Түүлээх нэһилиэгэр хас эмэ күн тохтообокко хаар түстэ. Хас да күннээх хаары күрдьэр саастаах дьоҥҥо ыарахана биллэр.
Бэҕэһээ 8-с кылаас оҕолоро (кылаас салайааччыта Агафия Афанасьева) хаар күрдьэн
саастаах дьоҥҥо күүс-көмө буолбуттарыгар Марфа Афанасьева дьиэ кэргэнэ улахан махталларын тиэрдэллэр.
«Куруук маннык дьоҥҥо-сэргэҕэ күүс-көмө буола сылдьыҥ. Үөрэххитигэр ситиһиилэри, доруобуйаны», – диэн баҕа санааларын этэллэр.
Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп.