СВО байыастарыгар таҥас тигии салҕанар

Бу күннэргэ «Россия ийэлэрэ» хамсааһын Уус Алданнааҕы салаата уонна улуустааҕы психологическай киин үлэһиттэрэ нэһилиэктэринэн дьахталлар түмсүүлэригэр хааллартаабыт нэмиэттэринэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар таҥас тигиитэ саҕаланан, улууспут дьахталлара көхтөөх кыттыыны ылан эрэллэр.

Ол курдук өнөрдөр плащ-палатка тигэн саҕалаабыттар, ону тэҥэ «Биэс харах» харысхал ойуулаах бэйэ тигии кыра мөһөөччүктэргэ кылынан тымырдаайы, браслет, бөрө аһыыта харысхаллары, дойдубут эмтээх отторун укпуттар.

Оттон Дүпсүн дьахталларын түмсүүлэрэ Елизавета Алексеева көҕүлээһининэн Дьокуускайга Короленко уул. 6 -с N-гэр баар волонтердар штабтарыгар икки дьааһык блиндажнай чүмэчини, сэттэ индивидуальнай маскировочнай сетканы илдьэн туттардылар.

Саргылаана Никитина