Сыырдаахха «Уран мааны таҥаспыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи блиц-куонкурус иистэнньэҥнэри түмтэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастардара, Россия айар худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ Ольга Петровна Колодезникова-Айыллаана Иис, Иван Иннокентьевич Окоемов-Уран Сэһэн Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан, үрүҥ тунах ыһыахтары көрсө халадаайы уонна эр киһи сахалыы ырбаахытын тигиигэ «Уран мааны таҥаспыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас блиц-куонкуруһу биллэрэннэр, ыам ыйын 29-30 күннэригэр Бэрт Ууһун нэһилиэгэр улууспутугар бастакытын бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.

Бу күрэскэ бэйэлэрин холонон көрөөрү Дьокуускай куораттан, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан уонна улууспут нэһилиэктэриттэн уопсайа 13 иистэнньэҥ кэлэн кытынна. Тэрийээччилэринэн Бэрт Ууһун нэһилиэгин дьаһалтата, Уус Алдан улууһун культураҕа управлениета, А.П. Иванов аатынан Сыырдаахтааҕы норуот айымньытын киинэ, “Олоҥхо дьиэтэ” этно-культурнай киин, “Мындыр” түмсүү буолаллар. “Уран мааны таҥаспыт” блиц-конкурс сыала-соруга – саха төрүт ииһин, таҥаһын тигээччилэри өйөөһүн, саҥа ааттары таһаарыы, саха таҥаһын пропагандалааһын.

Икки күн устата Сыырдаахтааҕы норуот айымньытын киинин “Дойдууна” үҥкүү бөлөҕүн 10 кыттааччытыгар халадаай ырбаахыны уонна “Дьүһүй” эр дьон вокальнай ансаамбылга алта сахалыы ырбаахыны тиктилэр. Бу тикпит таҥастара барыта норуот айымньытын киинигэр хаалла.

Блиц-куонкурус аһыллар үөрүүлээх чааһыгар Ольга Петровна Колодезникова-Айыллаана Иис, Иван Иннокентьевич Окоемов-Уран Сэһэн тикпит коллекцияларын көрдөрөн дьон сэҥээриитин ыллылар. Бу тикпит таҥастара элбэх араас таһымнаах конкурстарга, фестивалларга, хаамыыларга кыттаннар улууспут аатын элбэхтэ ааттаппыттара.

Бастакы күн түмүгэр бэйэ-бэйэни билсэр сынньалаҥ киэһэтин кулууптар уонна “Дойдууна” бөлөх кыттааччылара тэрийбиттэрэ. Сыырдаах кэрэ айылҕатын көрдөрөн, хаартыскаҕа түһэрэн үтүө өйдөбүлү хааллардылар.

Күрэспит түмүктүүр күнүгэр “Олоҥхо дьиэтэ” этно-культурнай киин тэрийиитинэн нэһилиэнньэҕэ кэнсиэр буолла. Бороҕонтон, ыаллыы Арыылаах, Бэйдиҥэ бөһүөлэктэриттэн кэлэн ылбаҕай ырыаларын, талба үҥкүүлэрин, дьүрүскэн хомус тыаһын бэлэхтээтилэр, саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайын көҕүлүттэн туттулар.

Кыайыылаахтары билиһиннэрэр үөрүүлээх түгэҥҥэ саҥа тиктэрбит таҥастарын кэтэн “Дойдууна” бөлөх үҥкүүлээн, “Дьүһүй” бөлөх ыллаан көрөөччү биһирэбилин ыллылар.

“Уран мааны таҥаспыт” блиц-куонкурус кыайыылаахтарынан буоллулар:

  • — эр киһи сахалыы ырбаахытын тигиигэ 1-кы миэстэ – Суотту нэһилиэгиттэн Александра Алексеева, 2-с миэстэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Синильга Илларионова, 3-с миэстэ – Мүрү нэһилиэгиттэн Валентина Лукина;
  • халадаай ырбаахыны тигиигэ 1-кы миэстэ – Мүрү нэһилиэгиттэн Изабелла Саввинова, 2-с миэстэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Прасковья Баишева, 3-с миэстэ – Суотту нэһилиэгиттэн Екатерина Васильева уонна халадаай ырбаахы тигиитигэр кыттыбыттарга анал аат иҥэрилиннэ.

Улууспутугар бастакытын ыытыллыбыт “Уран мааны таҥаспыт” блиц-куонкурус спонсордарынан Ольга Петровна Колодезникова-Айыллаана Иис, Иван Иннокентьевич Окоемов-Уран Сэһэн, кинилэр бииргэ үөрэммит доҕотторо, Ольга Петровна быраата А.А. Колодезников, төрөппүт кыыһа Ю.П. Говорова, Иван Иннокентьевич ийэтин, аҕатын аймахтара, бииргэ үөрэммит табаарыһа Н.Г. Прокопьева, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын депутата Г.А. Васильев, Бэрт-Ууһун, Өлтөх нэһилиэктэрин дьаһалталара, улуус культураҕа управленията, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” культура дыбарыаһа, “Олоҥхо Дьиэтэ” этно-культурнай киин, тимир ууһа, индивидуальнай предприниматель И.Е. Попов, “Мындыр” түмсүү буоллулар.

Бары кыттыбыт кыттааччыларбытыгар, тэрийээччилэргэ, спонсордарга барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Читайте дальше