Самаан сайыммыт күрэнэн, от-мас хагдарыйан көмүс күһүн араас элбэх бэлэхтэрдээх, өлгөм сир астаах, көмүс солотуулаах куоластаах бурдук үүнүүлээх, элбэх битэмииннээх оҕуруот астаах үөрэн-көтөн мичилийэн тиийэн кэллэ. Ол курдук балаҕан ыйын 15 күнүгэр И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар көмүс күһүҥҥэ аналлаах ”Уйгулаах көмүс күһүн” тэрээһин буолан ааста.
Оскуола үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, төрөппүттэрин, уопсастыбаннаһы түмэр “Атыылаа-атыылас” күһүҥҥү дьаарбаҥка ыытыллыбыта. Дьаарбаҥкаҕа үөрэнээччилэр, төрөппүттэр кылааска харчы киллэринэр сыалтан бэйэлэрэ астаммыт минньигэс бэйэлээх астарын, кэнсиэрбэлэрин атыылаабыттара. Кыттааччы кылаас (төрөппүт) турар сирдэрин күһүҥҥүлүү сиэдэрэйдик киэргэппиттэрэ көрүөххэ сүрдээх кыраһыабай көстүүлэммитэ.
Дьаарбаҥка быыһыгар эрдэ бэриллибит балаһыанньанан кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэр ыытыллыбыттара. Ол курдук, викторина, уруһуй, таайбараҥ, күһүҥҥү муода, күһүҥҥү букет күрэхтэрэ.
Түмүккэ, кыайыылаахтары араас көрүҥүнэн аттаран миэстэ таһааран наҕараадалааһын буолбута. Кыайыылаахтар минньигэс бирииһинэн, дипломнарынан наҕараадаламмыттара. Бука бары төрөппүттэр, оскуола үлэһиттэрэ, ыалдьыттар кэлэн кыттыыны ылан, дуоһуйа сынньанан, саҥаны эбинэн, ас арааһын атыылаһан үөрэн-көтөн тарҕаспыттара.
Күндү төрөппүттэрбитин, учууталларбытын, үөрэнээччилэрбитин, ыалдьыттарбытын өссө төгүл көмүс күһүн бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үтүөнү, үөрүүнү-көтүүнү, дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт!
Нюргуяна Хорунова, Сыырдаах орто оскуолатын иитэр үлэҕэ тэрийээччи