Хаһыатчыттарга сыл түмүгэ ордук эппиэттээх, саҥа сыл былаанын торумнуур кэм. Хайа баҕарар үлэ хайысхатыгар былаан түһэрин курдук, биһиэхэ хаһыат тираһыгар былаан түһэриллэр. Быйылгы сылга ол ахсаана – 900. Почтанан сурутуу ахсаана – 589, редакциянан сурутуу – 230, атыыга барар хаһыат – 90 уонна сигнальнай таһаарыыга 60 устуука хаһыат суруллан, хаһыат уопсай ахсаана 969-ка тэҥнэстэ. Онон түһэриллэр былаан сыл аҥаардааҕы соругун толордубут.

Быйылгы сурутууга көхтөөх кыттыыны ыларга улуус баһылыга Василий Аммосов дьаһала тахсан, ол чэрчитинэн балай эмит үлэ барда. Улуустааҕы үөрэхтээһин, культура управлениелара, бибилиотека, социальнай көмүскэл, полиция, “Мүрүчээнэ”, Тулунатааҕы “Татыйык” оҕо саадтара, хореографтар улуус­тааҕы ассоциациялара (сал. Ульяна Ноговицына), Орто Эбэ оскуолатын кэлэктииптэрэ, о.д.а. сылын аайы кэлэктиибинэн сурутар үгэс­тэрин тумнубатылар. Аҕыйах сылтан бэттэх бэтэрээҥҥэ сурутуу үгэһэ олоххо киирдэ. Үөһээ ахтыллыбыт тэрилтэлэр бэтэрээннэргэ сурутууну сылын аайы ыыталлар, ол эрээри бу сылга өссө эптилэр. Онон аахсыйаларбытыгар кыттыбыт, хаһыаты өйүүр дьоммутугар барыларыгар “Мүрү саһарҕата” кэлэктиибин аатыттан махтанабын.

Түмүкпэр бэчээт эйгэтигэр үлэлиир кэл­лиэгэлэрбитин, уопсастыбаннай кэрэспэ­дьиэннэри, бары суруналыыстары, ытыктыыр бэтэрээннэрбитин Бэчээт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Эһиги маастарыстыбаҕыт, идэҕэ бэриниигит, кыһамньыгыт инникитин даҕаны саха суруналыыстыкатын уонна бэчээтин нэһилиэстибэтин чөл хаалларыыга туһаа­йыллыаҕа диэн эрэнэбин. Сахалыы бэчээт, сурук үйэлэргэ сайда турдун!

Наталья Попова, кылаабынай эрэдээктэр

Читайте дальше