Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар, киһи дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар. Биллиилээх бэйиэт, С. Михалков учууталларга бу курдук эппит тыллара Санаабын суруйарга санаммыппар ордук туһуланар курдук эбит: “Үгүс научнай уонна техническэй арыйыылар сыллар-күннэр аастахтарын аайы суолталарын улам сүтэрэллэр. Арай литература уонна искусство ситиһиилэрэ, ону кытта сэргэ оҕолор иннилэригэр үөрэтэ-көтө кэпсии-ипсии турар Учуутал чаҕылхай мөссүөнэ хаһан да өлбөөдүйүөхтэрэ суоҕа…”. Биһиги 1975 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирэрбитигэр маҥнайгы учууталбыт Винокурова Елена Федотовна, саҥа үлэлии кэлбит эдэркээн учуутал, сымнаҕас майгытынан сүүрбэччэ мэник-тэник оҕолору үөрэх-билии аартыгар сирдиир сыаллаах-соруктаах үөрэ-көтө көрсүбүтүн өйдүүбүт.
Алын сүһүөх үөрэҕин бүтэрэн, “улахан оскуола оҕолоро” диэн ааттаммыт кэммитигэр үөрэҕин саҥа бүтэрбит, Тааттаттан төрүттээх нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Луковцева Анна Константиновна (кэлин кэргэннэнэн, Посельская) кылаас салайааччытынан анаммыта. Маҥнайгы көрсүһүүбүт, буоларын курдук, балаҕан ыйын 1 күнүгэр буолбута. Билигин да бу баардык өйдүүбүт: халлаан күөҕэ көстүүмнээх, үрдүк үөрэҕи бүтэрбит туоһу – ромбик значоктаах уп-уһун суһуоҕун бүтүннүү хомунан улахан да улахан бөрүчүөскэлээх сорох-сорохторбутуттан арыый өндөс эрэ эдэр учууталы. Дьэ ити курдук Анна Константиновна, бэйэтин туох баар сыратын, сүрэҕин сылааһын, дууһатыгар туох үчүгэй баарын барытын саҥа дьону үөрэтиигэ-иитиигэ анаан, Учуутал буолар аналын толорууга, тугун барытын умнан туран дьүккүөрдээх үлэтин саҕалаабыта. Кини биһиэхэ бастатан туран билиитинэн-көрүүтүнэн, тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһыытынан (тэбис-тэҥҥэ мэниктиэн да сөп буолааччы үөрэх тас өттүгэр) барыбытын да абылаабыта.
Учууталбыт эдэрдии-саҥалыы көрүүлээх буолан, оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар уратытык сыһыаннаһар эбитин кэлин кэлэн өйдүүбүт, ол кэмҥэ атын кылаастартан атыннык тэринэрбитин сөбүлээбэтэрбит да, Анна Константиновна тылыгар киллэрэн, кыттыбыппыт, кыайбыппыт эрэ баар буолааччы. Уопсайынан, учууталбыт бэйэтэ сатаан иистэнэр буолан, өрүү туох эрэ саҥаны киллэрэр буолааччы: биирдэ пионерскай формабытыгар эбии атын атрибут курдук кыһыл сэлиэччик тиктэрдэ. Онтубут иннинэн көнө буолбакка, үс муннуктаах, кыра сиэптээх буолуохтаах диэн. Төрөппүттэрбит тигэн кэтэртилэр, бастаан сборга кэтэн киирэрбитигэр үгүспүт да олох сөбүлээбэтэхпит: биһиги эрэ туспа этибит (күүстээх да идеология кэмэ эбит – ким да кимтэн да ураты буолуо суохтаах, бары биир киһи курдук, биир киһи бары курдук диэн…) Билигин санаатахха, наһаа да үчүгэйдик көстүбүппүт буолуо ээ, барыларыттан уратытык… Аны туризмҥа эмиэ дьонтон эрэ ураты форма тиктэрдэ: эр дьон маайкаларыттан халлаан күөх уонна оруосабай киллэһиктээх кыргыттарга былааччыйа!.. Эмиэ сөбүлээбэккэ буола-буолабыт: “… спортивнай күрэхтэһиигэ тугун эмиэ былааччыйатай?..”, – дии-дии тиктэн, туризм параадыгар кэтэн турбуппут.
