Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай хамсааһын тэриллибит күнүнэн 1922 сыл ыам ыйын 19 күнэ буолар. Бу күн Хомсомуол бүтүн Арассыыйатааҕы иккис кэмпириэнсийэтигэр дойду үрдүнэн пионердар этэрээттэрин тэрийэр туһунан быһаарыныы ылбыттар. 1924 сыл тохсунньу 21 күнүгэр пионерскай тэрилтэҕэ В.И.Ленин аата иҥэриллибит. Бу сыл сааһыгар “Пионерская правда” хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
Быйылгы үөрэх дьылыгар бу күн өрөбүлгэ түбэһэр буолан, И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолата субуота күн сарсыардаттан Үҥкүр алааска Саха сиригэр пионерскай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылын туолуутугар аналлаах тэрээһинин ыытта. Тэрээһиҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ, бука бары кэлэктиип уонна өр сылга үтүө суобастаахтык пионер баһаатайынан үлэлээбит бэтэрээммит А.Л. Неустроева ыҥырыллан кыттыыны ылла. Саха сирин пионериятын бэтэрээнэ билиҥҥи оҕо хамсааһынын кыттыылаахтарын, оскуола кэлэктиибин, ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ.
Бу тэрээһиҥҥэ оскуолабыт 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ полиция кылааһын аатын сүгэр дастабырыанньаларын улуустан кэлбит ыалдьыттарбыт ПДН инспектордара Александр Муруков, Наталья Николаева үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Тэрээһин үөрүүлээх чааһын кэннэ оҕолорго үгэс буолбут туризм оонньуута ыытылынна.
Түгэнинэн туһанан, пионер кэккэтигэр киирэн, кытыастар кыыһар хаалтыһы бааммыт, Ленин мэтириэттээх значогу иилиммит, барабаан, горн тыаhынан биир кэккэҕэ хаампыт пионердары уонна пионер баһаатайдары өссө төгүл истиҥник оскуолабыт кэлэктиибин, үөрэнээччилэр ааттарыттан эҕэрдэлиибит! Бука барыларыгар баҕарабыт чэгиэн туругу, иллээх-эйэлээх халлааны, тулалыыр эйгэҕэ тапталы, махталы!
Ньургуйаана Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы