Быйыл үтүөкэн, өҥ-быйаҥ сайын кэлэн ааста. Онон сүөһүгэ, сылгыга да кыстык үчүгэйдик саҕаланна диэххэ сөп. Ынах сүөһү хотоҥҥо алтынньыттан “хорҕойбута”. Ол аата, бэлэм аһылыкка киирбитэ үһүс ыйыгар барда. Онон кыстыкка хайдах киирии буолан турарын туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһиттэн Илья Ильинтэн ылбыт сыыппараларбынан билиһиннэрэн көрүүм.
Оттооһуҥҥа тиэрдиллибит былааны толорботохпут ыраатта. Быйылгы былаан балачча этэ – 33,478 т. Ону 34,145 т оттоон былаан 109% туолла. Онон кыстыгы уустуга суох туоруурга эрэл баар. Билиҥҥи туругунан, ынах сүөһү ахсаана 13, 284 төбө, сылгы 12, 500. Бачча сүөһүнү кыстатарга 30, 000 т от сөп буолар диэн ааҕаллар. Оччотугар оппут балачча дэлэй курдук. Билиҥҥинэн көрдөххө, от дэлэй курдук эрээри, кэнники кэмҥэ дьон сылгыны хото ииттэр буолла. Онон сылгы ахсаана эбиллэн иһэр. Аны иитии да уратылаах буолла. Билигин сылгыны хаһыыга ыыта сатаабакка, хаар түстэр эрэ хаайан туруоран аһатар идэлэннилэр. Оттон сылгыҥ оту биэрэриҥ тухары сиир.
От төһө да дэлэй диэтэрбит, ходуһалара кырыымчыгынан отторо тиийбэттэр син биир бааллар эбит. Ол курдук, Тандаҕа Николай Хомподоев курдук улахан хаһаайыстыбалаах бааһынай бэйэтигэр өлүүлэммит ходуһатыттан кыстыгы быһаарынар отун хайдах да булбат, сыллата эбии атыылаһар. Быйыл ходуһатыттан 400 т оттообут. Маны таһынан 700 т оту атын сиртэн атыылаһарга кэпсэппит. Оттон улуус саамай уһук олорор Түүлээх нэһилиэгэр икки сыллааҕыта улахан баһаарга ходуһаларын аҥаара умайбыта. Ол иһин быйыл эмиэ ыаллыы нэһилиэктэриттэн Бээрийэттэн от атыыласпыттар.
Урукку сопхуостар суох буолуохтарыттан тыа сиригэр ынах ахсаана лаппа аҕыйаан иһэр. Ыччат онно санаата сыппат буолан эрэр. Биһиги улууспутугар эмиэ ол баар кыһалҕа.
Оттон быйыл сүөһүбүт ахсаана хайдах буолуой, аччыа дуо диэн ыйытыыга улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһэ Илья Ильин маннык этэр:
”Билигин ынах сүөһү бачча көҕүрээтэ диэн чопчу этэр кыаллыбат. Улуус баһылыгын сэтинньи 25 күнүнээҕи дьаһалынан ынах сүөһү, сылгы ахсаанын ааҕыы саҕаланна. Бу ахсынньы 15 күнүгэр диэри бүтүөхтээх. Оччоҕо тохсунньу 1 күнүгэр бүтэһиктээх сыыппараны этиэхпит. Мин барыллаан ааҕыыбынан аччааһын баар курдук. Идэһэ өлөрүүтэ дьэ бүтэн эрдэҕэ дии. Ити эрээри сорох нэһилиэктэр сүөһүлэрин ахсаанын аччаппакка олороллор. Ол курдук Бэрт Ууһун нэһилиэгэр сүөһүбүт ахсаана былырыыҥҥыттан аччаабат диэн олороллор. Сылгы ахсаана улуус үрдүнэн элбиир туруктаах. Быйыл от баар диэннэр, «убаһаларбын иитэбин» диэччи элбэх».
