Бүгүн Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны, кыраайы үөрэтэр улуустааҕы түмэлгэ “Түмэл – мин үтүө доҕорум” бырайыак үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Бу доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаммыт бырайыак Ил Дархан ыыппыт куонкуруһугар кыайан, Грант ылары ситиспитэ. Бырайыак сыалынан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор улуус историятын үөрэтэллэригэр, түмэлгэ хааччаҕа суох сылдьалларыгар, атын оҕолору кытта тэҥҥэ эргиччи сайдалларыгар анаан тэриллибит.
Оҕолорго анаан үс араас куруһуок үлэлиэхтээх – хаартыскаҕа түһэрии, илиинэн оҥоһук уонна музейнай суруналыыстыка. Бу куруһуоктары түмэл үлэһиттэрэ салайыахтаахтар. Оҕолор дьарыктаналларыгар анал оборудованиелаах икки кылаас бэлэмнээбиттэр. Саас, ыам ыйыгар оҕолор отчуоттуур быыстапкалара былааннанар.
Бу тэрээһиҥҥэ куруһуоктарга дьарыктаныахтаах оҕолор, кинилэр төрөппүттэрэ, түмэл үлэһиттэрэ уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ыллылар.
Тэрээһини «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин «Ералашка» устуудьуйатын оҕолоро ырыаларынан киэргэттилэр.
Василиса Васильева. “Өркөн” эбии үөрэхтээһинин пресс-киинэ