Кэлиҥҥи сылларга гражданнар баан карталарыттан харчыларын көҥүлэ суох устууну кытта сибээстээх буруй элбээн иһэр. Ол курдук, биһиги да улууспутугар түөкүттэр чэпчэки харчыны эккирэтэн эрийэн, ымсыы-обот санааттан дьону араастаан албыннаан итэҕэтэн, куттаан харчыларын ылбыттара элбэх. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ түөкүттэр дьону албынныырга араас ньыманы тутталлар, ол курдук кинилэр базаҕа көрөн ким ханна олорорун, тугу үлэлиирин билиэхтэрин сөп.
Банк картатынан буруй сүрүн көрүҥнэринэн буолаллар:
— сымыйанан баантан куттала суох буолуутун сулууспатыттан эбэтэр ол кэпсэтэ олорон полиция үлэһитин холбоон дьону итэҕэтэн, “бааҥҥа операция буолан эрэр” диэн этиилэрэ;
— интернекка сымыйа ону-маны чэпчэки сыанаҕа атыылыыбыт диэн биллэрии таһаараллар;
— хас биирдии киһи аккуанын алдьатан, ол киһи аатыттан сымыйа биллэрии ыыталлар;
— интернет өҥөтүнэн, араас конкурстарга ким эрэ кыттарыгар киллэрэн куоластыыр сыылкалары ыыталлар;
— түөкүттэр сымыйа смс иһитиннэрии ыытан, “харчыны сыыһа ыыппыппын” диэн албыннаан төттөрү харчыны ылыылара;
— сотовай араас оператордарыттан эрийэн нүөмэргитин уһаттарар буоллаххытына код кэлбитин ону этин дэттэрэллэр.
Бастакы түбэлтэҕэ эмсэҕэлэнээччилэр маннык сыыһалары оҥороллор, ол курдук баан үлэһитэ клиеннэргэ хаһан да эрийбэт, пин-коду карталарын таһыгар харайа сылдьаллар эбэтэр картаҕа бэйэтигэр суруйаллар, туора дьоҥҥо пин-коду бэйэлэрэ этэн биэрэллэр эбэтэр карталарын кинилэргэ туһаныыга биэрэллэр, ону тэҥэ чэпчэки сыанаҕа ону-маны атыылаһаары киирэн биэрэллэр, ардыгар нууччалыы тылы үчүгэйдик өйдөөбөккө, эппиттэрин толорон иһэбит.
Телефон түөкүннэриттэн хайдах харыстанабыт:
- картаны атын дьоҥҥо биэримэҥ. Картанан операциялар барыта бас билээччи баарыгар оҥоһуллуохтаахтар (көрөн турадахтарына);
- карта сүттэҕинэ (уордахтарына) тутатына картаны биэрбит бааҥҥа блокировкалат. Бары боппуруостары, картаҕа ыйыллыбыт нүөмэргэ телефонунан эрийэн, бааны кытта сүбэлэс;
- чугас дьоҥҥор ким туох диэн эрийбитин тутатына кэпсээ;
- эргэ абонентскай нүөмэри уларытан баран, онно “Мобильнай банк” холбоно сылдьыбыт буоллаҕына, бааҥҥа тиийэн бу өҥөнү араарар туһунан сайабылыанньата суруй;
- билбэт атын регионтан эрийдэхтэринэ телефону ылымаҥ;
- интернеттан ону-маны сакаастыырга үчүгэйдик үөрэтэн, сыанабылларын ааҕан сакаастааҥ;
- туох-баар ыйытыкка туох да кодун кимиэхэ да этимэ.
Ол курдук, бу күннэргэ Мүрү нэһилиэгин икки олохтооҕо түргэн ньыманан чэпчэкитик харчыларын элбэтээри түөкүттэргэ хаста да төхтүрүйэн биирдии бэйэлэрэ 100 тыһыынчаны ыытан харчыларыттан маттылар.
Үөһээ этиллибиттэргэ олоҕуран, барыллааһын силиэстийэ олохтоох нэһилиэнньэни төлөпүөн түөкүттэриттэн сэрэтэр, сэрэхтээх буолуҥ, араас албыҥҥа киирэн биэримэҥ, чугас дьоҥҥутун харыстыы, хаххалыы сылдьыҥ.
Холуобунай ирдэбил бөлөҕүн оперуполномоченнайдара