Сүүрүү уонна хаамыы декадатыгар кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!

Күндү Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо!

Мүрү нэһилиэгэр балаҕан ыйын 5-13 күннэригэр РФ Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылынан уонна Саха сиригэр спортивнай уонна физкультурнай хамсааһыны тэрийээччи, бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах хаамыы уонна сүүрүү декадата ыытыллыаҕа. Бу тэрээһин хас да сиринэн: “Майаҕатта Бэрт Хара” стадиоҥҥа, Мүрү 2№-дээх оскуолатын спортивнай былаһааккатыгар, “Уолан” гимназия спортивнай былаһааккатыгар уонна Мындаабатааҕы спортивнай оскуолаҕа ыытыллыаҕа.

Декадаҕа кыттыы бөлөҕүнэн араарыллыаҕа. Ол курдук, бастакы бөлөххө – 5-6 саастаах оҕолор, иккис бөлөххө – 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ, үһүс бөлөххө – 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ, төрдүс бөлөххө – 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, бэһис бөлөххө – 18-34 диэри саастаах дьахталлар, 19-39 диэри саастаах эр дьон, алтыс бөлөххө – 35-54 диэри саастаах дьахталлар, 40-59 диэри саастаах эр дьон, сэттис бөлөххө – 55 үөһээ саастаах дьахталлар, 60 үөһээ саастаах эр дьон, ахсыс бөлөххө – инбэлииттэр хаамыахтара, сүүрүөхтэрэ.

Кыайыылаахтарга “Бастыҥ сүүрүүк”, “Биир да күнү көтүппэтэх сүүрүүк”, “Түөлбэ бастыҥ сүүрүүгэ”, “Бастыҥ сүүрүүк Ийэ”, “Бастыҥ сүүрүүк Аҕа”, “Бастыҥ аҕам саастаах сүүрүүк”,”Саамай кыра сүүрүүк” анал номинациялар туттарыллыахтара.

Декада үөрүүлээх аһыллыыта балаҕан ыйын 5 күнүгэр киэһэ 17 00 ч. “Майаҕатта Бэрт Хара” стадиоҥҥа буолуоҕа.

Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата