Сыырдаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ Үлэ Дьоруойун киэн тутта көрүстүлэр

И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар оҕону патриотическай өйгө-санааҕа иитэр сыаллаах «Үлэ киһититтэн ордук чиэстээх, ытыктабыллаах  бу күн анныгар ким баар буолуой? Үлэ үөрүүтүттэн ордук үрдүк, ыраас үөрүү туох баарый?» диэн дьоһун тэрээһин буолан ааста.

Бүгүҥҥү күммүт тэрээһинигэр биһиэхэ сахалартан бастакы Россия Үлэҕэ Дьоруойун түөһүгэр  кыһыл көмүс сулуһун суһума өссө үрдүк кирбиигэ сирдии күн уотугар күлүм-чаҕыл оонньообут, Үлэ Албан аата уордьан толору кавалера, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо, Уус Алдан улууһун “Удьуор” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Михаил Готовцев уонна улуус салалтатыттан, Дьокуускай куораттан «Сахаагроплем» тэрилтэттэн эппиэттээх үлэһиттэр ыалдьыттаатылар.

Бу дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиһии, санаа үллэстиитэ, кэнчээри ыччаппыт инники олоҕор улахан суолталаах.  Биһиги Дьоруойбут, барыбыт киэн туттуута Михаил Николаевич ханнык да уларыта тутууга бас бэриммэккэ, өрүү олох үрэллибэт сыаннастарыгар тардыспыт, саҕалаабытын ортотуттан халыйан хаалбакка, куруутун тиһэҕэр тиэрдибит, бастыҥ түмүктэртэн хаһан да уоскуйбакка, дьулуурун дьулуруппатах киһи.

Бэрт Ууһун нэһилиэгин баһылыга Илья Ильин, оскуола дириэктэрэ  Иван Портнягин эҕэрдэлээн тыл эттилэр уонна истиҥ тыллаах махтал сурук, өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар.

Үөрэнээччилэр ааттарыттан эҕэрдэлээн улахан кылаас уолаттара гитаранан ырыа ыллаатылар. Оҕолор ыалдьыттар кэпсээннэрин болҕомтолоохтук  сэҥээрэн иһиттилэр, бэйэлэрин интэриэһиргиир ыйытыктарын дьоруойга биэрэн, кэпсэтиһии ис хоһооно өссө дириҥээтэ.

Түгэнинэн туһанан, бүгүҥҥү дьоһун тэрээһиммит ыалдьытыгар ис сүрэхтэн дьулуурдаах үлэтин иһин өссө төгүл махталбытын этэбит, инники үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!

Бу көрсүһүү инники олохпутугар, үлэбитигэр, үөрэхпитигэр, Ийэ дойдуларын таптыыр, ытыктыыр, туруу үлэһит кэнчээри ыччаты иитиигэ төһүү күүс буоллун.

Ньургуяна Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы