үп управлениетын салайааччыта Иван Григорьев, култуура управлениетын салайааччыта Сергей Нафанаилов сылдьыстылар.
Окоемовкаҕа тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар киэҥ кэпсэтиилэр буоллулар. Ол курдук бу бөһүөлэккэ саамай элбэх ынах иитиллэригэр үүт-эт аһы оҥорон таһаарыыны тула санааларын үллэһиннилэр.
Уус Күөлүгэр сүрүн кыһалҕа ыаллары киинтэн ититиигэ холбооһун. Бу үлэни ыытарга «Юпитер» чааһынай тэрилтэ ылсан баран баччааҥҥа диэри үлэни саҕалыы илигин этэллэр. Оттон анал байыаннай дьайыыга оҕотун сүтэрбит Анна Винокурова эмиэ дьиэтэ киинтэн ититиигэ холбонуута кыайтарда илигин кэпсээтэ. Бырабыыталыстыба таһымыгар кытары быһаарыах буолбуттара ханнык кэрдиискэ тиийбитин туоһуласта. Василий Иванович: «Нэһилиэк дьаһалтата матырыйаалын булан биэрдэҕинэ, ДьУоКХ үлэлэһиэхтээх», — диэтэ. Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата оннук үлэлии олорорун аҕынна.
Түмүккэ нэһилиэк олохтоохторо улуус салалтатын саҥа хамаандатыгар ситиһиилээх үлэни баҕардылар.
Афанасий Сектяев