Саха cирин олохтоохторо кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэлэрин дойдуларын кэрийэн көрөллөрө, күүлэйдииллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Улуустарга туризм сыллата сайдан иhэрэ бэлиэтэнэр. Омук дойдуларыттан да ыалдьыттар ахсааннара элбиир. Инникитин туризм өссө сайдарын туһугар араас бырайыактар үлэлииллэрэ да элбээтэ.
Саха cиригэр туризм ордук сайдыбыт сирдэринэн Өлүөнэ очуостара, Булуус, Күрүлүүр, Киhилээх хайа, Харама хайата, Сиинэ хайалара, тукулааннар, Буотама уо.д.а буолаллар. Бу маннык сирдэргэ дьон күүс, сэниэ эбинэн, ыраастанан, алгыс ылынан сынньанар.
Дойдубут хатыламмат, кэрэ кѳстγγлээх сирдэрин туhунан элбэхтик суруйаллар, кэпсииллэр. Мин үөрэтэр оҕолорбор эмиэ мэлдьи кэпсиибин, билиһиннэрэбин. Оҕолор сүрдээҕин билэллэр эбит. Дьоннорун кытары күүлэйдии, сынньана барар оҕо ахсаана сыллата элбээн иһэр. Бу маннык кэрэ сирдэринэн сылдьар оҕо өйө-санаата уларыйар, көрүүтэ кэҥиир, төрөөбүт дойдутугар таптала күүһүрэр дии саныыбын.
Үөрэнээччилэрбэр сиргэ, тыаҕа сатаан сылдьарга, компастаах сылдьан туһанарга, каартаны сатаан ааҕарга үөрэтэ сатыыбын. Атын омук да сиригэр бардахтарына бу билиилэрэ олус туһалыаҕа. Билигин оҕолор ол туһунан өйдүүллэрэ, билэ-көрө сатыыллара наһаа үчүгэй. Ордук үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ сэҥээрэллэр. Оҕолортон ыйыталастахха, омук сиригэр күүлэйдии барыан баҕалаах оҕо элбэх эбит.
Бэйэбит дойдубут кэрэтэ, айылҕатын мааныта сүрдээх үчүгэй эбээт. Онон бэйэбит төрөөбүт дойдубутун кэрийэн көрүөххэ, оҕолорбутугар кэпсиэххэ, тапталы иҥэриэххэ!
Афанасий Гоголев, география учуутала, Мүрү 1№-дээх орто оскуолата