Тас дойду гражданнарын бэрэбиэркэлээтилэр

Уус Алданнааҕы ИДьО участковайдарын салаатын начальнигын солбуйааччы Алексей Березкин иһитиннэрбитинэн, бу дьыл алтынньы 2-8 күннэригэр Уус Алданнааҕы ИДьУО үлэһиттэрэ улуус үрдүнэн «Нелегал-2023» диэн ­оперативнай-сэрэтэр тэрээһини ыыттылар.

Комплекснай оперативнай-сэрэтэр дьайыы кэмигэр сэттэ тутулла турар эбийиэккэ 70 араас дойду гражданнарын бэрэбиэр­кэлээтилэр. Ол түмүгэр, алтынньы 5-с күнүгэр 18.8 ыстатыйа 1-кы чаа­һынан биир буруйу кэһии бэлиэтэннэ (үлэлии кэлбит тас дойду олох­тооҕо учуокка турбатах). Эпэрээссийэ барар кэмигэр полиция үлэһиттэрэ гражданнары кытта миграционнай сокуону тула административнай быраабы кэ­һиини уонна холуобунай буруйу таһаарбаттарын туһугар сэрэтэр кэпсэтии үлэтин ыыттылар.

Атын дойдулар гражданнара миграционнай учуокка туралларыгар олохтоммут бэрээдэк быһыытынан 322.3 УК РФ ыстатыйатынан хо­луобунай эппиэтинэһи ылынарыгар сэрэтии суруллар. Ону кытта, тас дойдулар гражданнарын РФ сиригэр-уотугар сылдьар болдьохторун кэтээн көрөр мониторинг куруук ыытыллар.

Мария Аргунова

Читайте дальше