Республика сайдыыта – улуус сайдыыта. Киһи үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр айылгылаах. Ол сиэринэн, олорор-үлэлиир бөһүөлэккэр сууллаары турбут мас оскуола оннугар таас дыбарыас тутуллубутун эбэтэр ооҕуй оҕус батыллар уулуссата аспаалламмытын умна охсон, өрүү баарын курдук саныыгын.
Хата, туораттан туох барыта ырылхайдык көстөрүнүү, ыалдьыттарбыт Саха сирин тутуу былаһааккатыгар холуулларын үгүстүк истэбит. Онуоха сайдыы өттүгэр уларыйыы куораттарга, улуустар кииннэригэр эрэ буолбакка, ханнык баҕарар уһук нэһилиэккэ тиийэ тэнийбитин мэлдьэһиэххэ сатаммат.
Ону маннык чахчыларынан чиҥэтэн биэрэбит: кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр 274 социальнай суолталаах эбийиэк тутуллан киирдэ. Мантан оскуолата – 48 (10 241 миэстэлээх), уһуйаана – 72 (8 685 оҕо сылдьар), балыыһата уонна амбулаторията – 66, култуура-сынньалаҥ дьиэтэ – 45, успуорт уонна физкултуура эбийиэгэ – 34 (о.и. 10 – успуорт саалата, 13 – элбэх хайысхалаах комплекс, 3 – стадион, 4 – ипподром). Тэтим өссө күүһүрэр: сыччах быйыл 20 оскуоланы, 5 уһуйааны, 14 култуура дьиэтин, 24 балыыһаны, амбулаторияны, барыта 72 социальнай эбийиэги тутуу түмүктэниэҕэ.
Ити кэм устатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2,8 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутулунна. 25 тыһ. тахса олохтооҕо эргэ, хаарбах дьиэттэн саҥаҕа көстө. Ону таһынан чэпчэтиинэн туһанар араҥаҕа киирсэр 5,5 тыһ. киһи (дьиэ кэргэн) олорор усулуобуйатын тупсарда. Барыта 5 765 дьиэ гаас оттук уонна 6 606 дьиэ кииннэммит ититии ситимнэригэр холбоннулар. Быйыл 650 тыһ. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутуллуо, 5,2 тыһ. киһи хаарбах дьиэттэн көһүө, 600 ыал олорор усулуобуйатын тупсарыа, 2 тыһ. тахса дьиэ гаас уонна 1 тыһ. дьиэ кииннэммит ититии ситимнэригэр холбонуохтара.
Нэһилиэнньэтин ахсааныгар таһаардахха, дойду үрдүнэн маннык сөҕүмэр кээмэйдээх тутуу ханна даҕаны суох. Ол даҕаны иһин, Саха сирэ ааспыт сыл түмүгүнэн Подмосковье, Татарстан, Красноярскай кыраай уонна Нижегород уобалаһын курдук улахан эрэгийиэннэри кытта биэс бастыҥ иһигэр ааттанна.
Киинтэн тэйиччи сытар уонна киэҥ сирдээх-уоттаах субъекка салгын аалынан сылдьыһыы суолтата намтыаҕынааҕар улаатар. Кэлиҥҥи биэс сылга Үөһээ Бүлүүгэ, Эдьигээҥҥэ, Сангаарга, Белай Гораҕа, Депутатскайга, Хаандыгаҕа 6 аэропорт саҥалыы өрөмүөннэннэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай киинниин ыкса үлэлэспитин түмүгэр Саха сирин олохтоохторо Уһук Илиҥҥэ көрүллэр чэпчэтиинэн туһанан, киин куораттарыгар субсидиялаах тарыыбынан көтөр кыахтаннылар, оттон өрөспүүбүлүкэ иһигэр эмиэ хотугу улуустарга анаан саҥа бырагыраама көдьүүстээхтик үлэлиир. Авиатордар, сэбиэскэй саҕанааҕы курдук, сөмөлүөттэр мэлдьи толору дьонноох көтөр буолбуттарын бэлиэтииллэрэ ону бигэргэтэр.
Суол-иис тубустаҕына, ыраах – чугаһыыр, ыарахан – чэпчиир. Аҕыйах сыллааҕыга диэри, бэл, киинтэн чугас сытар улуустарга, нэһилиэктэргэ массыынанан айанныыр олус эрэйдээх буолара: паромҥа анньыһыы-үтүрүһүү, онтон салгыы курааҥҥа бурҕаҥнас буорга, ардахха бадарааҥҥа кубулуйар алдьаммыт кутуу буор-кумах суолунан уһун-синньигэс айан инчэҕэй эттээҕи чахчы илиһиннэрэрэ.
