Улуус хаһыатын үлэһиттэрэ биллэрбит «Уйан сүрэх» акциябытыгар бастакы дьиэ кэргэммит туһунан кэпсиим. Кэптэни бөһүөлэгэр түөрт оҕолоох соҕотох ийэ Клавдия Прядезникова олорор. Түөрт оҕоттон икки оҕото инбэлиит, сытар ыарыһахтар.
Ийэ барахсан дьиэ кэргэнин туһунан маннык кэпсиир:
– Кыргыттарым төрүүллэригэр доруобай оҕо оҕо курдук этилэр, билигин сытар ыарыһахтар. Сайаанам 10, Нарыйаанам 9 саастаахтар. Хас да сыл быраастарга көрдөрүнэн, киһи сатаан да ааттаабат ыарыытын булбуттара, 6-с тииптээх НЦЛ (нейрональный цероидный липофусциноз) диэн. Киһи өйүгэр да оҕустарбат уустук кэмнэрэ үүммүттэрэ. Саатар икки кыыспар иккиэннэригэр.
Улахан уолум Валера Лөгөй орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ. Саамай тутаах киһим. Кыра сааһыттан эһэтин кытта окко-маска тэбис-тэҥҥэ сылдьыһар. Тыаҕа сылдьарын олус сөбүлүүр. Иллэҥ кэмигэр мээчиктиирин ордорор. Кыра уолум Игнат 7-с кылаас, тустуунан дьарыктанар, сэмэй ситиһиилэрдээх. Кини эмиэ куруук аттыбар сылдьар, ис санаатыттан көмөлөһө, туһалыы сатыыр. Иккиэн оскуола олоҕор үөрүүнэн көхтөөхтүк кытталлар.
2019 сыллаахха дьонум көмөлөрүнэн дьиэ туттан киирбиппит. Оччолорго уолаттарым кыра буоланнар, муус-мас бэйэм киллэрэр этим. Билигин уолаттарым улаатаннар, барытын бэйэлэрэ оҥороллор.
Кыргыттарым сыл аайы мөлтөөн иһэллэр, көрөргө-саныырга наһаа ыарахан. Ол эрээри, туох баар күүстээх санаабын ылынан, уоскуйан, баары баарынан ылынан, син ыал тэҥинэн олоробут. Былырыыҥҥыттан ураты көрүүлээх оҕолор төрөппүттэрин улуустааҕы «Ымыы» түмсүүтүн бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьабын. Кэргэммин кытта арахсыбыппыт. Кини былырыын сааскыттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Онон оҕолорум төрдүөн «Дети участника СВО» дастабырыанньалаахтар. Бэйэм аралдьыйан быысапкалыыбын, кумааҕы лозаттан араас корзиналары уо.д.а. өрөбүн. Өрүүнэн кыра дохуот оҥостобун (2022 сыл ахсынньы 23 күнүгэр тахсыбыт Ольга Шепелева «Хорсун ийэ холобура – Клавдия Прядезникова» диэн суруйуутун манна билис).
Кыһалҕа баар бөҕө буоллаҕа дии. Тус кыһалҕабын төһө да кэпсии сылдьыахпын баҕарбатарбын да, оҕолорум тустарыгар этиниэхпин сөбө дуу? Оҕолорбунаан өртөн ыла ыралаабыт баҕабыт туолуо суох курдук. Маннык сытар оҕолордоох ийэ баҕа санаам диэн – дьиэбэр толору хааччыллыыны киллэриэхпин олус баҕарабын. Сытар оҕолорбун сууйарга-тарыырга сөптөөх усулуобуйа баара күннээҕи олохпутун чэпчэтиэ этэ диэн.
Түгэнинэн туһанан, биһиэхэ саамай күүс-көмө буолар төрөппүт дьоммор, бииргэ төрөөбүттэрбэр, ийэбэр Клавдия Аркадьевнаҕа, аҕабар Гаврил Дмитриевичка, биһигини куруук өйүүр, биһиги туспутугар кыһаллар-мүһэллэр быраастарбар махталбын тиэрдиэм этэ уонна кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын.
Онон, кыһалҕалаах дьиэ кэргэн олоҕун чэпчэтэ түһээри, кинилэргэ толору хааччыллыыны киллэрэргэ – уйан сүрэхтээх бар дьоммут көмөлөһүөхтэрэ, бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит, күүтэбит.
Мария Аргунова