Тапталлаах кэргэн, ийэ Лина Стрекаловская – ураты көрүүлээх талааннаах видеограф

Оҕо кыра эрдэҕиттэн туох идэлээх буолуон баҕарарын оонньууруттан, интэриэһиргиириттэн көрөннөр, төрөппүттэр сабаҕалаан көрөн билээччилэр.

Дүпсүнтэн төрүттээх Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, тапталлаах кэргэн, үс уол иһирэх ийэтэ Акулина Стрекаловскаяны (@lina_strek) хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар дьоҕурдааҕын төрөппүттэрэ эмиэ кыратыттан өтө көрбүттэрэ. Кыыстарын талаанын өйөөн, харчыларын мунньунан, оччолорго “Kodak” фотоаппараты бэлэх ууммуттара. Линаҕа бу олус күндү, умнуллубат күнүнэн өйдөнөн хаалбыта. Онон анал аппарааттаах кыыс ханна да бардар, ол кэми мүччү туппакка, хайаатар да хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэн иһэрэ. Ол оҕо саас быстах дьарыгынан хаалбыта…

Билигин Лина Стрекаловская сыта-тура толкуйдаан көрдөҕүнэ, ол кэмҥэ саҕаламмыт үлүһүйүүтүн улаатар, бэйэ суолун көрдүүр оҕо санаатыгар аахайбакка аһардан кэбиспит. Эмчит идэтигэр үөрэнэ сылдьан кэргэн тахсар, утуу-субуу оторой-моторой үс уолу күн сиригэр көрдөрөр. Ол олорон санаатын сааhыланан, үгүс толкуйдарга түһэн, айылҕаттан бэриллибит талаанын сайыннарар санаата дьэ ситэр. Бастаан дьиэ иһинээҕи чугас дьонун, оҥоһуктарын, астаабыт аһын хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар буолбута. Онуоха кэргэнэ кини баҕатын, үлүһүйүүтүн таба көрөн, анаан үөрэн, дьарыктан диэн тыл көтөхпүтүн, үөрүүнү кытта сөбүлэһэн үөрэнэргэ сананар.

Лина уһата барбакка, былырыын Дьокуускай куоракка киирэн, анаан үөрэнэн билиитэ-көрүүтэ өссө хаҥаата. Үөрэммит 40 кыыстан иккис миэстэни ылан, үөрүүтэ өссө үксээбитэ. Бу кэмтэн саҕалаан, сүрэҕэ сөбүлүүр, дууһата сытар дьарыгын сайыннаран, үгүс киһиэхэ умнуллубат видеолары устан саҕалаата.

– Үгүс киһи ыҥырарыттан олус астынабын, дьон интэриэһин тардар эбиппин диэн үөрэ саныыбын. Билигин бу дьоҕурбун бырахпакка, өссө инним диэки хардыылаан, үрдүк ситиһиилэргэ дабайарга үлэлэһэбин. Күүс-көмө буолар кэргэммэр улахан махталбын тиэрдэбин.

Билиҥҥи аныгы үйэнэн сиэттэрэн, хас биирдии кэрэ аҥар бэйэтин таптыахтаах уонна ол кэрэтин көрдөрүөхтээх, арыйыахтаах. Умнуллубат кэрэ күннэри бэйэтигэр аныахтаах дии саныыбын. Ол курдук кэрэ кыыс олус кыраһыабайдык оҥостон, хаартыскаҕа түһэн, видеоҕа уһуллан, бэйэтин арыйар. Дьэ, оччоҕо кини ис туруга өссө тупсан, бэйэтин сыаналыыр, кэрэҕэ тардыһар. Хаартыска, видео историяны кэпсиир, кэрэһэлиир дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Кыраһыабайдык түспүт хаартыскаҕын мэлдьи көрө сылдьарыҥ астык буоллаҕа. Манан сиэттэрэн биир күн кыргыттары ыҥыран, идэбинэн уһуларга сананным. Хайдах буолуохтааҕын бастаан харахпар ойуулаан көрдүм. Уонна элбэҕи толкуйдуу барбакка, социальнай ситимҥэ “видеоҕа уһуларбар түөрт кыыһы көрдүүбүн” диэн суруйдум. Суруйаат да, үгүс суругу туттум.

