Саха АССР, РСФСР үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл Знамя уордьан кавалера Рыбкина Ия Петровна төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһин үлэлээбит Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар ахсынньы ортотугар былааннанар. Бу күнү көрсө оскуола төрүттэммитэ 150 сыллаах үбүлүөйүгэр 2022 с. бэчээттэнэн тахсыбыт “150 сыл сырдыгы саҕар кыһабыт” кинигэҕэ киирбит ахтыылартан быһа тардан биэрэбин.

Хос эһэбиттэн саҕаламмыт оскуола

1950 с. Мүрү орто оскуолатыгар  7-с кылааска үөрэнэ киирбитим. Мин дьолбор Н.Н. Тарскай кылаас салайааччыта этэ. Кини Москваҕа физкультура уонна спорт институтугар үөрэммитэ. Кылаас чаастарыгар Москва туһунан кэпсиирэ. Ону истэ-истэ биһиги Николай Николаевич курдук үөрэхтээх киһи буолуохпутун ыраланарбыт. Үөрэххэ дьулуһуу үөскээбитэ. Ол кэмнэргэ Рыбкина И.П. үөрэҕин бүтэрэн саҥа үлэлии кэлбитэ. Переменаҕа учительскайга барарын, кылааска киирэрин ааҕа батыһа көрөр этибит. Оннук кыраһыабайа, үчүгэйэ, олох статуэтка курдук этэ. Тас көрүҥүнэн барыбытыгар холобур буолара. Эһиилигэр 8-с кылааска түөрт параллельнай кылаас буолбуппут. И.П. Рыбкина 8 “а” кылааска, биһиэхэ кылаас салайааччытынан буолбута. Оскуолаҕа музейы тэрийиигэ үгүс сыратын биэрбитэ.

Екатерина Ивановна Местникова, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна.

2018 с., кулун тутар (128 стр.)

Библиотека иккис оскуолам этэ

Ия Петровна Рыбкина айылҕаттан учуутал буоларга айыллыбыт курдуга. Улуу нуучча тылынан киһи иһиттэр истиэх курдук ыраастык, лоп бааччы, ханнык да сыыс тыла суох кэпсиирэ. Поэт Н. Литвинцев учууталыгар анаабыт хоһоонугар маннык кэрэ строкалар бааллар:

“Мин билэбин, Эн тыһыынчанан

Сүрэхтэргэ уоту оттубуккун… ”

Влас Павлович Дегтярев, тыыл, педагогическай үлэ ветерана. Бээрийэ.

Атырдьах ыйа, 1997 с. (126 стр.)

Мүрүгэ үөрэммит кэмнэрим

 Ия Петровна Рыбкина биһиги үөрэнэр кэммитигэр курбуу курдук көнө уҥуохтаах, дьоролдьуйан хаампыт-сиимпит эдэркээн кыыс нуучча тылын үөрэтэрэ. Кини дьикти кэрэ куолаһынан улуу Пушкин “Евгений Онегин” поэматыттан имитэн-хомутан ааҕа турара бу баарга дылы. Кини үөрэнээччилэр оскуолатааҕы комсомольскай комитетын секретарынан үлэиир кэмигэр мин чилиэн буолан активнай үлэҕэ кыттыбытым. Ия Петровна Мүрү орто оскуолатыгар учууталынан, завуһунан таһаарыылаахтык, айымньылаахтык пенсияҕа да тахсан баран үлэлээбитэ.

Юрий Иванович Артамонов, Уус Алдан улууһун, Мүрү, Өлтөх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, партия уонна

педагогическай үлэ ветерана.

2008 сыл, кулун тутар. (139 стр.)

Мин кэрчик ахтыыларым

Нуучча тылын учууталын Ия Петровна Рыбкинаны наһаа сөбүлүүрүм. Үөрэтэрэ интэриэһинэй, ылыннарыылаах этэ. Кини үчүгэй үөрэтиитинэн оҥорор дьыалалары алҕаһа суох толорон үлэбэр сирдэрбэт этим. Улуу художниктар хартыыналарын олох атыннык сирийэн көрөргө үөрэммитим.

Галина Прокопьевна Окоемова, Государственнай гражданскай сулууспа 2-с кылаастаах сүбэһитэ

(165 стр.)

Олоҕум олугун уурсубута

Ия Петровна Рыбкина тэрийиитинэн “Биһиги – эйэ, норуоттар доҕордоһууларын иһин”  диэн девизтээх уус-уран ааҕыыны культура дьиэтигэр туруорбуппут. Ити нууччалыы тылынан барбыт уус-уран көрүүгэ оскуола директорыттан техүлэһитигэр тиийэ кыттыыны ылбыттара. Онно Ия Петровна Рыбкина коллективы бэйэтигэр түмэ тардар талааннаах тэрийээччи буоларын итэҕэппитэ. Кини ол сылларга өссө оскуолатааҕы драмкружогу салайара. “Селькор Сэмэни” туруоран көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыппыт.

Аграфена Сивцева. Кэптэни

(“Мүрү саһарҕата” хаһыат. 23.09.1997 с.) (416 стр.)

Учууталым туһунан

Ия Петровнаны көрөөт тута бары сөбүлээбиппит. Оскуола олоҕо биллэрдик сэргэхсийбитэ. Интэриэһинэй биэчэрдэр, кэнсиэртэр, кылаас чаастара ыытыллаллара. Кини биһиэхэ тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһара, ол иһин биһиги киниэхэ ис кистэлэҥмитин толлубакка кэпсиир этибит. Ия Петровна биһиэхэ ааҕыы суолтатын, үөрүүтүн арыйбыта, нуучча тылыгар тапталы иҥэрбитэ. Уруок кэнниттэн хааламмыт кыраһыабай Москва, Ленинград куораттар туһунан кини кэпсээнин умсугуйан истэрбит, А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов хоһооннорун ааҕарбыт.

Ия Петровна салалтатынан литературнай куруһуок олус үчүгэйдик үлэлиирэ. Нуучча суруйааччыларын кытта суруйсарбыт, биһиги өйтөн уонна истэн суруйууларбыт оскуола көрүдүөрүгэр бүттүүн көрүүгэ ыйаммытын көрдөхпүтүнэ үөрэрбит.

Учууталбыт уруоктара интэриэһинэйдик, умсугутуулаахтык бараллара. М. Алигер “Зоя” поэматын аахпыппытын умнубаппын. Учууталбыт аахпытын харах уулаах олорон истибиппит, оннук күүскэ дууһабытын таарыйбыта.

Учууталбыт тас көрүҥэ, бүрүчүөскэтэ, хайдах туттан хаамара барыта күннээҕи сонуммут, саҥаны арыйыыбыт буолара.

Иосиф Семенович Портнягин, СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай наука доктора, профессор, РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, учууталлар Учууталлара, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо

(197 стр.) (нууччалыыттан тылбаас)

Үтүөлээх учуутал, завуч үйэ аҥара кэриҥэ оскуолаҕа үлэлээбит кэмигэр сүүһүнэн ааҕыллар оҕону үөрэх-билии аартыгар сирдээбитэ, олоххо атаарбыта. Киниэхэ үөрэммиттэр  учууталларын туһунан истиҥник махтана ахталлар. Үтүө киһи аата умнуллубат, аныгы көлүөнэ учууталлары сырдыкка угуйар.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше