Түүлээх ууһа Алексей Пестряков күпсүүрү оҥорууну баһылаата

Түүлээх нэһилиэгэр тигээйи, көтөр арааһын иитиититтэн саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар араас салаатынан дьарыктанар үлэһит дьон баар буоланнар, тэйиччи сытар уустук суоллаах-иистээх нэһилиэк дьоно мүөттэн саҕалаан сибиэһэй бэйэ аһынан хааччынан олороллорун туһунан сырдатан турардаахпыт. Хааччыйар эйгэҕэ үлэ үөһүгэр сылдьар дьон нэһилиэк сайдыытын, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыытын кэрэһэлииллэр диэн туран, бүгүн мас ууһа Алексей Пестряков туһунан сырдатыым.

Алексей Алексеевич ийэтэ Евдокия Никитична Өлтөхтөн, аҕата Алексей Прокопьевич Түүлээхтэн төрүттээхтэр эбит. Ыал улахан оҕото, соҕотох уола 1992-94 сс. аармыйаҕа сулууспалаан баран, 1995-2000 сс. Дьокуускай куоракка баһаарынай чааска үлэлээбит. Онтон 2000 сыллаахтан дойдутугар Түүлээххэ олохсуйбут. 2001 сыллаахха Таатта Баайаҕатыттан Неустроевтар дьиэ кэргэн улахан кыыстарын Марияны кэргэн ылан, Пестряковтар Күннэй диэн кыыс оҕоломмуттара. Алексей билигин уһуйааҥҥа харабылынан үлэлиир.

Кини икки өттүттэн уус удьуордарын утумнаан, баар баара өтөн 2017 сыллаахтан уһанан саҕалаабыта. Нэһилиэгин иһигэр дьонтон сакаас ылан, оҕо оонньууруттан саҕалаан миэбэлгэ, музыкальнай инструмеҥҥа тиийэ уһанар. Онуоха кинини атаһа Уус Таатта удьуор ууһа Гаврил Бочкарев үөрэппит. Онон доҕоруттан сүбэлэтэн саҕалаан күпсүүрү оҥорууну баһылаата, билиҥҥи кэмҥэ биэс кэмпилиэги оҥорбуттарын көрдөрдө.

Алексей Пестряков былырыын «Уус Алдан уран уустарын түһүлгэтэ» улуустааҕы көрүү-күрэскэ маҥнайгы миэстэни ситиспитэ.

Ити курдук кини уһанар дьоҕус дьиэтигэр бэс мастан көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктар чочуллан тахсан дьону-сэргэни үөрдэллэр, туланы тупсараллар.

Мария Аргунова 

Читайте дальше