Улуус кииниттэн 48 км тэйиччи сытар Байаҕантай нэһилиэгин Танда бөһүөлэгэ аҕыйах сыллаахха диэри суола-ииһэ быстар мөлтөх буолан, саас-күһүн айан-сырыы букатын тохтуура. Кыһалҕалаах дьон улуус киинигэр ким атынан, ким сатыы сылдьар буолара. Айаан Никифоров эмиэ оҕо сылдьан элбэхтик сатыылаан турар. Ол иһэн доҕорун кытта куһаҕан суолтан-иистэн толлубат, кыахтаах тиэхиньикэлэри ыралаан көрө-көрө омуннаахтык кэпсэтэллэрэ.
Онон улаатан баран нэһилиэктэрин тыын кыһалҕатыттан тахсыбыт ыраларын олоххо киллэрэн, эдэркээн сааһыгар бүтүн тэрилтэни төрүттээбит Танда ыччата Айаан Никифоров туһунан сырдатыым. Кини билигин – «Сахавездеход» тэрилтэ дириэктэрэ. Бу саха сиригэр квадроцикллары оҥорон таһаарар соҕотох тэрилтэ буолар. Бу тэрилтэни куһаҕан суоллаах-иистээх нэһилиэктэр, ордук хоту улуустар дьоно бары билэллэр.
Айаан Ньургунович аҕатын өттүнэн Чэриктэй, Дүпсүн нэһилиэгиттэн сыдьааннаах Никифоровтар, ийэтин өттүнэн Тиит Арыыттан, Тандаттан төрүттээх Егоровтар буолаллар. Онон сүдү киһибит В.В. Никифоров – Күлүмнүүр сыдьаана буолар. Айаан бииргэ төрөөбүт үс уолтан кыралара. Кинини аҕата тапталлаах Чэриктэйин боротуокатын аатынан Айаан диэн сүрэхтээбитэ.
Кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, мэник-тэник уол оҕо сааһа олус дьоллоохтук күлүм гынан ааспыта. Оскуоланы бүтэрэн, Уус Алданнааҕы техникумҥа сварщик, Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай инженернэй-техническэй институкка тутааччы, тыа хаһаайыстыбатын техникумугар землеустроитель уонна Новосибирскай куоракка кэтэхтэн менеджмент үөрэҕин бүтэрбитэ.
Айаан Россия улахан куораттарыттан, Кытайтан тиэхиньикэ саппаастарын аҕалан атылаан харчы мунньунан, оҕо эрдэҕинээҕи баҕатын олоххо киллэрэргэ сананан, алта сыллааҕыта бэйэтин кыаҕынан «Сахавездеход» тэрилтэтин арыйан үлэ үөһүгэр түспүтэ. Күн бүгүн тэрилтэтигэр 12 киһи үлэлиир, бу алта сыл иһигэр тэрилтэ хоту улуустарга 700 устуука квадроциклы оҥорон атыылаата.
Бэйэтин көлүөнэ эдэр дьоҥҥо Айаан Ньургунович бу курдук санаатын тиэрдэр: «Бастаан саҕалыырбар уустуга диэн дьон итэҕэйбэт этэ. «Хайдах буоллуҥ?», «ол эһиги оҥорбут тиэхиньикэҕитин ким атыылаһыай?» – дииллэрэ. Онон хас киһи санаатын истибэккэ, сүрэххит тугу баҕарарын олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ, туруулаһыҥ. Мин кыайыам суоҕа, табыллыа суоҕа диэн таҥнары хаһан да санаабат буолуҥ. Миэхэ да барыта тута ситэн-оһон испэтэҕэ, бастакы тиэхиньикэбит табыллыбакка, дьон саҥатыгар, күлүүгэ-элэккэ да киирэн ылыы баара. Ол эрээри харса суох үлэлээтэр үлэлээн истэххинэ, туох барыта тахсар, табыллар. Барыта спорт курдук. Спортсмен хотторон-хотторон, бэриммэккэ дьулуһан-дьулуһан кыайыы өрөгөйүн билэрин курдук».
Хомойуох иһин, Айаан төрөппүттэрэ эрдэ олохтон туораан, тулаайах хаалбыта. Боростуой тыа уола үлэлии-хамсыы сылдьара, оҕо сааһа ааспыт Тандатыгар, Тиит Арыыга куруук көмөлөһөрө, төрөөбүт дойдутун таптыыра, сүүрүнэн дьарыктанан спорду көҕүлүүрэ ыччакка үтүө холобур буолар диэн туран суруйуубун түмүктүүбүн.
Мария Аргунова