Уус Алдан Тандатыгар олорор 36 сыл педстажтаах математика учуутала Ольга Румянцева биир интэриэһинэй дьарыгын туһунан сэһэргиим. Ольга Власьевна пластик бытыылка хаппахтарынан дьэрэкээн хартыыналары оҥорор, бу дьарыгын өссө 2014 сылтан саҕалаабыта. Ол сайын 1,5*1,5 кээмэйдээх фанераны быстаран, рамкалатан, кырааскалаан хаппахтарынан ыты оҥорбут. Ол оҥоһугуттан дуоһуйан, салгыы кынаттанан «сыл бэлиэлэрин оҥорон олбуорбар ыйыыһыбын» диэн санаа киирбит. Холобур, быйыл Дракон сылыгар 150*150 см кээмэйдээх паннону оҥорбут. Онно 243 от күөҕүн хараҥата, 304 от күөҕүн сырдыга, 199 кыһыл, 84 саһархай, 75 устуука хара дьүһүннээх – барыта 905 устуука хаппах киирбит.
Ольга Власьевна бу абылаҥнаах дьарыгын туһунан салгыы маннык кэпсиир:
– Бу оҥоһуктары оҥорорбор саамай көмөлөһөөччүм кэргэним этэ. Кини худуоһунньук талааннаах буолан, тугу эрэ сыыһаары гыннахпына ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрэрэ. Бэйэтэ эмиэ ону-маны оҥорор буолара, куруук биир сүбэнэн тэлгэһэбитин киэргэтэ сатааччыбыт. Хомойуох иһин, кэргэним 2020 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Ол да буоллар дьарыкпын бырахпаппын, олох сыаллаах-соруктаах үлэлии сылдьабын, кэлэр сыл Моҕой сыла буолар, онон сыл бэлиэлэрим түмүктэнэллэр. Онтон салгыы көннөрөн, саҥардан биэриэм. Сыл бэлиэлэрин эрэ буолбакка, атын да паннолары оҥоробун. Сахаларга 2023 сыл Дьөһөгөй сыла этэ. Онно анаан ыһыах саҕана гараһым истиэнэтигэр чаппараахтаах ат оҥорон иилбитим.
Оҥоһуктарбын хайдах оҥорорбун кэпсээтэххэ, бастаан эскиһин оҥорон баран, төһө хаппах, хас устуука хайдах дьүһүннээх наадатын ааҕан-суоттан бэлэмниибин. Эскизпэр көнө сурааһыннары тардан, хаппахтарбын 2,5-даах тоһоҕонон саайабын. Итинник кээмэйдээх тоһоҕо да араастаах буолар, онон бэйэм көрөн ылабын. Хаппаҕы булуу уустук буолааччы, кэнники аймахтарым, дьүөгэлэрим, үөрэнээччилэрим оҥоһуктарбын олус сэҥээрэ көрөн мунньан аҕалар, ыытар буолбуттара. Уоллаах кыыс оҕолоохпут, 6 сиэннээхпит (үс кыыс, үс уол). Кинилэр эмиэ бу дьарыкпын өйүүллэр, хаппах мунньаллар.
Кэргэним олохтон туораабыт сылыттан үлэбиттэн тохтоон, оҕолорбор куоракка кыстыыбын. Дьэ, уонна ыам ыйа буолла эрэ Тандабар сайылыы тахсаары оҥостубутунан барабын. Дойдубун олус ахтабын. Куоракка олорон кыһын сылым бэлиэтин оҥорон, сайын аҕалан олбуорбар ыйыыбын. Дьарыгым бу эрэ буолбатах, иистэнэбин, ону-маны мунньан коллециялыыбын, сайын оҕуруот олордон, сибэкки үүннэрэн күнү-дьылы билбэккэ аһардабын.
Тандаҕа биһиги улааппыт уһаайбабытыгар олохсуйан олорор, аҕабыт аатын ааттата сылдьар быраатым Влас Власьевич Матвеев мин дьарыкпар уһуйуллан, эмиэ хаппаҕынан оноһуктары оҥорор буолбута үс-түөрт сыл буолла. Араас оҥоһуктарын сылын аайы элбэтэн, тупсаран иһэриттэн үөрэбин.
Дьарыктаах буолар наһаа үчүгэй, онон күндү ааҕааччыларга сөбүлүүр дьарыктаах буоларгытыгар сүбэлиибин, ордук саастаах дьоҥҥо дьарык наһаа туһалаах.
Мария АРГУНОВА