Сурутуу: хаһыаты үлэҕэр тиэрдэбит

Бүгүҥҥү күҥҥэ сонуннары ааҕарга социальнай ситимнэр ордук тоҕоостоох эбит буоллахтарына, хаһыат суолтата күн-түүн өссө улаатар. Тоҕото судургу – хаһыат үйэлэргэ архыыпка хаалар, бибилэтиэкэлэргэ харайыллар таһаарыы. Уон да, 50 даҕаны сыл ааспытын кэннэ, оччотооҕу үлэни-хамнаһы, буолбут быһыыны-майгыны, ийэҥ-аҕаҥ туһунан суруйуулары булан ааҕыахха сөп.

Оттон социальнай ситимҥэ 10 сыл анараа өттүгэр тахсыбыты булар уустук буолуо. Аны чахчылаах информация туһунан саныахха. Батсаапка, онтон да атын ситимҥэ күн устата буолунай кырдьык-сымыйа иһитиннэриини булан ааҕыахха сөп. Ол эрээри, ол кырдьыктаах буоларын ким да билбэт. Оттон судаарыстыбаннай хаһыакка сымыйа сураҕы бука булан аахпатыҥ чахчы.

Бу күннэргэ улуус хаһыатыгар чэпчэ­тиилээх сурутуу буола турар. Онон эн, ааҕааччы, бу түгэни мүччү туппакка, төрөөбүт улууһуҥ үйэлээҕи, чахчылааҕы кэпсиир соҕотох хаһыатын ааҕар кыахтаныаххар тоҕоостоох кэм. Бу чэпчэтии эрэдээксийэттэн кэлэн ылыыга ыытыллар. Ол аата хас бээтинсэ аайы хаһыаккын эрэдээксийэттэн кэлэн ылаҕын. Оттон эн тэрилтэ үлэһитэ буоллаххына, тэрилтэҕитигэр 5 элбэх киһи хаһыаты суруппут буоллаҕына – хаһыат тахсыбыт күнүгэр үлэҕэр тиэрдэн биэрэрбит туһунан иһитиннэрэбит.

Маннык тиэрдиини улуустааҕы култуура, үөрэхтээһин, бибилэтиэкэ, полиция, улуус дьаһалтатын, о.д.а. тэрилтэлэр үлэһиттэрэ хаһыс да сылын туһаналлар.

Алтынньы 16-26 күннэригэр «Мүрү саһарҕата» хаһыаты эрэдээксийэттэн ылыыга ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ СУРУТУУ күннэрин куоттарыма.

Биир сылга сурутуу сыаната – 1260 солк., 6 ыйга – 630 солк., 1 ыйга – 105 солк.

Аадырыспыт: Бороҕон сэл., Ленин аат. уул. 34/1 N-рэ. Билсэр төлөпүөҥҥүт 8 962 735-23-27 (үлэ күннэригэр) эбэтэр эрэдээксийэ үлэһиттэригэр быһа тахсан сурутуоххутун сөп.

Кырдьыктаах сонуну тарҕатар, историяны үйэтитэр УЛУУСПУТ СОҔОТОХ ХАҺЫАТЫН чэпчэтиилээх сыананан сурут, аах, сэргээ!

 Наталья Попова, кылаабынай эрэдээктэр

Читайте дальше