Сэтинньи 10 күнүгэр Уус-Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин (дир. Иннокентий Сергеев) «Во имя семьи» социальнай десанынан Түүлээх нэһилиэгэр уһуйаан иитиллээччилэрин, оскуола үөрэнээччилэрин, төрөппүттэри хабан үлэлээтэ.
Десант сүрүн сыала бэрээдэги кэһиини, буруйу оҥорууну өйдөтөр-сэрэтэр үлэлэри тэрийиигэ методическай, практическай көмөлөрү социальнай, медицинскэй, педагогическай, психологическай өҥөлөр нөҥүө оҥоруу. Маны таһынан тэрилтэ «Спутники надежды» базовай программатын олоххо киллэриигэ нэһилиэги кытары ситими олохтооһун.
Бу уустук хайысхаҕа бииргэ үлэлииргэ ыччакка уонна дьиэ-кэргэҥҥэ социальнай-психологическай көмөнү оҥорор киин социальнай педагога Мария Федосеева уонна улуустааҕы «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэриттэн педагог идэлээх Анна Федорова кыттыспыттара олус хайҕаллаах.
Тэрээһини ыытыыга нэһилиэк баһылыга Станислав Винокуров, оскуола директора Владимир Бочкарев сарсыардаттан саҕалаан бииргэ үлэлэстилэр. Ол иһин ыытыллыбыт үлэ таһымнаах, көдьүүстээх буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Педиатр-врач Галина Саввинова олохтоох балыыһаҕа, уһуйааҥҥа оҕолору уонна төрөппүттэри кытары үлэлээтэ. Педагогтар оскуолаҕа оҕолор саастарын учуоттаан занятиелары, бэсиэдэлэри ыыттылар. Куруһуок салайааччыта Зоя Сивцева алын сүһүөх кылаастар үөрэнээччилэригэр уонна уһуйаан иитиллээччилэригэр ыыппыт маастар-кылааһыгар кырачааннар үлүһүйэн, кыһаллан дьарыктаннылар. Өссө үрдүкү кылаас оҕолоругар психологическай тренинг, кылаас салайааччыларыгар семинар, төрөппүттэргэ үөрэхтээһин ыытылынна.
Оҕолор ыытыллыбыт занятиелары сэҥээрдилэр, бары көхтөөхтүк кытыннылар, темаларынан аттарыллыбыт значоктар коллекцияларын сэргээн көрдүлэр. Учууталлар даҕаны, төрөппүттэр даҕаны бу маннык десант туһалааҕын, көдьүүстээҕин бэлиэтээтилэр. Бу күн холбоон барыта 113 киһи араас өҥөнөн туһаннылар.
Түмүккэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ үс өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсилиннэ. Инникитин атын нэһилиэктэргэ эмиэ маннык десаннар былаанынан тэриллиэхтэрэ.
Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.