Улууспут саамай чиэски олорор Түүлээх нэһилиэгэр сылы эргиччи суолланаллара “үйэлээх” кыһалҕалара диэххэ сөп. Киинтэн 120-чэ км ыраах олорор сиргэ сайыҥҥы өттүгэр сиринэн тиийэр, кырдьык, уустуктардаах.
Түүлээххэ тиийэн түмүктэнэр Танда үрэх угут дьылларга икки тыатын саҕатыгар уунан толору анньан кэбистэҕинэ, мотуордаах оҥочонон да сылдьыахха сөп буолар. Ол иһин суолу оҥорууга да кэккэ уустуктардаах. Ону бэйэлэрэ да бэрткэ өйдүүллэр. Ол да буоллар, куруутун этэ сырыттахтарына да табыллар.
Быйыл түүлээхтэр вездеход тиэхиньикэ туруорсаллар. Маныаха улуус баһылыга Василий Аммосов: «Үлэлэһиэхпит, Нижнэй Новгородка УАЗ массыына базатыгар тиһиликтээх, ууга устар анал массыынаны оҥорор собуокка кэпсэтии бара сылдьар», – диэбитин сэргии иһиттилэр.
Икки сыллааҕыта манна улахан ойуур баһаара турбута. Онон оттук мас да бэлэмнээһинигэр уустуктар үөскээн эрэллэрин аҕыннылар. Ол иһин толору киинтэн ититиигэ киирэри туруорустулар. Билигин бөһүөлэк аҥаара холбонон олорор эбит. Ону ситэрэр инниттэн саҥа хочуолунай тутуллан, ити кыһалҕаны быһаарар кыах баар буолуох курдуга олохтоохторго эрэл кыымын сахта.
Аны икки аҥаар ыйынан бу нэһилиэккэ суоллара быстар, сааскы халаан уута кэлэр. Онон бу кэми баттаһа туох баар тутуу матырыйаала. Ас-үөл кэлэ охсоругар көмө оҥороллоругар туруорустулар.
Тэрилтэлэргэ араас сарбыйыылар киириилэрэ ыраах олорор нэһилиэктэргэ ордук күүскэ дьайарынан, итиннэ үлэлэһэргэ эттилэр. Ол курдук олус улахан дьиэлээх-уоттаах балыыһа дневной стационар эрэ буолбута улууска да кэккэ ыарахаттары үөскэтэр буолуохтааҕын санаттылар.
Афанасий Сектяев