Бу туһунан бэҕэһээ 7-с кылаас үөрэнээччитэ Күндүүнэ Егорова суруйбута. Ону бүгүн сиһилии сырдатаары И.П. Готовцев аатынан историяны, кыраайы үөрэтэр Тандатааҕы музей сэбиэдиссэйэ Лидия Слепцованы кытта кэпсэттибит:
– «Танда – Геройдар дойдулара» диэн саҥа экспозицияны туруордубут. Биһиэхэ төрдүс Герой эбиллибитинэн Геройдар стендэлэрин уларытарга үлэни ыытаммыт, быйыл саас Дьокуускайтан «Сириус» тэрилтэни кытта дуогабардаһан аныгылыы оҥоһуулаах стендэни сакаастаабыппыт. Маны улууспут култуураҕа салалтата өйөөн үбүлээтэ. Бу экспозицияҕа Геройдар олохторун историята, бэйэлэрэ туттубут тэриллэрэ экспонат буолан көрдөрүүгэ турдулар. Биир сонун экспонатынан Герой Алексей Неустроев байыаннай дьайыыга кэтэ сылдьыбыт бронежилета буолар. Аны 13 Герой ийэбитигэр саҥалыы экспозиция туруорарга үлэлэһэбит».
– Марфа Петровна үгүс көлүөнэ ыччаты төрөөбүт төрүт тылга, култуураҕа үөрэтэн, учууталларын аатын ааттатар выпускниктар дойдубут араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Марфа Ноговицына Россия Геройа Алексей Неустроев кылааһыгар бэһистэн кылаас салайааччытынан ананан сэттэ сыл сырдыкка-кэрэҕэ сирдээн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбит учуутала, үтүө сүбэһитэ буолар.Учууталга оҕо, төрөппүт махтала – саамай үрдүк наҕараада.
Сэмэй Алешата Герой буолан туран учууталыгар туһаайан: «Эн миигин үчүгэйдик иитэн-үөрэтэн таһаараҥҥын мин манна тиийдим
!» – диэн эппит тыллара элбэҕи толкуйдаталлар. Саҕахха саспыт сэмэй махтал тыллара, истиҥтэн истиҥ иэйиилээх ис сүрэхтэн тахсар дьиҥ сүгүрүйүү бэлиэтэ. Бу баар учуутал ситиһиитэ, үрдүк үөрүүтэ, чыпчаала.Учуутал холобурунан үөрэнээччитэ Сахабыт сирин, бүтүн Россия туонатын киэн туттуута буола үүнэн, убаастыыр учууталбытын, коллегабытын сыралаах үлэҥ сыаналаммытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Чэгиэн туругу, тус олоххор сырдык эрэ сыдьаайдын, дьол-соргу тосхойдун! – диэн оскуола кэлэктиибэ эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр.