«Үтүө санаа харыйата» ураты тэрээһин олус сэргэхтик ыытылынна

Кырачааннар сүрэхтэрин долгутар, сүргэлэрин көтөҕөр Саҥа дьылы көрсөр күүтүүлээх, ураты үөрүүлээх бырааһынньык бүгүн «Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинигэр тэриллэн, олус сэргэхтик, кэрэтик ыытылынна.

Улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэн, ыччат дьыалаларыгар отделын уонна улуус «Сайдыы» уопсастыбаннай түмсүүтүн тэрийиитинэн ыытыллыбыт туһугар долгутуулаах, кэмигэр алыптаах киэһэҕэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна социальнай кутталлаах балаһыанньаҕа олорор дьиэ кэргэттэр оҕолоро түмсэннэр эҕэрдэ үтүмэнин иһиттилэр, минньигэс бэлэхтэри туттулар, итиэннэ көрдөөх оонньууларга умсаннар умнуллубат күнү атаардылар.

Бу киэһэҕэ улуус баһылыга Василий Аммосов кырачааннарга эҕэрдэ маанытын анаата, кэлэн иһэр сыл бары үтүөнү, доруобуйаны түстүүрүгэр, үгүс үөрүү, ситиһии арыаллаатын диэн баҕа санаатын тиэртэ.

«Бастыҥнар хамсааһыннара» улуус оҕолорун хамсааһына тэтимнээх үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр. Мындаабатааҕы «Күнчээнэ» оҕо тэрилтэтин үлэһиттэрэ «Морозко» остуоруйа матыыбынан аныгылыы туруорууну көрдөрөн, оҕолор куттарын туттулар. Оҕо уйан дууһата, чараас санаата хас биирдии остуоруйа дьоруойун үөрүүтүн, кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэн, олуһун астыннылар.

Быйыл саҥа сүүрээн быһыытынан «Сайдыы» уопсастыбаннай түмсүү «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаны тэрийсэргэ, бу тэрээһиҥҥэ оҕолорго үөрүүнү бэлэхтииргэ күүс-көмө буолла. Маныаха түмсүү кыттыылаахтара — эдэр салайааччылар Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Майя Оллонова тикпит кыыл маскарааттарын кэтэннэр, оҕолор үөрүүлэрин үксэттилэр, хаартыскаҕа түһэртэн соло булбатылар.

 

Майя Оллонова кэргэнэ Владимир уонна эһэлэрэ Николай көмөлөрүнэн сыллата тигэн мунньубут киһи кэтэ сылдьар улаханнаах 12 сыл бэлиэтин маскарааттара бу киэһэни олус киэргэттилэр. Дьиэ кэргэн эһэтэ Николай Оллонов маннык маскарааттары оҥорорго идиэйэ киллэрэн, сыллата оҥорон оҕолорбутун үөрдүөххэ диэн этиитин толорон, кийиитэ Майя ситэрэн-хоторон биэрбит.

«Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинин, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэрин үлэһиттэрэ араас оонньууну, аралдьытыылары тэрийдилэр, хас биирдии актыыбынай оҕоҕо минньигэс бириистэри туттардылар.

Өссө биир умнуллубат түгэнинэн Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана ыалдьыттаабыттара буолла. Оҕолор эһэлэрин ыҥыран, түннүгүнэн кэтээн-манаан турдахтарына, саҥа дьыллааҕы музыка доҕуһуолунан ыраахтан сандааран көстөр уоттаах-күөстээх массыыналар киин уулуссанан сүүрдэн кэллилэр уонна күүтүүлээх кырдьаҕаспытын сиэн кыыһынаан бырааһынньыкка аҕаллылар. Оҕолуу истиҥ үөрүү умнуллубат түгэнэ манна буолла.

Бу курдук олус сэргэх, интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кыттыбыт хас биирдии улуус олохтооҕо кыттыгастаах диэтэхпитинэ сыыстарбаппын. Онон тэрийээччилэр дьоллоох оҕо саас умнуллубат түгэнин бэлэхтээбит улууспут олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр дириҥ махталларын тиэрдэллэр.

Үүнэн эрэр 2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыла биллэриллибитэ барыбытын түмүө, дьиэ кэргэн туруктаах олохтоноругар төһүү күүһүнэн буолуо, үгүс ситиһиигэ кынаттыа диэн эрэнэбит.

Ольга Шепелева

Читайте дальше