Тулхадыйбат тулааһыннаах Тулунаҕа

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр редакциябыт айар бөлөҕө II Лөгөй нэһилиэгин Тулуна бөһүөлэгэр ыалдьыттаата. Бырапыыскалааҕынан 595 нэһилиэнньэлээх дьоҕус бөһүөлэк диэтэххэ, үлэ-хамнас балай да сэргэхтик бара турара харахха быраҕыллар, сибэккинэн симэммит тупсаҕай оҥоһуулаах дьон олорор дьиэлэрэ бөһүөлэк сарсыҥҥылааҕын тута кэпсиир.

Сүрүн кыһалҕа – быраас, фельдшер суоҕа

Бастаан былырыын быыбарга талыллан сэтинньи 20 күнүгэр баһылыгынан үлэтин саҕалаабыт эдэр киһи Петр Бурнашеву кытта кэпсэттибит. Петр Егоровичтан бүгүҥҥү күҥҥэ уонна үлэлээн саҕалыаҕыттан да диэххэ, бөһүөлэккэ туох үлэ ыытыллыбытын, нэһилиэн­ньэ кыһалҕатын туоһуластыбыт, онуоха кини маннык кэпсээтэ:

«Бөһүөлэккэ дьаһалта, кулууп, бибилэтиэкэ, оҕо саада, оскуола, балыыһа дьиэлэрэ үлэлии тураллар. Балыыһабыт дьиэтэ саамай мөлтөх турук­таах буолар, 2019 сыллаахха хаарбаҕынан бигэргэммитэ. Урукку сылларга нэһи­лиэнньэ бэйэтин күүһүнэн 1991 сыллаах­ха тутуллубут, тэллэйдэммит оскуоланы көһөрөн аҕалан балыыһа дьиэтэ оҥорбута. Ол билигин туруга мөлтөөн, кыһынын олус тымныы. Кулууппут эмиэ хаарбах туруктаах, култуура минис­тиэристибэтигэр уочаракка киирэн турар, билигин саҥа кулуупка быра­йыак оҥотторуутугар үлэлэһэбит. Ол гынан баран, урут бастаан балыыһабыт тутуута олоххо киириэн наада. Саҥа балыыһа тутуутугар министиэристибэни кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Уочаракка 2026 сылга туруохтаах. Онно бэлэмнээн саҥа балыыһа тутуллар сирин быстаран, ититии кии­рэригэр үлэ­лэһэ сылдьабыт. Ититии матыры­йаала кэлэн сытар, эһиилгиттэн тардан саҕалыыллар. Онно үргүччү сэттэ ыал ититиигэ холбонуох­таах. Биир сүрүн кыһалҕабыт – балыыһабытыгар үлэһит суоҕа буолар, фельдшер уонна быраас наада. Кэллэхтэринэ билигин хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан саҥа тутулла турар биэс кыбартыыралаах дьиэттэн биирэ муниципальнай, онно олохтуур былааннаахпыт.

Ититиигэ 65% холбонон олоробут. Куула түөлбэтэ хаалан турар, онно 60 дьиэ ититиигэ холбоноро күүтүллэр. 2026 сылга диэри ититиини киллэрэр соруктаах ХЭТ «Теплосеть+» тэрилтэ дириэктэрэ Сергей Уваровы кытта үлэ­лэһэ сылдьабыт. Ититиини кытта кыһыннары, сайыннары кэлэр тымныы уу ситимэ тардыллыахтаах. Билигин оннук уу ситимин Сыһыы түөлбэҕэ тарда сылдьаллар.

 

Оскуолаҕа оҕобут ахсаана 75, быйыл маҥнайгы кылааска алта оҕо киирэр. Оҕо тэрилтэтэ 35 оҕолоох. Быйыл хомойуох иһин, биир эрэ оҕо төрөөтө.