Дьэ, онтон кыргыттарбар “ретро” уобарастаах буолалларын быһааран эттим. Дьонум түргэн-түргэнник ылынан, сып-сап туттан, таҥас-сап булунан, миигин соһуттулар. Таҥастарыгар эбэлэрэ, эһэлэрэ кэтэ сылдьыбыт 60-70 сыллардааҕыны булуммуттар. Билиҥҥи үйэҕэ маннык мээнэ көстүбэт. Буларга ыарахаттардаах буолааччы. Маныаха кинилэргэ санаа хоту табыллан, эппит-ойуулаабыт таҥастарым көстөн биэрдилэр. Үөрдүм-көттүм, уһуларга өссө кынаттанным. Ити курдук өрөбүл күнү аhардыбакка көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, билсэн, бэт бэһиэлэй күн ааспыта. Бу олорон, олох уруккуттан билсэр дьон курдук, миэхэ арыллыбыттарыттан сөҕө саныыбын. Кыргыттар бастакы уhуллуулара буолар диэн билэбин, турукка түргэнник киирдилэр, орун-оннугар барыта буолуохтааҕын курдук табыллыбытыттан олус үөрдүм, астынным. Биидьийэни таҥан иккис күнүгэр кыргыттарга ыыттым. Көрөн баран “ама бу биһиги дуо?” диэхтэригэр диэри үгүс үчүгэй тылларынан долгуттулар, сүрэхпин хамсаттылар.

Ити курдук хас биирдии кэрэ аҥар, хайа баҕар хайысхаҕа арыллар кыахтаах диэн этиэхпин баҕарабын. Аны аҕам саастаах көлүөнэни устан холонон көрөргө толкуй киирдэ. Бу өссө ураты видео буолан тахсыахтаах диэн эрэл баар. Түгэнинэн туһанан, уһуллубут кыргыттарбын хайгыахпын баҕарабын, бастакы уһуллууга бэйэлэрин олус үчүгэйдик көрдөрөн, кыбыстар диэни умнан, бэйэлэрин арыйбыттарыттан хайгыыбын, туттан-хаптан олох уруккуттан уһуллар дьон курдук сылдьыбыттарыттан сөхтүм, махталбын тиэрдэбин.

Ити курдук түөрт маҥнайгынан суруйбут кыыһы талан үлэтин саҕалыырга санаммыта. Лина модельнай быһыылаах кыргыттары көрдөөбөт, талбат. Кини сыала – хас биирдии кэрэ аҥаар бэйэтин таптыырыгар, ону арыйарыгар көмө. Эн-мин дэһэн үчүгэйдик билбэт кыргыттарын кытта олус интэриэһинэй кылгас кээмэйдээх видеоны уһуллулар. Киһи көрөн олорон, ийэлэрбит, эбэлэрбит саҕанааҕы кэрэ кэми – билигин этиллэринэн «ретро» – хараҕар оҥорон ылар.

Онон Лина Стрекаловская үлэтин сэргии көрүҥ, сыаналааҥ, өҥөтүнэн туһаныҥ.

Үрдүккэ кынаттыыр сыанабыл, махтал кэрэ тыллара

Ольга Гоголева:

– Биир киэһэ утуйаары сытан Лина биллэриитин көрдүм. «Видеорилска уһуллуон баҕалаах кыргыттар миэхэ суруйан кэлиҥ» диэбит этэ. Хата, тута суруйаммын куонкуруска хапсан үөрүү бөҕө. Киниэхэ хаартыскага түһүөхпүн, видеоҕа уһуллуохпун баҕарбытым ыраатта. Уруккуттан сөбүлээн, сэҥээрэн көрөбүн. Кини үлэлэрэ барыта ураты буолар, уһулуччу атын көрүщлээх кыыс. Бу маннык мээнэ киһиэхэ бэриллибэт талаан дии саныыбын. Миэхэ инник уһуллуу бастакы холонуум буолар. Күммүт да туран биэрэн, олус интэриэһинэйдик, сэргэхтик, уратытык атаарбыппыт. Биир ураты умнуллубат түгэни бэлэхтээбиккэр, Лина, улахан махталбын тиэрдэбин. Инникитин айар үлэҕэр өссө да элбэх ситиһиилэри саҥа арыйыылары баҕарабын!

