Уус Алдан улууһугар култуурунай нэһилиэстибэни харааннаа­һын, история уонна култуура паа­матынньыктарын харыстааһын, чөлүгэр түһэрии боппуруостарыгар сүбэ мунньах тэрилиннэ.

Мунньахха Саха сирин туристи­чес­к­ай индустрия­тын Ассоциация­тын бэрэссэдээтэлэ Аркадий Доро­феев, “История уонна култуура пааматынньыктарын харыстааһын Бүтүн Россиятааҕы уоп­састыбата” Бүтүн Россиятааҕы уопсас­тыбаннай тэрилтэ Саха сирин регионнааҕы салаатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Руслан Васильев, судаарыстыбаннай кэтээн көрүү салаатын салайаач­чыта Герасим Петров кытыннылар. Мунньаҕы Уус Алдан улууһун баһылыгын 1-кы солбу­йааччы Илья Артамонов ыытта.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулуус­пата иһитиннэрбитинэн, сүбэ мунньахха Уус Алдан сиригэр-уотугар туризмы сайыннарыы, Мүрү Томторун улуус историята саҕаламмыт сирин быһыытынан харыстааһын, култуурунай уонна история өттүнэн улахан суол­талаах архитектура эби­йиэктэрин чөлүгэр түһэрии, харааннааһын курдук тиэ­мэлэргэ киэҥ хабааннаах кэпсэтии таҕыста. Онуоха, бастатан туран, сирин бас билии докумуонун сити­һэргэ этилиннэ.

Мунньах бэрэссэдээтэлэ Илья Артамонов Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуурунай нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа управлениетын үлэһиттэригэр улуус дьаһалтата инникитин биир ситимнээхтик ыкса үлэлэһэргэ бэлэмин биллэрдэ. Томтору сөргүтүүгэ үлэ салҕанар.