Өссө биир иистэнии туһунан ахтыбатахха сатаммат: кылаастар икки ардыларыгар 15 союзнай өрөспүүбүлүкэлэри үөрэтэн-билэн, улахан кэнсиэр туруоруута буолуохтааҕа, биһиги кылаас Күннээх Узбекистаны көрдөрүөхтээхпит. Кыргыттар онтон-мантан узбекскай таҥас булуннубут, уолаттарбытыгар – суох! Учууталбыт онно матараас таҥаһынан халаат тиктэрэн, эриэн дьүһүнүн устун кырааскалатан, уолаттарбыт узбек дьоно буоланнар, “Пахта-пахта-пахта-ой” ыллааннар, оскуола үрдүнэн бу кэнсиэргэ бастаабыппыт быһыылааҕа. Ити курдук, Анна Константиновна көрсөр күчүмэҕэйдэри чэпчэкитик, уратытык толкуйдуурга, аһарынарга үөрэппит эбит…
Анна Константиновна уолаттары кытары уратытытык (кинлэр интириэстэринэн хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйүү, киэһэтин фонариктаах сылдьан бэрээдэги кэһээччилэри чуҥнааһын), кыргыттардыын хаардаахха тыаҕа күүлэйдээһин, барыбытын кытта тэбист-тэҥҥэ пионерскай сбордарга, тимуровскай үлэлэргэ улахан киһибин диэн дьаһайа эрэ сылдьыбакка, тэбис-тэҥҥэ үмүрүтэ охсорго кыһаллара. Уруоктарыттан ордук нуучча тылын күүстээхтик иҥэрбит буолан, мин бу идэни баһылыырбар улахан көмө-тирэх буолбута саарбахтаммат (Хабаровскай куоракка үөрэнэр кэмнэрбэр, нуучча оҕолоруттан диктаны суруйууга биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьарым). Литература уруогуттан саныыр буоллахха, “Повесть о Зое и Шуре” диэн айымньынан аһаҕас уруок буолбутун өйдүүбүт, Зоя Космедемьянскаяны аһынан, чуумпуран олорбуппут, быраата, Александртан киэн туттубуппут…
Ахтан-санаан ааһаары гыннахха, олус элбэҕи кыайан киллэрбэт кыһыыта баар… Тоҕо ити эрэ түгэннэри саныыгын диэтэххэ, Анна Константиновна, бары да учууталлар курдук, уруок таһынан ордук биһиэхэ чугас, олоххо бэлмниир, олоххо уратытык сыһыаннаһарга, саҥаны-кэрэни өйдөөн көрөргө бэйэтин холобурунан ииппит-үөрэппит. Ити курдук, ханнык баҕарар Учуутал кини тус бэйэтин идэтиттэн тутулуга суох булгуччулаах хаачыстыбатынан кини олоҕун устатын тухары бэйэтигэр саҥаттан саҥа билиини иҥэриниитэ уонна ол билиитин ис сүрэҕиттэн үөрэн-көтөн туран, үөрэнээччилэригэр тиэрдиитэ — бу оҕолорго саҥа хардыы, олоххо бэлэмнээх буолууга туһаайар.
Дьиэтээҕи усулуобуйатынан, алтыс кылааска тахсарбытыгар Анна Константиновна төрөөбүт дойдутугар, Тааттатыгар үлэтинэн анатан, барбыта. Кэлин сүтэрсэ сылдьан баран, үлэһит буолан баран, булсан, сүтүкпүтүн булбуттуу үөрсүбүппүт, билигин куйаар ситиминэн билсиһэбит, үөрүүлэрбитин-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэ олоробут. Ол да тухары Учууталбыт сүбэтэ-амата билигин да оҕо сааспытыгар төнүннэрэр курдук…
Тааттаны кытары сибээспит быстыбатаҕа, ол курдук, орто сүһүөх кылаастарга Любовь Григорьевна Готовцева (оҕо эрдэҕинээҕитинэн, Габышева) оскуоланы бүттэттэрэн, олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Любовь Григорьевна Анемподист Иванович Софронов – Алампа сиэн балта буолар. Ол туһунан бу курдук ахтан суруйар: “Алампа Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр орто сэниэ ыалга Иван Корнилович Софронов, Елена Ксенофонтовна Сивцева-Софронова дьиэ кэргэнигэр үс оҕоттон бүтэһик төрөөбүтэ. Уйбаан Софронов түөртэ кэргэннэнэ сылдьыбыт: бастакыта эдэр сааһыгар өлбүт; иккис кэргэнэ, Елена Ксенофонтовна Алампата үс саастааҕар күн сириттэн күрэммит; үһүс кэргэнэ, Мария диэн кыыс оҕоломмут, Гражданскай сэриигэ бандьыыттарга тутуллан, тоҥон турар ампаарга хаайыллан, сэбиргэхтэтэн, улахханнык ыалдьан өлөр. Кинилэр кыыстара, Мария, устар ууну сомоҕолуур, уран тыллаах-өстөөх, ис иһиттэн ураты талааннаах кыыс эбитэ үһү. Онон, Уйбаан Софронов үс кэргэттэриттэн ытыс соттон хаалар, дьиэтигэр-уотугар, хаһаайыстыбатын көрөрүгэр кыһалҕаҕа ыктаран, Таатта Дьохсоноҕонуттан Петрункина диэн орто саастаах дьахтары дьиэ көрөөччүнэн ылар, онтон кэлин сөбүлэһэннэр, кэргэн ылар, биир кыыс оҕолонолллор. Ол кыыс мин эбэм – Софронова Мария Ивановна буолар. Онон, Анемподист Иванович аҕатынан бииргэ төрөөбүт балта буолар. Маны Тааттаттан суруйааччылар: Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Кулачиков-Эллэй уонна Күннүк Уурастыыраптаах мин эбэм 70 сааһын кэлэн эҕэрдэлээн бэлиэтээбиттэрин истибитим…” Дьэ ити курдук, Улуу Киһиттэн сыдьааннаах Учууталлаахпытын кэлин билэн, киэн тутта саныыбыт. Биһиги Учууталбыт, ыһа-тоҕо кэпсии-ипсии сылдьыбат дьонтон эрэ ураты сэмэй, үлэһит үтүөкэннээҕэ буоллаҕа.