Эбии аһылыгы тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар эрдэ хааччыммыттар. Онно ороскуоттарын уйунууга улуус көмөлөһөр эбит. Былырыын 300 тыһ. солк. көрбүт. Нэһилиэктэргэ ити боппуруоһунан тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, нэһилиэк дьаһалтата бэйэлэрэ дьарыктанар буолбуттара ырааппыт. Ол курдук уотурбаны, эбиэһи анаан дьарыктанааччылартан буланнар аҕалтараллар. Маны тэҥэ, “Мүрү-Агро” тэрилтэ олохтоох бурдук үүннэрээччилэртэн Дмитрий Илларионовтан, “Биэттэ-Агро” ХЭТ эбиэс атыылаһан наадыйааччыларга чэпчэки сыанаҕа биэрэр. Онон быйылгы кыстык этэҥҥэ баран эрэр диэххэ сөп. Кыһыммыт улаханнык тымныйа илик. Ити сылгыга табыгастаах буолуо.
Төһө да быйаҥнаах сайын аастар, сорох нэһилиэктэр кыараҕас сирдээх буоланнар, ходуһалара кыараҕас. Онон тиийбэт отторун булунарга көһөн оттуурга күһэллэллэр. Билигин олорор сиргиттэн 60 км тэйиччи баран оттуур буоллуҥ да, мобильнай биригээдэ быһыытынан көрүллэн көмө бэриллэр.
Быйыл улуус үрдүнэн 18 биригээдэ тэриллэн көһөн оттообуттар. Олорго төлөбүрдэрэ тиэхиньикэ уматыгынан бэриллэр эбит. Билигин сэлээркэ сыаната олус ыараабыт кэмигэр итинник ылар эмиэ табыгастаах курдук.
Эһиилги сайын эмиэ угут буолар чинчилээх. Үрэхтэр хойукка диэри сүүрдэ сытан бараннар, дьэ, тоҥон эрэллэр. Онон аны саас элбэх уу кэлэн үрэхтэри, күөллэри толороро буолуо. Онно сайына быйылгы курдук буолан биэрдэр, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар быйаҥы сомсуо этилэр. Ол, биллэн турар, сүөһүнү дэлэтиигэ улахан төһүү буолуо этэ.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата сүөһү иитээччилэргэ көмөтүн улаатыннаран иһэр. Ол курдук, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бу күннэргэ үүтү туттарыы иһин 1 киилэҕэ көрүллэр субсидияны 60 солк. 65 солк. диэри, кэтэх сүөһүлээхтэргэ ыанар ынахтарын төбөтүгэр бэриллэр харчыны 37 тыһ. солк. – 39 тыһ. солк. диэри улаатыннарарга этии киллэрдэ. Маны Ил Түмэн дьокутааттара өйөөннөр, кэлэр сыл бүддьүөтүттэн үп тыырыллар буолла.
Быйыл даҕаны ынах сүөһүбүт ахсаана аҕыйыыр чинчилээх. Көмө баарын үрдүнэн итинник көстүү син баар буола турар. Уус Алдан улууһа ХХI үйэҕэ үктэнээри туран, 2000 сыллаахха 23,218 ынах сүөһүлээх этибит. Онтон күн бүгүн 13 289 сүөһүлээхпит. Ааспыт сүүрбэччэ сыл иһигэр 10 тыһ. сүөһүбүтүн суох оҥордубут. Бу көстүүнү тохтоторго саҥа хайысхалары тобуларга сорук туруон наада буолбут. Промышленность суох улууһугар тыа хаһаайыстыбата чэчириирэ олохпут кэскилэ буоллаҕа. Бэйэбит сүөһүбүт суох да буоллаҕына, атын сиртэн бороһуок үүтү киллэрэн астыахтара. Оттон ол бэйэбит оҥорон таһаарбыт үүппүтүгэр-эппитигэр тугунан тэҥнэһиэй?
Афанасий Копырин