Балаҕан ыйын саҥата Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо арыллыбыт байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар аналлаах саҥа сквер арыллан турар. Сквер сүрүн идеятын арыйар, дириҥ ис хоһооннуур улуус чаҕылхай ыччата, хорсун хамандыыр Василий Даниловка пааматынньык буолар.
Өстөөҕү кытта кырыктаах киирсии кэмигэр бойобуой доҕотторун, ол иһигэр саха мобилизованнайдарын быыһыы сылдьан сырдык тыына быстыбыт Василий Данилов сырдык аатын үйэтитэр элбэх үлэ ыытыллар.
Саха сирин бүттүүнүн киэн туттуута буойуну Дьокуускайга патриотическай муралга уруһуйдаатылар, «Я в тылу не останусь» кинигэ суруллан бэчээккэ бэрилиннэ. Республика салалтата уонна общественниктар саха хорсун буойунугар «Россия Геройа» ааты иҥэриини туруорсуулара салҕанар.
Василий Бороҕон сэлиэнньэтигэр оҕо буолан сүүрбүт-көппүт хонуутугар, сөтүөлээбит, балыктаабыт күөлүн аттыгар биир дойдулаахтарын сүгүрүйэр бэлиэлэрэ таас өйдөбүнньүк-пааматынньык буолла. Ааптардар толкуйдарынан, Василий ахтылҕаннаах дойдутугар эргиллэн, уһун, сылаалаах айантан сынньана олорор. Ол олорон арааһы эргитэ саныыра хараҕар көстөргө дылы. Онно баар төрүт сиргэ эргиллии үөрүүтэ, онно баар эдэр киһи араас ыараханы, алдьархайы көрбүт, бойобуой доҕотторун сүтэрбит аһыыта, күн сиригэр кылгастык олорор дьылҕатын хомолтото…
Худуоһунньук-скульптордар Петр Эляков, Владислав Бурцев уонна Владимир Левин сыл аҥарыттан ордук кэм устата үйэлээх таастан саха саллаатын чочуйан таһаардылар.
Уустар чааһынай дьиэ гарааһыгар баар мастарыскыайдарыгар мустан саҥа үлэлэрин былаанныы сылдьалларыгар түбэһэ кэлбитим. Кинилэр саха суруйааччыта В.Е.Васильев-Харысхал пааматынньыгын саҕалаан айар үлэ ухханыгар сылдьаллара.
Пааматынньык ааптардара үһүөн худуоһунньуктар. Тааттаттан төрүттээх Петр Эляков бэйэтин кэмигэр Дьокуускайдааҕы уруһуйдуур-дьүһүннүүр училищены бүтэрбит. Уус Алдаҥҥа төрөөбүт, улааппыт Владислав Бурцев уонна Амма талааннаах уола Владимир Левин Намнааҕы педагогическай училище выпускниктара. Кэлин тааска сыстан скульптор быһыытынан үлэлии сылдьаллар. Бэйэлэрин норуот скульптордарабыт диэн ааттаналлар.
Саха сирин араас улууһугар 30-ча айымньылара дьэндэстилэр. Ол курдук, Лөгөй, Маҋаҕатта Бэрт Хара курдук сүдү дьону, айылҕа мааны кыылларын, таастан уран айымньылары айан таһааран үйэлэргэ хааллардылар. Элбэх үлэлэрэ Амма Солобуодатыгар анаммыта. Бу сайын ыраах Эбээн Бытантайга саха оҕуһугар таас өйдөбүнньүк оҥорон кэлбиттэр. Сакаасчыт быһыытынан биир үксүн нэһилиэк, улуус дьаһалталара тахсар эбиттэр. Маастардар биирдиилээн да дьону кытта үлэлэһэллэр. Владимир Левин остуолга турар сувениры, сахалыы тыыннаах өйдөбүнньүк бэлэҕи эмиэ бэркэ табан оҥорор. Кини уран оҥоһуктарын Ил Дархан элбэх үрдүк сололоох ыалдьыкка утары уунан турар. Ол бэлэх Саха сирин сирэйдээн араас регионунан, тас дойдунан тарҕаммыт.
Уус алданнартан Василий Данилов пааматынньыгын оҥорор үлэ киирбитигэр балачча толкуйга түспүттэр. Бу иннинэ СВО кыттыылааҕын үйэтитэр үлэҕэ ылса иликтэр эбит. Уустуктартан биирдэстэрэ аныгы сэрии сэбин, саллаат экипировкатын оҥоруу буолбут.
