Киин үөрэнээччилэр саҥа сонун көҕүлээһиннэрин өйүүр, сайыннарар, олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөҕэ, оҕолор түмсүүлэрин эргийэр киинэ буолуоҕа. Ол курдук үөрэнээччилэр түмсэннэр ситиһиилээх үлэни көҕүлүөхтэрэ. Саҥаны билэр-көрөр, сонун идиэйэлэри олоххо киллэрэр баҕалаах, бэйэлэрин ураты көрүүлэрин үллэстэр, онно үлэлэһэр актыбыыс оҕолор түмсэннэр кэскиллээх үлэни ыытыахтахтара.
Бу үүнэр көлүөнэҕэ олоххо-дьаһахха бэлэмнээх, дойдуга бэриниилээх, үтүө майгылаах-сигилилээх буолууларыгар туһуламмыт улахан бырайыак буолар. Үөрүүлээх түгэн үүммүтүнэн үөрэнээччилэри оскуола директора Владимир Бочкарев эҕэрдэлээтэ уонна кииҥҥэ анаан саҥа проекторы бэлэхтээтэ.
Оскуола лидерэ Артем Винокуров үөрэнээччилэр ааттарыттан харда тылыгар оҕолорго усулуобуйа тэрийбиттэригэр улахан махталын эттэ, көмөлөспүт төрөппүттэргэ, учууталларга актыбыыс оҕолорго махтал суруктары туттарда.
Эмиэ бу күн бэһис кылаастары Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат «Бастыҥнар хамсааһыннарын» кэккэтигэр ылыы буолла. Ону таһынан бастакы кылаас үөрэнээччилэрин «Орлята России» программаҕа киллэрдилэр, кинилэргэ ону туоһулуур докумуону кытта брендовай сумка уонна значоктуттардылар.
«Орлята России» хамсааһын туһунан билиһиннэрдэххэ, бу бырагыраама алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах, Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын иһинэн үлэлиир. Сиэр-майгы өйдөбүллэрин, дьиэ кэргэҥҥэ, дойдуга, тулалыыр эйгэҕэ истиҥ сыһыаны иитэр, иҥэрэр суолталаах. Сыл устата үөрэнээччилэр 7 тректэн (тиэмэттэн) турар араас сорудахтардаах, интэриэһинэй ис хоһоонноох, бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр, оонньуу технологиятынан оҥоһуллубут эбии дьарыктарга сылдьыахтара.
Мантан салгыы оҕолор саҥа аһыллыбыт кииҥҥэ иитэр үлэҕэ оскуола дириэктэрин сүбэһитин кытта биир санаанан түмсүүлээхтик үлэлиэхтэрэ. Үөрэнээччилэр билиилэрин хаҥаталларыгар, биир түмсүүлээх коллектив буолалларыгар туһуламмыт араас интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллыахтара, биллэр-көстөр, ытыктанар дьону, төрөппүттэри, учууталлары кытта көрсүөхтэрэ, үгүһү билиэхтэрэ-көрүөхтэрэ, бииргэ үлэлииргэ сөптөөх суолу тобулуохтара.
Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп.