Тиит Арыыга «Барыта дьиэ кэргэн туһугар» десант үлэлээтэ

2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Тиит Арыытааҕы И.С. Колодезников аатынан сүрүн оскуолаҕа Уус Алдан улууһун сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киинин специалистара «Барыта дьиэ кэргэн туһугар» диэн социальнай десаны ыытан билиилэрин үллэстэн, оҕолору, дьону-сэргэни кытта үлэлээн бардылар.

Профилактика уустук улэтигэр субэ-ама биэрэ, оҕолор өттүлэриттэн буруйу оҥоруу, бэрээдэги кэһии тахсыбатын туһугар, оҕону иитиигэ төрөппүт эппиэтинэстээх буолуутун үрдэтиигэ араас хайысханан квалифицированнай көмөнү – социальнай, медицинскэй, педагогическай, психологическай өҥөлөрү оҥоро – өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киирбит «Ответственное родительство» технологиянан уонна бэйэлэрин «Семья для ребенка» диэн тус сыаллаах программаларынан кылаас салайааччыларыгар «Организация работы по профилактике правонарушений среди несовершеннолетних» семинары ыыттылар. Оҕолорго нейрографикаҕа уонна оҕуруону тиһиигэ маастар-кылаастар буоллулар, ону таһынан улахан кылаас үөрэнээччилэригэр «Профилактика половой неприкосновенности», «Профилактика буллинга и суицидального поведения среди несовершеннолетних», «Профилактика злоупотребления ПАВ», «СМИ и творчество как средство духовно-нравственного воспитания» кылаас чаастара буоллулар.

Түмүккэ тэрилтэлэр бэйэ икки ардыбытыгар уонна нэһилиэк баһылыгын кытары сөбүлэҥ дуогабары түһэристибит, инникитин даҕаны бииргэ үлэлииргэ сыал-сорук туруоруннубут. Төрөппүт кыттыылаах үөрэхтээһини тэрийэн, «Современные тенденции в семейном воспитании» (модератордар С.М. Бурцева уонна А.М. Иванова, А.И. Петрова) индивидуальнай консультацияларыгар учууталлар, төрөппүттэр олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Онон биһиэхэ кэлэн үлэлээбит кэллиэгэлэрбитигэр Светлана Бурцеваҕа, Мария Готовцеваҕа, Александра Петрова, Галина Саввинова, Зоя Сивцева, Авилина-Саргылаана Атласоваҕа, Матрена Леонтьеваҕа уонна Акулина Ивановаҕа оскуола коллективын, үөрэнээччилэрин, төрөппүттэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Прасковья Аргунова