Тумуллар СВО байыастарыгар ананар көмө акцияларга түмсүүлээхтик кытталлар

Бороҕон нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойун саллааттарга күүс-көмө буолаллар. Ол курдук «Аал уот» кырдьаҕастар түмсүүлэрэ иккис күннэрин «Блиндажная свеча» акцияҕа кыттыһан чүмэчи оҥоһуутугар мусталлар, биир дойдулаахпыт, урбаанньыт Лира Алексеева биир дьааһык чүмэчи спонсордаан күүс-көмө буолла.

Үһүс саас «Көмүлүөк» оскуолатын чилиэттэрэ СВО-ҕа улуустан барар делегацияҕа 7400 солкуобай көмөнү хомуйан туттарда.

Бу күннэргэ «Түмсүү» култуура киинигэр, СВО-ҕа маскировочнай сетка баайыытыгар аҕам саастаахтар, олохтоохтор, тэрилтэ үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кэлэн күүс-көмө буолаллар. Нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ, олохтоохторо биир санаанан түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк кытталлара үөрдэр, эрэл кыымын саҕар. Буойуттарбыт дойдуларыгар Кыайыы көтөллөөх, эргиллэн кэлэллэрин эрэнэ кэтэһэбит.

Светлана Прудецкая, библиотекарь, уопсас. кэрэсп.