Е.М. Ярославскай аатынан музей дириэктэрэ Николай Бугаев экспонаттартан байыаннай бронежилеты уларсан улаханнык өйөөн турарын кэпсээтилэр. Карабины интернеттэн көрөн үөрэппиттэр. Петр Эляков СВО кыттыылааҕа уолун бэрчээккэтин, берцытын үтүгүннэрэн оҥорбуттар. Василий саха эр киһитэ буоларын быһыытынан быһахтаах буоллун диэн буолбут. Сахатын быһаҕа анал харысхаллааҕа эмиэ бэлиэ көстүү.
Аан бастакы макекка Василий элбэх бойобуой доҕорун быыһаабыт, өстөөх уотуттан хостообут геройдуу быһыылара сүрүн сюжет буолбут. Буойун күүстээх санныгар бааһырбыт саллааты сүгэн турар уобараһа этэ. Ол эрээри Василий аймахтарын кытта сүбэлэһии кэннэ саҥа макекка уларыппыттар.
Оҕобут барахсан үйэ-саас тухары ыарахан сүгэһэрдээх туруо дуо, кута дойдутугар эргиллэн чэпчэкитик, сынньалаҥнык сылдьара ордук диэн сөптөөх санаа баһыйбыт.
Пааматынньыгы кыһын тымныыга Петр Эляков дьиэтигэр көһөрөн киллэрэн үлэлээбиттэр. Эдэр сааһыгар өстөөҕү кытта хабыр хапсыһыыга сырдык тыына быстыбыт киһини тааһынан айан-чочуйан таһаарыы, биллэн турар, сүрэҕи, санааны баттыыр, санньыар турук, ону кэккэ уһулуччу эппиэтинэс буоллаҕа. Элбэх толкуй уонна мөккүһүүлээх да түгэннэр кэннэ маастардар дууһаларын ууран туран үлэлээбиттэрэ айымньыларыгар тута көстөр. Улахан үлэ түмүгэр айыллан тахсыбыт Василий тааһынан уобараһын чугас дьоно, биир дойдулаахтара долгуйа ылыннылар, махтаннылар.
Скульптордар уол уҥуоҕун-иҥиэҕин анаан үөрэппиттэр. Кинилэр табыллар быаларыгар, Василий биир дойдулааҕа, маастардартан биирдэстэрэ Владислав Бурцев байыаннай уолга уһун уҥуоҕа, сирэйин быһыыта, дьүһүнэ майгынныыр буолан биэрбит. Онон Владиславы элбэхтик туһаммыттар.
Скульптура сүрүн матырыйаала – бетон. Уопсайынан, кэнники сылларга пааматынньыгы оҥорорго саҥа матырыйаал элбээбитэ үйэтитии боппуруоһугар олус көмөлөөх буолла.
Пааматынньык оҥоһулларыгар Василий кэргэнэ Нарыйаана, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Марина элбэхтик кэлэн билсэ турбуттар, көмө буолбуттар. Биир күн үүт-үкчү аҕатын курдук Василий улахан кыыһа Дайаана кэлсибит. Алтатын саҥа туолбут кыра киһи пааматынньыгы алларааттан көрөн турбут уонна: «Мин паапабар майгыннаабат», – диэн бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр киһи буолан биэрбит. Ол кэннэ скульптордар пааматынньыгы алларааттан көрүүгэ Василийга майгыннатыыга үлэлэһэн барбыттар.
Үс скульптор үһүөн эһэлэрэ, абаҕалара Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ уонна СВО-ҕа сылдьар чугас аймахтаах буоланнар, бу үлэни уратытык ылынан туран оҥорбуттар. «Василий чэпчэкитик табылынна», – дииллэр. Ол аата уол санаата ыраас, майгыта көнө диэн сыаналыыллар. Айар үлэҕэ араас түгэн баар буолар. Нүһэр, ыарахан салгыннаах киһи түбэһэн үлэ атахтанара, бытаарара эмиэ баар.
Саха талба талааннара Петр Эляков, Владислав Бурцев уонна Владимир Левин СВО Геройа, хорсун быһыы, модун санаа символа буолбут хамандыыр, разведчик Василий Даниловы сырдык аатын, ыраас мөссүөнүн үйэтитэр улахан суолталаах үлэҕэ сүҥкэн кылааттарын иһин Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын, улуус бары олохтоохторун, кэргэнин Нарыйаана, оҕолоро Дайаана, Сайнаара, аймах-билэ дьоннорун, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарын уонна чугас доҕотторун ааттарыттан барҕа махтал буолуохтун! Айылҕа маанылаан анаабыт талааҥҥыт арылла турдун, өссө даҕаны элбэх үйэлээҕи айа-тута сылдьыҥ!
Виктория Контоева