Түүлээх нэһилиэгэр кэтэх хаһаайыс­тыбаны тутан олорор Туяра, Федот Ушницкайдар быйыл 18 төбө сүөһүнү, онно эбии окко мэнэйдэһэн икки ыал торбоһун көрөн-истэн кыстаттылар. Сүөһүнү иитэр тыа сирин дьонуттан хаһаайыстыбаларын тула туох санаалаахтарын ыйыталастым. Онуоха хаһаайка Туяра Михайловна маннык сэһэргээтэ:

– Түүлээххэ үүт туппатахтара уонтан тахса сыл буолла. Урут туттарар этибит, олус үчүгэй буолара. Быйыл үс ынах төрөөн турар, өссө үс төрүөхтээх. Быйыл икки тиҥэһэ төрүөхтээх, оччоҕуна аҕыс ынах­таах­пын дэнэбин. Икки ына­ҕым быйыл кытарах. Ынах тө­бөтүгэр бэриллэр көмө харчыга сайабылыанньа биэрбиппит, ыам ыйын 15 күнүн кэннэ биллиэҕэ диэ­биттэрэ, күүтэбит. Сүөһү иитиитигэр саамай кыһалҕабыт от буо­лар. Сорох ходуһалар баһаар­га былдьаммыттара, сорох хо­ду­һаларга сайыҥҥы өттүгэр суол суох буолан сатаан тиийбэппит. Былырыын бээрийэлэртэн сир көрдөһөн оттоо­буппут, быйыл да оннук буо­лара буолуо.

Эһиил­ги сылга ынах төрүүрэ дуу диэн боппу­руос турар. Тоҕо диэтэр, нэһилиэккэ оҕус­пут суох. Дьаһалтабыт сүөһү элбиирин туһугар хантан эрэ оҕус атыылаһан аҕалара диэн баҕарабыт. Быйылгы кыстыкка мин билэрбинэн, сэттэ ыал сүөһүлэрин букатын эстилэр. Биричии­нэтэ – от тиий­бэтэ. Сыл аайы атыылаһарга эмиэ ыарахаттардаах. Ынах төбөтүгэр ылар көмө харчыбыт сэлээркэҕэ, уматык­ка барар. Уонна уотурба, сылгыларга эбиэс атыылаһабыт. Төһө да от кыһалҕата баар буоллун, сүөһүбүтүн элбэтэр былаан­наахпыт. Ынаҕы харыстыы, иитэ сатыыбыт. Түргэнник ситэр кыыллары, холобура куурусса, сибиинньэ иитиэхпин баҕарабын да, хаһан эмит хотоммутун кэҥэттэхпитинэ иитиэхпит. Сүөһүтэ-аһа суох олох интэриэ­һинэйэ суох курдук. Саха дьоно сүөһү иитэр төрүт үгэс­пит буол­лаҕа.

*    *    *

– Аҕыйах сыллааҕыта биһиэ­хэ ынахтар дьиктитик төрүүллэрин туһунан улуус хаһыатыгар тахсан турардаахпыт. Биһиги үксүн доҕорбут-­атаспыт сахалыы радио буолар. Ханна да буоллун соһо сылдьан истэбит. Радиобытын хотоҥҥо куруук илдьэ сылдьабыт. Арай, ынахпыт төрөөтө да, радио­ҕа бу күн туох эрэ бэлиэ күн буоларын санаталлар. Туох эрэ бэлиэ күн түбэһэр. Холобур, биир Ил Дархан төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт Дархаана диэн ньирэйдэммиппит. Өссө Лыткина диэн ньирэйдээхпит, кини ырыаһыт Анас­тасия Лыткина төрөөбүт күнүгэр кэл­битэ. Оннук курдук, быйылгы ньирэйбит: Патриотка диэн ааттаах. Нэһилиэкпитигэр «Пат­риот» диэн оҕолорго кустовой байыаннай-спортивнай күрэхтэһии кэмигэр төрөөбүтэ, Россия президенин талыы быыбарын кэмигэр төрөөбүт ньирэйбит – Путин диэн ааттаммыта. Үһүс, төрүөҕэ диэн са­наа­батах ынаҕым соһуччу төрөөбүт ньирэйэ – Сюрприз диэн ааттаах.

Ити курдук, туох эмэ бэлиэ түгэҥҥэ эбэтэр манна туох эрэ тэрээһиҥҥэ сүүрэ-көтө сылдьар кэмҥэр төрүүллэр. Туһугар эмиэ дьикти диэн кэпсээтим.

Мария Аргунова