Мария Протопопова:

–  Биир үтүө күн @lina_strek видеорилс устарбар кыргыттары ыҥырабын диэн таһаарбытын сэҥээрдим. Өр толкуйдуу барбакка, «миигин ылыаҥ дуу?» – диэтим. Соһуйуом иһин, тута сөбүлэһэн, Лина группа арыйан, таҥаспыт истиилин быһаарда. Мин бэлэмнэнэн бардым. Эбэм былыргы сонун, чемоданнарын ампаартан булан ыллым. Биир өрөбүл күнү анаан, түөрт кыыс буолан уһулла бардыбыт. Бары олус үчүгэйдик күлэн-үөрэн, арыллан, кэпсэтэн, билсэн, астык күн ааспыта. Лина бэйэтэ ураты көрүүлээх, эриэккэс толкуйдаах, талба дьоҕурдаах кыыс буолан биэрдэ. Ол күн олус үчүгэйдик туран биэрэн, күһүҥҥү хартыынаны тутан ылан кэрэ көстүүнү оҥорон таһаардыбыт. Биһигини түмэн, олохпутугар биир ураты түгэни бэлэхтээбит Лина Стрекаловскаяҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит! Өрүү да дьону түмэ, сыалгын ситэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ умнуллубат түгэннэри аныы тур. Биллиилээх уус-уран уһулааччы, туруорааччы аатын ыларгар!

Варвара Гаврильева:

– Көмүс күһүн кэрэ көстүүтүгэр хаартыскаҕа түспүт киһи дуу диэн саныы сылдьан, социальнай ситимҥэ Лина видеорилс устарга кыргыттар наадалар диэн постугар түбэһэ түстүм. Тута: «мин» диэн суруйдум, сотору буолаат «өрөбүллэргэ хайдаҕый?» диэбитигэр үөрэр, долгуйар икки ардынан таҥас-сап бэлэмнэниитэ саҕаланна. Бу көннөрү кыраһыабай уһуллуу буолбакка, остуоруйалаах буолан биэрдэ. Эбэм урукку устудьуоннуу сылдьан кэппит таҥастарын, чемоданын, эһэм кэтиллибэтэх сабыс-саҥа плаһын этикеткатын тууран, кэтэн уһуллубутум ураты суолталанна. Бу өрөбүлүм олус сэргэхтик, бэһиэлэйдик ааста. Үчүгэй хаартыскалары, видеолары эрэ буолбакка, саҥа билсиһиилэри, умнуллубат түгэни, астык эмоциялары бэлэхтээбит инициатор, видеограф кыыспытыгар Линаҕа махталбын тиэрдэбин.

Саргылаана Максимова:
– Балыыһаҕа сытар курус күннэрбэр, телефоммар араас интернет-сыһыарыылары көрө сыттым. Лина Стрекаловская видеорилс устарга кыргыттары көрдүүрүгэр хараҕым хатана түстэ уонна кыттыахпын баҕарарбын эттим. Тута бөлөх арыллан, мин киирбит этим. Үөрэн «өлө» сыстым. Лина ураты үлэлэрин эрдэ көрөр, сэргиир этим. Үгүс да киһи көрөрө буолуо. Видеоҕа уһулларга бары уопута суох кыргыттар мустубуппут. Лина этэринэн онно сылдьыҥ, манна кэлиҥ, ону оҥорон көрүҥ, автобуска сүүрэн эрэр үһүгүт диэн ыйан-кэрдэн истэҕин ахсын оҥорон испиппит. Оннук аа-дьуо тахсан испитэ. Устубут кадрдарын барытын түмэн, олус үчүгэй видеолары оҥорон таһаарбыт. Аны туран, Машаттан ураты, кыргыттары олох билэттээбэт этим. Бу уһуллуу кэмигэр билсиһэн, олох кырабытыттан бииргэ сылдьыбыт дьон курдук чугасыһан, Лина бэйэтэ элэккэй буолан, бары арыллан, үөрэн-көтөн бэртээхэй күнү атаарбыппыт. Аны наар Лина оҥорор өҥөтүнэн туһанар эбиппин дии санаатым. Дьиэ кэргэнинэн Саҥа дьыллааҕы фотосессия фотограбын, видеограбын булуннум, номнуо харахпар барытын оҥорон көрө сылдьабын дии саныыбын.

Ольга Шепелева

Читайте дальше