Мүрү орто оскуолатын 1976 с. үөрэнэн бүтэрбит Варвара Алексеева–Федорова бу күннэргэ ньургуһуҥҥа аналлаах үһүс кинигэтэ күн сирин көрдө. Биологическай наука хандьыдаата, биолог-ботаник, миколог-фитопатолог Варвара Федорова элбэх сыл устата дьаныһан туран ньургуһуну үөрэтиигэ үлэлээбитэ, Монголиянан, Бурятиянан, Забайкальенан, онтон да үгүс сиринэн сылдьан үөрэппитэ, кэтээн көрбүтэ, хаартыскаҕа түһэрбитэ. Бу күн сирин саҥа көрбүт «Күн сибэккитэ ньургуһун» кинигэтин иннинэ 2017, 2018 сс. «Ньургуһуннар» уонна «Аптаах ньургуһуннар» кинигэлэри, «Саха сирин киин өттүн ньургуһуннара» хаартысканан альбому (2018 с.) оҥорон таһаартарбыта.
Автор туһунан билиһиннэрдэххэ, Варвара Степановна оскуолаҕа, университекка, аспирантураҕа күүстээх учууталларга, учуонайдарга үөрэнэн үлэбэр, наукаҕа ситиһиилэнним диир. Мүрү орто оскуолатыгар биологияҕа А.Н. Жиркова, И.А. Долгунов курдук олус үчүгэй учууталларга үөрэммитин долгуйа ахтар. Кини 1983 с. Томскай университет биолого-почвеннай факультетын биология салаатын бүтэрбитэ. 1991 с. баара-суоҕа 32 сааһыгар Ленинградскай уобалас Пушкин куоратыгар тиийэн учуонай сэбиэккэ биология наукатыгар учуонай истиэпэнигэр диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн биологическай наука хандьыдаата буолбута. Варвара Степановна оскуола биир киэн туттар үөрэнээччитэ буолар.
Учуонай Варвара Федорова улахан түмэр үлэни оҥорон, барытын дьаарыстаан ньургуһун туһунан олус интэриэһинэй «Күн сибэккитэ ньургуһун» кинигэни бэлэмнээн, Ю.А. Гагарин аатынан Дьокуускайдааҕы типографияҕа 300 экземплярынан таһаартарда.
Кинигэ икки түһүмэхтээх, 152 сирэйгэ сахалыы, нууччалыы тылларынан суруллубут быһаарыылардаах. Бастакы түһүмэххэ ньургуһун туһунан ырыалартан, хоһооннортон, дьон этиилэриттэн быһа тардан ньургуһун саха киһитин олоҕор суолтатын арыйбыт. Маны тэҥэ бу сибэкки туһунан кэпсээннэр, бэчээттэммит кинигэлэр ааттара наарданан киирбиттэр. Бу барыта ньургуһуну уруһуйдаабыт бэйэтин үлэлэринэн, хаартыскаларынан байытыллан бэриллибит. Иккис түһүмэххэ аан дойду, Россия, Саха сирин, Забайкальскай кыраай, Бурятия, ону тэҥэ Монголия флоратыгар көстөр ньургуһун көрүҥнэрэ наука өттүнэн ырытыллан сырдатыллыбыттар. Түһүмэхтэри ааптар уонна атын фотографтар ньургуһуну түһэрбит сэдэх, олус кэрэ хаартыскалара ситэрэн биэрэллэр. Кинигэ сыаната 1500 солк. Ылыан баҕалаахтар авторга сирэй тахсаргытыгар ыҥырар. Билсэр төлөпүөҥҥүт 89142716799.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.