Кэлиҥҥи биэс сылга өрүһү, үрэҕи туоруур 2,7 тыһ. п.м. уһуннаах 48 бетон-тимир күргэ тутуллан, дьон-сэргэ абыранна. “Өлүөнэ” айан суолугар тилэри аспаал хаттыгас тэлгэннэ. “Халыма” айан суолун аспааллааһын Чурапчыга тиийдэ. “Бүлүү” тыраассаны ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэр хайысхалаах үлэ ыытыллар. “Дьокуускай – Нам” массыына суола тупсарыллар. Ыйыллар болдьоххо 1,8 тыһ. килэмиэтиртэн тахса уһуннаах суол саҥалыы оҥоһулунна: итинтэн 871 килэмиэтирэ – федеральнай таһымнаах айан суола, 673 килэмиэтирэ өрөспүүбүлүкэ итиэннэ 352-тэ олохтоох суолталаахтар.
Аныгы үйэ аргыһа – түргэн тэтимнээх интэриниэт. Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр сибээс оптическай утахтаах ситимигэр 246 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно, 9 тыһ. килэмиэтир уһуннаах ситим тардылынна. Ол түмүгэр эрдэ ыытыллыбыт үлэлиин холбоон, 13 600 км уһуннаах утах тардыллан, 378 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа (өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 91,9 бырыһыана) аныгы кэм сибээһэ олохтонно.
Ханна суол уонна сибээс баар сиригэр сайдыы тэнийэр, дьон олохсуйар. Дьиҥэр, биэс сыл – эрэгийиэн кээмэйигэр олус кылгас кэм. Ол гынан баран, сатабыллаахтык салайар-тэрийэр буоллахха, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа чэпчиирин, өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар элбэҕи оҥоруохха сөбүн билиһиннэрбит чахчыларбыт, сыыппараларбыт кэрэһилииллэр.
Сайдыы суолугар бигэтик үктэннибит
Оттон биһиги улууспутугар бу кэрчик кэм иһигэр туох үлэ-хамнас барда, туох оҥоһулунна? Ону ырытан көрүөҕүҥ. Ол эрээри 10 сылы хабыахпыт. Тоҕо диэтэргит, 2018 сыллаахха улууспут баһылыгын талар быһаарыылаах быыбарга уус алданнар аан бастакытын улууска үлэлии олорор баһылыгы иккис болдьоххо талбыттара. Ол курдук бастакы болдьоҕор 2013 сыллаахха улуус баһылыга буолбут Алексей Федотов быыбардаабыт дьон куоластарын баһыйар өттүн ылан 2018-2023 сылларга үлэлээн кэллэ. Бу кэм устата биһиэхэ даҕаны тутуу бөҕө тутулунна, суол да оҥоһуллар, бары салааҕа үтүмэн үлэ ыытылынна, ситиһии да баар диир кыахтаахпыт, ону таһынан улуус нэһилиэктэрэ 100 % түргэн тэтимнээх интернетинэн хааччылыннылар, онон 14 нэһилиэккэ GPON тиһигэ киирдэ – бу үлэ салгыы ыытыллар.
10 сыл устата 111 эбийиэк тутулунна
Тутууларга, бастатан туран, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан улуус киинигэр Бороҕоҥҥо эрэ буолбакка, кэлиҥҥи сылларга нэһилиэктэргэ эмиэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тутуллаллар диэн бэлиэтиэх тустаахпыт. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри элбэх кыбартыыралаах 17 дьиэ тутулунна.
Сыыппаранан салгыы көрдөрдөххө, 2013-2022 сылларга улууспутугар уопсайа 111 эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирдэ. Ол иһигэр 65 социальнай эбийиэктэн 9 оскуола тутуллан – 1420 оҕо үөрэх миэстэтинэн, 14 оҕо саада тутуллан 940 оҕо уһуйааҥҥа миэстэнэн хааччыллыннылар, ону сэргэ 9 спортивнай эбийиэк тутулунна, 7 култуура эбийиэгэ уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр 8 эбийиэк, 6 административнай дьиэ, 9 болуоссат, инфраструктура эбийиэктэрэ уо.д.а. тутулунна. Оттон быйыл 2023 сылга 10 эбийиэк үлэҕэ киирэр.
Киинтэн ититиигэ холбооһун – болҕомто киинигэр
Тыйыс тымныылаах кыһыннаах дойдуга олорор дьоҥҥо олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар коммунальнай хаһаайыстыба салаата биир сүрүн болҕомтону ылар. Бу салааҕа 2013 с. 27 котельнай, 5 тепловой пуун тутулунна. Уус Алдан улууһа 2013 с. 37 тыһыынча тонна чоҕунан кыстыыр эбит буоллаҕына, бүгүн ити 100 тыһыынча тонна чоххо тиийдэ. Урут 60 км ититии ситимэ баар буоллаҕына, билигин 194 км буолла. Онон 2013-2022 сылларга барыта 1374 дьиэ киинтэн ититиигэ холбонно. Онуоха Тиит Арыы, Бээрийэ, Балыктаах, Бэйдиҥэ , Чараҥ, Балаҕаннаах бөһүөлэктэригэр дьиэлэр 100% киинтэн ититиинэн хааччылыннылар.
