Быйыл Бороҕон – Танда хайысхаҕа 4 км суол оҥоһуллуохтаах. Бүгүҥҥү туругунан, буор, щебенка кутуллан уонна икки устуука турбаны түһэрэн 2 км 200 м усталаах кэрчик оҥоһулунна, аны 1 км 800 м оҥоһуллара хаалла.

Ону тэҥэ Тандаҕа киириигэ үрэҕи туоруур САРМ (средний автодорожный разборный мост) тимир муоста оҥоһуллан түмүктэнэн эрэр. Икки өттүттэн муостаҕа киирэр суол оҥоһуллара хаалла.

Суол өрөмүөнүн үлэтин СУ-77 тэрилтэ толорор.

Мария Аргунова