Кыра оҕо саастан нуучча улуу бэйиэтэ Александр Сергеевич Пушкин остуоруйаларын дьикти алыпка ылларан умсугуйан ааҕарбыт. Оскуолаҕа поэт ураты күүрүүлээх олоҕун, кини нуучча тылын сөҕүмэр баайын иҥэриммит айымньыларын: хоһооннорун, поэмаларыттан кэрчиктэри нойосуус үөрэтэрбит, поэкка тапталы иҥэринэрбит. Бүгүн эһиэхэ анаан кэпсиир киһим поэты кытта эмиэ итинник билсистэҕэ.
Кини – Ньукуолун күн Түүлээххэ күн сирин көрбүт, бу күннэргэ 80 сааһын бэлиэтээбит РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “учууталлар Учууталлара” бэлиэлээх Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Азия оҕолоро” анал стипендия хаһаайына, 40-тан тахса сыл устата оҕону билиигэ, сырдыкка, кэрэҕэ, саха тылыгар уонна литературатыгар уһуйбут үтүөкэннээх учуутал Татьяна Ильинична АЛЕКСЕЕВА буолар.

Саҥа истиилинэн бэс ыйын 6 күнүгэр Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сыла туолла. Бу күн араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара турдаҕа. Оттон Татьяна Ильинична дьиэтигэр баар Пушкиҥҥа аналлаах муннугуттан өр сылларга дьаныһан туран, муспут баай матырыйаалын сыымайдаан көрүөҕэ, саҥаны тугу эмит буллаҕына оҕолуу истиҥник үөрүөҕэ.

1958 сыллаахха Мүрү орто оскуолатыгар 6 “а” кылааска үөрэнэ сылдьан уруһуй учуутала Д.Г. Павлов улуу худуоһунньуктар хартыыналарын көрдөрөрүн, кэпсиирин сөҕө истэрэ. Мантан кыым саҕыллан худуоһунньуктар үлэлэрин мунньан саҕалаабыт. Ити сыл дьүөгэтэ Аля Дмитриева 1955 сыллааҕы “А.С. Пушкин. Сказка о царе Салтане” аккырыыкканы бэлэхтээбит. Итинтэн сылтаан Пушкины сэҥээрэр, хасыһан үөрэтэ сатыыр буолбут. Алта уонтан тахса сыл устата улуу поэкка аналлаах нуучча худуоһунньуктарын үлэ­лэрин, араас кинигэлэри, аккырыыккалары, кэмбиэрдэри, мааркалары, значоктары мунньан паапкаларга тиспитэ билигин сөҕүмэр баай матырыйаал. 1994 сыллаахха “Умсулҕан” кэл­лиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллиэ­ҕиттэн, түмсүү аатыттан үгүс тэ­рээһиннэргэ сылдьан быыстапкалаан дьон сөҕүүтүн ылан кэллэ. Улууска кини курдук сис­тиэмэлээхтик муспут киһи суоҕа буолуо. “Пушкин пааматынньыктара”, “Пушкин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа”, “Пушкин остуоруйалара”, “Пуш­кин уонна Саха сирэ”, о.д.а. тиэ­мэлэргэ муспут матырыйаал­ларыгар олоҕуран, Татьяна Ильи­нична Александр Пушкин туһунан сырдаан олорон сиһилии кэпсиир. Поэт үбүлүөйдээх сылларыгар өрүү быыстапка туруорар үгэстээх. Дьокуускайга Белинскэй аатынан библиотекаҕа, Ойуунускай аатынан литература музейыгар, опера уонна балет государственнай тыйаа­тырыгар, “Арчы” дьиэтигэр, куо­рат күнүгэр туруорбут быыс­тапкатын көрбүт дьон үрдүктүк биһирээбиттэрин бэлиэтээн хаал­ларбыт суруктара туоһулуур. “Оһуохай” уопсастыба аатыттан Мария Сазонова – Туллук 2014 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр маннык суруйан хаалларбыт: “Бэрт сэдэх, кэрэ, дириҥ ис хоһоонноох уонна киһи дууһатын барытын уһугуннарар быыстапка, улуу поэты кытта көрсүбүт курдук сананныбыт”.

Поэт Александр Пушкин тө­рөөбүтэ 225 сыла бэлиэтэнэр сылыгар “Умсулҕан” түмсүү биир актыыбынай чилиэнэ Татьяна Алексеева быыстапкатын сүнньүнэн Чараҥ, Майаҕас, Тиит Арыы оскуолаларын үөрэнээччилэрин уонна Нам Хатырыгын кэллиэксийэньиэрдэрин Пушкин остуоруйаларын кытта билиһиннэрэн турар.

Татьяна Ильинична кэрэни ойуччу өрө тутар, биһириир. Киниэхэ худуоһунньуктар туһунан киһи сөҕөр элбэх матыры­йаала түмүллүбүт. Баларын ба­рытын наардаан, уонча туом­наах каталог оҥостубут. Аны музейдарынан “Эрмитаж”, “Третьяковскай галерея”, “Нуучча живопиһа”, “Тас дойдулар живо­пистара” уо.д.а. паапкалартан ки­һи элбэҕи сомсор кыах­таах. Баай кэллиэксийэ хаһаайына 2017 сыллаахха аан бастаан ыытыл­лыбыт Саха сирин кэл­лиэксийэньиэрдэрин I си­йиэстэриттэн саҕалаан сийиэс­тэргэ өрүүтүн кыттар. 2018 cыл­лааҕы II сийиэскэ “Үлэ ки­һитин айхаллыыбын” тиэ­мэ­ҕэ туруорбут быыстапката боруон­са мэтээлинэн бэлиэтэммитэ кини араас хайысханан мунньуулааҕын туоһулуур. Тус үлэтин уопутугар олоҕуран, кэл­лиэксийэни мунньууга, наардааһыҥҥа үөрүүнэн сүбэлиир. Саха тылын учуутала өр сылларга олоҥхо тиэмэтигэр муспут матырыйаалларын соторутаа­ҕыта Олоҥхо дьиэтигэр бэлэхтээбитэ. Татьяна Алексеева туһунан өрөспүүбүлүкэ, улуус бэчээтигэр, “Умсулҕан” түмсүү таһаартарбыт альбом-кинигэлэригэр хаста да бэчээттэммитэ. Уопсастыба олоҕор көхтөөх кыттыытын үгүс ахсааннаах махтал, мэҥэ суруктар туоһулууллар.

Бу кылгас бэлиэтээһиним дьикти дьарыктаах учууталы, холобур буолар кэллиэксийэньиэри хан­нык эрэ өттүнэн саҥалыы арыйбыт буоллаҕына, туруорбут сыалбын ситистим диэн сананыа этим.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.