Бу түмсүүнү нэһилиэк бибилэтиэкэрэ, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Туяра Ушницкая салайыаҕа. Саҥа тэриллэн эрэр пресс-киин туох-ханнык үлэни тэрийиэхтээҕин туһунан кини маннык санаалаах:
– Урукку кэмҥэ биһиги оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Кэскилгэ”, улуус хаһыатыгар суруйар этибит. Өссө 2000 сылларга нэһилиэккэ ыччаттар бэйэбит күүспүтүнэн хаһыат таһаара сылдьыбыппыт. Онтон ыла, кырдьыгынан эттэххэ, анаан оҕолору суруйарга дьарыктыыр түмсүү үлэлээбэтэҕин тэҥэ. Билигин мин көрдөхпүнэ, суруйуон баҕалаах оҕо элбэх. Бу түмсүүгэ алын уонна орто сүһүөх оҕолоро дьарыктаныахтара, анал былаан ылыныахпыт.
Маны тэҥэ видеоҕа уһулан, монтажтаан ролик оҥорорго үөрэниэхпитин баҕарабыт. “Вконтакте”, телеграм ситимигэр группаны арыйан айар талааннах оҕолору түмэн, оскуола, нэһилиэк сонунун сырдатыахпыт. Онон маннык пресс-кииннэр улуус хас биирдии оскуолатыгар тэриллэн эрэллэрэ олус үөрүүлээх, кэнэҕэһин мантан элбэх талааннаах оҕо тахсарыгар, ситиһиилээх үлэни уонна түмүктээх, түмсүүлээх улахан хамсааһыны баҕарабын!