Мүрү нэһилиэгин илин өттүгэр «Восток-1» хочуолунай үлэҕэ киирдэ, ону таһынан Мындаабаҕа хочуолунай тутулунна. 2023 с. улуус киинигэр «Запад-1», «Запад-2» улахан квартальнай хочуолунайдар тутуулара саҕаланна. Бу хочуолунайдар үлэҕэ киирдэхтэринэ, Бороҕон арҕаа өттүгэр олорор чааһынай ыаллары киинтэн ититиигэ холбооһун үлэтэ күүскэ ыытыллыаҕа.
Итини таһынан Мүрү нэһилиэгэр «СӨ ДьУоКХ» ГУТ бырагырааматынан КОС (кирдээх ууну ыраастыыр станция), “Чистая вода” национальнай бырайыак бырагырааматынан ууну ыраастыыр станция тутуллуохтара.
Суол – олох төрдө
2013 сылга диэри Уус Алдан улууһун сүрүн хорук тымырдара – «Мүрү» уонна «Бороҕон» эрэгийиэннээҕи суоллар – гравий бүрүөһүннээх буоллахтарына, билиҥҥи туругунан, 56 км суол щебенка буолла. Улуус киинигэр 4 км усталаах Лонгинов аатынан биир сүрүн уулуссабытыгар саҥа бетон суол оҥоһулунна, суол устатын тухары уот, сибээс, сырдатыы коммуникациялара саҥардылыннылар. Оттон муниципальнай суолларга 2013 с. 111 км гравий эбит буоллаҕына, билигин уопсайа 194 км суол кытаанах бүрүөһүннээх буолла. Барыта 83 км суол тутулунна, 150 км суол өрөмүөннэннэ, 8 тимир муоста, 4 мас муоста тутулунна, үрүйэлэри ыытарга 72 турба угулунна. Бороҕоҥҥо Стрекаловскай, Ленин ааттарынан уонна Юннаттар уулуссаларыгар 2 км асфальт тэлгэннэ. Ону таһынан быйыл «Мүрү – Төҥүлү» өрөспүүбүлүкэтээҕи суолга 19 км, «Мүрү – Суотту» 15 км суол оҥоһуллан бүтүөхтээх.
Тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ үгүс үлэ оҥоһулунна
Уус Алдан улууһа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус буолар. Онон бу салааҕа эмиэ үгүс үлэ оҥоһуллар. Күн бүгүн ынах сүөһүнү иитиинэн 75 хаһаайыстыба дьарыктанар, ол иһигэр дьиэ кэргэн фермата – 22, саҥа саҕалааччы фермер – 41, агростартап – 12. Сылгыны иитэр 27 хаһаайыстыба уопсайа 255 000 000 солк. суумалаах граннары ылаллара ситиһилиннэ, ол түмүгэр 306 үлэ миэстэтэ таҕыста, 40 хотон, 9 сылгы баазата тутулунна, араас тиэхиньикэ атыылаһылынна.
Сүөһү ахсаанын ортотунан 13 500-14 000 төбөнү тутан кэллибит, сылгыбыт ахсаана 1500 төбөнөн элбээн, 12500 төбөҕө тиийдэ. Үүт ыамын валовай көрдөрүүтэ 2013 – 2022 сылларга 11039,34 л тэҥнэспит.
2013 с. 3156 гаа бааһына баара, онно эбии 1200 гаа сир чөлүгэр түһэриллэн билигин 4356 гаа бааһына таҥастанан үрдүк үүнүүнү биэрэр. Бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбаларга бурдук хомуйар 5, хортуоппуй хомуйар 2 анал комбайн, бааһынаҕа үлэлиир улахан кыамталаах 4 ХТЗ тыраахтар ылылынна.
«Мүрү Ас», «Туйма», «Дүпсүн» тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын онорор кэпэрэтииптэр улахан иэстэриттэн төлөрүйэн, үлэлиир дьиэлэрин-уоттарын, оборудованиеларын тус бэйэлэрин бас билиилэригэр ылыылара ситиһилиннэ. 2018 сылтан улуус бюджетыттан 18 мөл. солк. көрүллэн, үгүс докумуон оноһуллан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагыраамаларыгар кыттан 72,5 мөл. солк. суумаҕа матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаны бөҕөргөтүүгэ үлэ барда. Суоттуга буойуна тутуллан үлэлии турар, өссө биир буойуна 2022 сылтан тутуллан Лөгөй Хомустааҕар быйыл үлэтин саҕалыахтаах.
Ити курдук, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сүрүн салааларга үлэ-хамнас сөптөөхтүк торумнанан тэтимнээхтик, тэрээһиннээхтик ыытыллар диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Оттон быйыл улууспутугар Инфраструктура сайдыытын сыла биллэриллибитэ, онуоха 7 хайысханан 107 пууннаах үлэ былаана бигэргэнэн үлэ саҕаланна. Онон 2030 сылга Уус Алдан оройуона тэриллибитэ 100 сылыгар диэри 100 саҥа эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрэр сорук турбута сайдыы суолугар бигэтик үктэммиппит туоһута буолар.