Мүрү орто оскуолатыгар Саха АССР, РСФСР үтүөлээх учуутала И.П. Рыбкина 1976-1978 сс. нуучча тылыгар үөрэппит үөрэнээччитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, П.Н. Тобуруокап аатынан «Күндүттэн күндүнү – олоҕу туойабын» бэлиэ хаһаайына, оҕолорго аналлаах хас да кинигэ ааптара Анастасия Бурцева учууталын туһунан ахтыытын мантан салгыы ааҕыҥ:
– Мүрү орто оскуолатыгар 9-10 кылаастарга үөрэнэр сылларбар нуучча тылыгар биһигини Ия Петровна үөрэппитэ. Кини ыытар уруоктарыгар уһулуччу бэлэмнээх кэлэр этибит, аҥаардас саҥатын да истэн уоллуун-кыыстыын тардынарбыт. Учууталбыт уруогу ыыта турар мөссүөнэ харахпар билигин да баар.
Оскуола кэнниттэн сыл производствоҕа үлэлээн баран, Магаданнааҕы государственнай педагогическай институкка үөрэнэ киирбитим. Киирии эксээмэммэр нуучча тылыгар сыһыат (наречие) туһунан ыйытыы түбэспитэ. Онно биир уруокка Ия Петровна хайдах быһаарбыта, саҥата, туттуута өйбөр киирэн кэлбитэ. Учууталбын үтүктэн тугу билэрбин кэпсээбитим. Эксээмэн тутар преподавателлэр кимиэхэ үөрэммиппин ыйыппыттара, учууталым Ия Петровна диэбиппэр, кинилэр учууталбын билэллэрин эппиттэрэ. Түмүгэр «5» сыананы ылбытым.
1989-2013 сс. Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастарга үлэлээбитим. Учууталбын кытта биир кэлэктиипкэ алтыһан үлэлээн ааспытым.
Биирдэ оскуола музейын тэрийиигэ үлэ бара турар кэмигэр Ия Петровна Прасковья Петровна Лугиновалыын үлэлии олордохторуна киирэ сылдьыбытым. Онно кэргэним аҕата сэрии бэтэрээнэ буоларын сэргии истибиттэрэ. Аҕыйах хоноот иккиэн Чараҥҥа тиийэн Бурцев Иннокентий Прокопьевичтан ахтыы ылбыттара. Онон эһэбит аатын кинилэр историяҕа киллэрбиттэрэ.
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ биир эдьиийим Ия диэн ааттааҕа. Ия Николаевна Копырина-Тарская Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар 49 сыл устата көстүүмнэри харайар сыахха үлэлээбитэ. Төрөппүттэрбит Ия Петровнаны тэйиччиттэн истэн билэр, убаастыыр буолан кыыстарыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ буолуо дии саныыбын.
Учуутал идэтин талбыппар Ия Петровнаҕа улахан махталлаахпын.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.