Бүгүн Худуоһунньук аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Кэрэни айар-тутар дьон анал күннэринэн сибээстээн, Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатын уруһуйга кылааһын билиһиннэриэхпитин баҕарабыт. Быйылгы үөрэх дьылыгар уруһуй салаатыгар барыта 110 оҕо үөрэнэр. Араас таһымнаах уруһуй куонкурустарыгар, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар. Архитектураҕа, дизайнҥа, академическай уруһуйга 1, 2, 3 миэстэни ылары ситиспиттэрэ.
Кэрэ эйгэ уйатыгар оҕону уруһуйга сыһыаран, бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын үллэстэн, үрдүк категориялаах учууталлар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Киэн тутта ааттыыбыт: СӨ култууратын туйгунун, “РФ култууратын бастыҥ үлэһитэ” бэлиэ, 2008 уонна 2014 сс. култуура эйгэтин үлэһиттэрин «Бастыҥ преподаватель» номинация хаһаайкаларын Светлана Мухинаны; СӨ култууратын туйгунун, 2006 уонна 2015 сс. култуура эйгэтин үлэһиттэрин “Бастыҥ преподаватель” номинациятын, 2006 с. «Учитель искусств» өрөспүбүүлүкэтээҕи күрэхтэһии «За креативность» номинациятын хаһаайынын Розалия Сыроватскаяны; Суоттутааҕы филиалга СӨ култууратын туйгунун, норуот маастарын Евдокия Портнягинаны; 20 сыл педагогическай ыстаастаах Мындаабатааҕы уруһуй кылааһын преподавателин, 2019 сылга култуура эйгэтин үлэһиттэрин «Лучший преподаватель» номинациятын хаһаайынын Сусанна Аммосованы.
Бу үөрэх дьылыгар номнуо бүтүн Арассыыйатааҕы «Летние краски», « Рисуй с нами РФ» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уруһуй куонкурсугар Сайаана Москвитина «От үлэтин үгэнэ» диэн уруһуйунан 2 истиэпэннээх лауреат, Айыына Крылова «Көтөрдөр тиэргэҥҥэ» үлэтинэн 2 истиэпэннээх лауреат, Саргы Тимофеева «Балыксыт үөрүүтэ» уруһуйунан 1 истиэпэннээх лауреат буолары ситистилэр. Суоттутааҕы филиал уруһуй кылааһын оҕолоро быйыл Санкт- Петербурга буолбут фестивальга баран, кыайан-хотон, элбэҕи билэн-көрөн кэлбиттэрэ.
2019 сыллаахха дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга кыттыбыттара. Манна эмиэ 1, 2 истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүттэрэ.
2017 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы сааскы пленэрга кыттан, лауреат үрдүк аатын ылан кэлбиттэрэ. Екатерина II сайынны дыбарыаһын паркатыгар уруһуйдаабыттара, Эрмитаж курдук улахан музей Юпитерскай саалатыгар древнегреческай скульптуралары уруһуйдуурга холонон көрбүттэрэ. Туристар интэриэстэрин таппыттара.
Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатыгар уруһуй кылааһа 1979-1980 үөрэх дьылыгар арыллыбыта. Оччоттон-баччаҕа диэри 300-тэн тахса оҕо уруһуй кэрэ эйгэтигэр уһуйуллан таҕыста. Мантан 70-тан тахса оҕо уруһуй үрдүк, орто үөрэҕэр киирэн үөрэнэн, сорохтор идэлэринэн үлэһит буолан, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан учууталлара үөрүүлэрэ үгүс. Ол курдук Розалия Тимоновна үөрэнээччитэ Дайаана Бурцева «Өркөн» оҕо эбии үөрэхтээһинин киинигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Светлана Федоровна үөрэнээччитэ Екатерина Лугинова Дьокуускай куоракка оҕо дыбарыаһыгар худуоһунньугунан үлэлиир. Ити курдук ситиһиилээхтик үөрэнэн, худуоһунньук идэтин баһылаан, бэйэлэрэ уһуйааччы, идэлээх үлэһит буола сылдьалларын өссө да ааттыахха сөп.
Ылыммыт билиилэринэн-көрүүлэринэн, сатабылларынан оҕолор сыллата туһааннаах үөрэххэ киириилэрэ хайҕаллаах. Ол курдук быйыл Розалия Тимоновна үөрэнээччитэ Настя Рожина Арктическай государственнай култуура уонна ускуустуба институтугар графическай дизайн факультетыгар, Светлана Федоровна үөрэнээччитэ Алина Аргунова Намнааҕы педагогическай колледж изо, черчение салаатыгар үөрэнэ киирдилэр.
Оттон кэрэни кэрэхсиир, айар-тутар баҕалаах улууспут үөрэнээччилэригэр өссө да ситиһии үктэллэрин дабайан иһэллэригэр баҕарабыт.
Ольга Шепелева