Любовь Григорьевна биһигини төрөөбүт тыл, литература уруогар наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ. Кини ураты сымнаҕас сыһыанынан, киэҥ билиитинэн элбэх оҕо кутун туппут учуутал. Кини уруоктара куруук интэриэһинэй, тоһуттар тымныыга “кии сытын, түптэ буруотун” илэ баардыы ойуулаан, бары да кылгас кэмҥэ күүтүүлээх сайыммытын ахтан-санаан ыларбыт. Саха тылын кэбиниэтэ оскуолаҕа биир баай кылаас этэ: ол курдук истиэнэни биир гына улахан да улахан ыскаабыгар «Хотугу Сулус» сурунаал араас сыллардааҕы таһаарыыта барыта, ону таһынан саха суруйааччыларын кинигэтин хомуурунньуктара мунньуллан, тобус-толору буолара. Саха суруйааччыларын мэтириэттэрэ кылаас истиэнэтиттэн эн хайдах үөрэнэргин кэтиир-маныыр, хайдах да сыыһа суруйары, эппиэттиири бырастыы гыммат курдуктара. Ол курдук, билигин бары суруйсарбытыгар алҕас да сыыһалар тахсыбаттар, аныгылатан саҥарыыны “тириибит таһынан” истэбит уонна “хайдах бу тэлэбидьиэнийэ үлэһиттэрэ сыыһалаах-халтылаах саҥаралларый”, – диэн сыыһаны-халтыны иһиттэхпитинэ сонньуйабыт эрэ.
Любовь Григорьевна элбэх үөрэнээччитэ университекка саха тылын салаатыгар үөрэммитэ. Ол курдук, “Эдэр саас” ыччакка аналлаах хаһыат маҥнайгы хараҥаччылара – Вера Слепцова (Макарова), Светлана Пахомова, Саргылана Гоголева – бу биһиги учууталбыт үөрэнээччилэрэ! Кинилэр оскуолаҕа үөрэнэ кэмнэригэр Любовь Григорьевна салайар “Кыһа” юнкорпостка дьарыктаммыттара, бастакы кынаттарын анньыммыттара. Оҕолору тыл алыптаах эйгэтигэр иитиитин таһынан, Любовь Григорьевна “Дьүкээбил” диэн хомус куруһуогар дьарыктаан, эмиэ үтүмэн үгүс ситиһиилэрдэнэн, үгүс оҕону сахалыы сыыйылыннара тардыы ньыматыгар үөрэтэн, Руслан Лугинов Болгарияҕа тиийэ, Игорь Юдинцев Лука Турнин аатынан хомус күрэҕэр бастакынан кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ. Ити өссө 80-90 сылларга этэ, билигин даҕаны баҕалаах оҕолору биһиги Григорьевнабыт бу алыптаах умсугуйууга дьарыктыыр, баай уопутуттан дэлэйдик бэрсэр-үөрэтэр.
Оскуолатааҕы кэрэ кэмнэрбитигэр бу икки Учуутал биһиги олохпут сүнньүн салайбыт, чиҥ акылааты уурбут, элбэххэ үөрэппит-такайбыт күндү учууталларбыт буолаллар. Олохпут устатыгар туох дьон, хайдах үлэһит буолбуппут барыта кинилэр билиилэриттэн, сыралаах үлэлэриттэн, тус тутулуктаах буолбута саарбаҕа суох дии саныыбыт. Күн бүгүнүгэр диэри оскуолабытыгар ылбыт киэҥ билиибит, сиэр-майгы өттүнэн иитиллибит майгыбыт барыбытын биир сомоҕолуур. Үгүс сыл сүрэхтэн сүппэт “оскуола-үөрэнээччи-учуутал” диэн тыллар инникитин да ыччаттарбытыгар өрүү хатылана турдуннар, олох суолун аргыһа буоллуннар!
Анна ТАРАБУКИНА, И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала