“Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһа быйыл 92-с сезонун арыйар

2022 сылга тутуута түмүктэнэн барыбыт үөрүүтүнэн арыллыбыт Василий Никифоров – Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһа дириэктэр Максим Петрович Гоголев салайыытынан саҥалыы күүс-уох ылан, биир сыллааҕы таһаарыылаах үлэтин түмүктээн, быйыл эмиэ саҥа сезонун арыйар. Бу сыл устата үтүмэн элбэх тэрээһин ыытылынна, саҥа уораҕайбыт чахчы дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустар киининэн буолла.

Үгэс буолбут “Танцует Мүрү”, “Мүрү” ырыа күрэҕэ, “Күлүү – сүрэх эмчитэ”, “Две звезды”, “Мүрү чуораанчыктара” тэрээһиннэри сэргэ саҥа бырайыактар “Ыччат БАТЛЛ”, “Айар сэһэн”, “Дайар кэм”, о.д.а. эмиэ тэрээһиннээхтик бардылар. “Тойон Мүрү” үҥкүү, ырыа, хор норуодунай кэлэктиибэ, ону тэҥэ ырыа 5 ансаамбыла, үҥкүү 6 кэлэктиибэ уонна “Бэрт бэтиэхэлэр” тыйатыраалынай бөлөх куруһуоктарыгар барыта 252 киһи хабыллан сылдьар.

Оттон култуура дыбарыаһын иһинэн үлэлиир Олоҥхо дьиэтигэр фольклор араас куруһуоктарыгар барыта 74 киһи дьарыктанар. Олоҥхо дьиэтигэр Олоҥхо, хомус декадалара, “Дьиэрэй” фольклорнай куонкурус, “Кырачаан олоҥхоһут”, о.д.а. күөн күрэстэр сылы эргиччи ыытыл­лаллар. Маны тэҥэ “Уус Алдан Уран уус­тарын түһүлгэтэ” быыстапка сылын аайы Дьокуускай куоракка ситиһиилээхтик турар.

Кэнники сыллардааҕы үлэ түмүгүнэн ааспыт 2022 сылга “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһа Арассыыйаҕа “Тыа сиригэр бастыҥ култуура тэрилтэтэ” ааты ылан, 100 тыһ. солк. наҕараадаламмыта.

Бу курдук “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын айымньылаах кэлэктиибэ быйыл 92-с сылын ырыа-үҥкүү, айар талаан алыптаах эйгэтигэр бука барыгытын ыҥырар!

Екатерина Захарова

Читайте дальше