Мин хаһыакка үлэлии киириэхпиттэн Тулунаҕа сүүрүү, тустуу туһунан олус билэр, ити тиэмэҕэ араас куонкурустар, викториналар кыайыылаахтарын Василий Васильев туһунан истэбин. Ол эрээри, түгэн булан кинилиин анаан кэпсэппэтэх эбиппин. Син көрсөр этибит да, наллаан олоруу суоҕа. Ону аҕыйах хонуктааҕыта дьэ ситистибит диэххэ сөп.
Василий эдэригэр сүүрүүнэн дьарыктаммыт. Буолаары буолан классическай марафоҥҥа (42 км 195 м) сүүрбүт эбит. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ сүүрүктэрин ахсааныгар киирэн хас да агитпробегка кыттыбыт. Марафоҥҥа бастыҥ көрдөрүүтэ – 2 ч.47 м. Ити 1982 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр сүүрүүтэ. Оччолорго марафон өрөспүүбүлүкэҕэ сүрдээх үрдүк таһымҥа тахсыбытын спорду сэҥээрээччилэр билэр буолуохтаахтар. Оттон Василий марафоҥҥа 1979-1984 сс. биир даҕаны чөмпүйэнээти көтүппэккэ сүүрбүтэ.
Василий билигин хаалыктаах хаамыынан үлүһүйэр. Тулуна бөһүөлэгэр 15 киһилээх бөлөх тэриллэн хаалыктаах хаамыыны тарҕаталлар. Анал дьарык быһыытынан хааманнар араас күрэхтэһиилэргэ кытталлар эбит. Ол курдук былырыын кэтэхтэн күрэхтэһэн Россияҕа үһүс миэстэ буолбуттар. Василий эмиэ, уруккуттан спортка сыстаҕас киһи быһыытынан, хаамыытын дьарык быһыытынан графиктыыр. Бастакытын сарсыарда 6 чаастан саҕалыыр. Төлөпүөнүгэр хаамыыны ааҕарын холбоон баран хаампытынан барар. Күҥҥэ муҥутаан 15 км хаамар. Оттон 2021 сыллаахха 1 мөл. хардыыны оҥорон нэһилиэгэр “Сыл спортсмена” ааты ылбыт.
Бу сыл киниэхэ чахчы табыллыылаах сыл буолбут. Хаамыытын бу сыл алтынньытыттан саҕалаан баран тута Арассыыйа бастыҥнарын ахсааныгар киирбитэ. Ол курдук алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри 798 тыһ. хардыыны оҥорон, ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн Арассыыйаҕа бастаабыта. Василий хаамыыга көрдөрүүлэринэн Арассыыйа 1000 бастыҥнарын кэккэтигэр сылдьар. Хаалыктаах хаамыынан 3 сыл 9 ый дьарыктаммытын устатыгар 11 мөл. 600 тыһ. хардыыны оҥорон кэллэ.
”Ол эрээри, Арассыыйа бастыҥнарыгар тэҥнэһэр олус уустук. Биһиги дьылбыт уларыйыыта элбэҕэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Ол курдук кыһын томороон тымныыга, сайын өҥүрүк куйааска киһи элбэҕи кыайан хаампат. Онтон киин эрэгийиэннэр күннэрэ-дьыллара сымнаһыар буолан, итинник ыарахаттары көрсүбэттэр”, – диэн санаатын үллэстэр.
Кини күҥҥэ хас хардыыны оҥороро барыта ааҕыллан иһэр. Холобур, от ыйын 2 күнүнээҕи көрдөрүүтэ 12 541 хардыы. Ол аата 9 км хаампыт. Оччотугар сылга ортотунан 4,5 мөл. хардыыны оҥорор эбит.
Василий өссө спортивнай сылыктааччы быһыытынан киэҥник биллэр. Ол курдук тустуу, сүүрүү туһунан барыллаан куонкурустарга элбэхтэ кыайыылаах аатын сүкпүтэ. Кини Сардаана Трофимова 2020 сыллаахха марафоҥҥа Россия чөмпүйэнээтигэр 2 чаас 27 мүнүүтэ 15 сөкүүндэнэн кэлиэ диэн сылыктаабыта, 2 чаас 27 мүнүүтэ 8 сөкүүндэнэн кэлбит. Онон спортивнай суруналыыстары улаханнык соһуппут, сөхтөрбүт. Оттон Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар 5000 м 17 мүн. 10 сөк. кэлиэ диэн сылыктаабыта 17 мүн. 8 сөк. түмүктээбит. Бу уһун сыллаах сыралаах суоттааһынтан-ааҕыыттан, статистиканы тэҥнээһинтэн тахсар. Василий урут ССРС саҕана сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэр барыларын кэриэтэ спортивнай хаһыаттарын сурутан ааҕара үһү уонна сүүрүктэр, тустууктар көрдөрүүлэрин сурунан иһэр эбит.
Василий олоҕун аргыһынаан Өлүөхүмэттэн төрүттээх Антонина Прокопьевналыын кыыстаах, уол оҕолоохтор, биэс сиэннээхтэр. Уолун Владиславы эмиэ сүүрүүгэ уһуйан кылгас дистанцияҕа оҕолорго, улахан дьоҥҥо улуус чөмпүйүөнэ буола сылдьыбыт. Бастыҥ көрдөрүүтэ – 2004 сыллаахха улуус спартакиадатыгар 400 м 56,65 сөк. кэлбит. Аны билигин сиэнэ Арылхан тустуунан дьарыктанан эрэр. “Дьарыгын көтүппэтэҕинэ, тугу эрэ көрдөрүө диэн кэтэһэбин”, – диэн эһэтэ бүччүм санаалаах.
Онон сүүрүү, хаамыы аргыстаах, статистика холбукалаах Василий Васильев билигин, төһө да 69-һа буоллар, бэрт сэргэх көрүҥнээх, спорт дьиҥнээх сүгүрүйээччитэ, фаната киһи. Ыччакка үтүө холобур буолан хаалыктаах хаамыынан умсугуйааччы Василий тэлбит суола батыһааччылардаах буола турдун.
Афанасий Копырин