Танда оскуолатын бүтэрэр түөрт уол тракторы ыытыы эксээмэнин ситиһиилээхтик туттардылар

МТЗ-тракторы ыытар хас биирдии оҕоҕо бэтэрэнэн дьыала буолбатах. Оттон М.Н. Готовцев аатынан агрохайысхалаах Танда орто оскуолатыгар тыраахтары ыытыыга улууска соҕотох үөрэхтээһин баар. Онон быйыл оскуоланы бүтэрэр Артем Саввин, Игнатий Аргунов, Артем Шапов, Өркөн Находкин «тракторист-машинист» үөрэхтээһинин барбыттарын туһунан туоһу докумуону туталлара ураты көстүү.

Уолаттары производственнай үөрэхтээһин маастара Семен Васильев үөрэттэ-такайда. Семен Сергеевич Танда орто оскуолатын бүтэрбитэ уонна билигин үөрэммит оскуолатыгар технология уруогун уонна тыраахтары ыытыыны үөрэтэн үлэлии-хамсыы сылдьар.

Танда орто оскуолатын выпускнига Артем Саввин кэпсиир:

«Бу үөрэх тыраахтар тутулун, хайдах ыытары уонна суол быраабылаларын билэргэ үөрэттэ. Салгыы 18 сааспын туоллахпына тыраахтары ыытар быраабы ылар санаалаахпын. Мин санаабар, тыраахтары ыытар бары үлэҕэ туһалаах. Тыа дьонугар эрэ буолбакка, куорат эҥэр үлэҕэ-хамнаска эмиэ туһата элбэх буоллаҕа. Бу экзамеҥҥа мин саамай ыарырҕаппытым – скорость. Тыраахтар 9 скоростаах, өссө «повышеннай» уонна «пониженнай» диэн баар буолан өйдүүргэ ыарахан соҕус этэ».

Уолаттар оскуолаларын бүтэрдэхтэринэ инженер, тутааччы, физкультура уонна спорт үөрэхтэригэр туттарсарга бэлэмнэнэллэр. Биллэн турар, улахан техниканы ыытары баһылыыр, өрөмүөннүүр, көрөр-истэр үөрэҕи барыы оскуола оҕотугар ыарахан. Ол эрээри тыа сирин отчут-масчыт уолаттара барыга сыстаҕастар. Онуоха дойдубут үрдүнэн оскуолаҕа үлэнэн иитии-үөрэтии соруга турара манна төһүү күүс буолар.

Ольга Шепелева

Читайте дальше