Үлэбин саҕалыахпыттан, туох үлэ барбытын билиһиннэрдэххэ, үөһэ этэн аһарбытым курдук, «Хаарбах дьиэ» бырагыраама чэрчитинэн биэс кыбартыыралаах дьиэ тутуллан түмүктэнэн эрэр. Эргэ дьиэтэ көтүллэн, ыам ыйыгар суол алдьаныан иннинэ кэлэн сыбаа­йатын түһэрбиттэрэ. Балаҕан ыйын бүтүүтэ эбэтэр алтынньы саҥата үлэҕэ кии­риэхтээх. Олохтоох көҕүлээһини өйүүр куонкуруска киирсэн, кыайан Эбэҕэ киириигэ 800 миэ­тэрэлээх суол оҥоһулла турар. Гравий бүрүөһүннээх, уоттаах-күөстээх суол буолар. Итиэн­нэ И.И. Мигалкин ааты­нан уулуссабыт суолугар нэһилиэк бүддьүөтүттэн 400 м суолу оҥоротторо сылдьабыт. Бу кү­һүн сорох сирдэринэн уулусса уотун өрөмүөннэтиэхтээхпит. Бөһүөлэкпит көстүүтэ тупсарын туһугар, Иннокентий Троев олохтообут үтүө үгэһин тохтоппокко, нэһилиэк бүддьүөтүн суотугар Бэстээх сыанатынан нэһилиэнньэҕэ икки рейсинэн тутуу матырыйаалын тиэйэн биэрдибит.

Нэһилиэкпитигэр быйыл үс улуус бочуот­таах олохтоо­ҕо эбилиннэ: Петр Бурнашев, Моисей Литвинцев, Лариса Троева. Күн бүгүн үрдүк тэтимнээх интэриниэти хаач­чыйар оптоволокно ситимэ тардылла турар. Нэһилиэнньэни бүтүннүү хабыахтаах. Ростелеком тэрилтэ үлэһиттэрэ үлэлии сылдьаллар. Итиэннэ Хаптаҥа лааҕырыгар уот тардыллыахтаах. Бу саас Сэмэн күөлбүтүгэр үс куул балык ыыппыппыт, күһүн муҥхалыахтаахпыт.

«Үйэ» сурунаалга биэс дьоруой ийэлэрбит туһунан таһааттарыахпыт. Биир дойдулаахпыт Семен Иванов аатынан уулусса баар буолла. Олорон ааспыт дьиэтигэр ыйанар вывеска оҥоттордубут, ону үөрүүлээх быһыыга-майгыга иилиэх­пит уонна кинигэ таһааттараары үлэ­лэһэбит. Быйыл оскуола үбүлүөйүнэн сиэт­тэрэн бөһүөлэкпитигэр Выпускник сылын биллэрбиппит. Биир кыра бөһүөлэк оскуолатыттан үчүгэй үлэһит дьон таҕыстылар диэн киэн тутта бэлиэтиэхпин баҕарабын. Холобур, икки выпускник улуус баһылыгын солбуйааччыта буоллулар. Степан Литвинцев үөрэх салалтатын начаалынньыгынан, Наталья Попова улуус­пут хаһыатын кылаабынай редакторынан, Владимир Копырин «Саха» НКИК улуустааҕы филиалын салайааччытынан үлэлииллэр. Итиэннэ Петр Аммосов Госдума депутата, ити курдук Россиябыт араас муннугар тиийэ араас дуоһунастарга үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

 

Ыһыахпытын эмиэ выпускник­тарга анаан тэрийбиппит. Выпускниктар парадтара буолбута. Оскуола материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүүгэ выпускниктарбытыгар аахсыйа биллэрбиппит, онно көхтөөхтүк кытталлар, ол балаҕан ыйыгар диэри салҕанар. Сыл бүтэһигэр улахан тэрээһин оҥорон түмүктүөхпүт. Маны таһынан выпускниктарбытын кэриэс­тээн, холобур, Чечня сэрии­тин бэтэ­рээнэ Владимир Докторов аатынан олунньуга ытыыга күрэс тэрийбиппит. Тэрээһиннэргэ киирдэххэ, улууска Аҕа сылынан улуустааҕы «Ба­йанай» аҕалар күрэстэрин, «Кубок Ту­луны» волейбол күрэхтэһиитин тэ­ри­йэн ыыппыппыт. «НВК кубогар» кыа­йыыны ситиһэн, 150 тыһыынча бирииспитин биир сүбэнэн эти-хааны эрчи­йэр тренажердары туруордубут.

 

Инники сорукпут, былааммыт сүрүннээн суолу-ииһи тупсарыы буолар. Эдэр исписэлиистэргэ дьиэ туттарыахпытын баҕарабыт. Тыа хаһаайыстыбатын тутар дьоммут сааһыран иһэл­лэр, онон биир уопсай ферма тутан, үлэһит көрөн, итинник суолу толкуйдуубут. Социальнай эби­йиэктэрбит өрөмүөнэ, саҥа тутуулар баар буолууларыгар баҕа баһаам. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэнньэм дьонугар уонна республикабыт араас муннуктарыгар олорор биир дойдулаахтарбар сүбэ-ама, күүс-көмө буола сылдьалларыгар махтанабын».